Салгын уоспата (ветрянка)

30.04.2018
Бөлөххө киир:

Оҕо уһуйааннарыгар кырачааннар салгын уоспатынан (ветрянка) ыалдьаллара бэлиэтэнэр.

edersaas.ru

Бу ыарыы туһунан Дьокуускай к. 1 №-дээх поликлиникатын ыарыыны сэрэтиигэ отделениетын сэбиэдиссэйэ Ефросинья Дьячковская кэпсиир.

– Салгын уоспата (ветрянка) – сыстыганнаах ыарыы. Боростуой герпес салгын уоспатыгар тириэрдэр вируһа тирии килиэккэлэрин уонна салыҥнаах бүрүөнү айгыратар.

Салгын уоспата – оҕо ыарыыта. Ол гынан баран, оҕо сылдьан ыалдьыбатах улахан дьон эмиэ сыстыахтарын сөп.

Салгын уоспатынан урут ыалдьыбыт дьон ыарыыны утарылаһар күүстэрэ (иммунитет) улахан.

Хайдах бэриллэрий?

Инфекция ыарыһах дьонтон салгынынан доруобай, ыалдьа илик оҕолорго бэриллэр. Вирус салгыны ыраастыыр систиэмэлэргэ уонна этээстэн-этээскэ түһэр-тахсар кирилиэстэргэ салгын киирэригэр чэпчэкитик тарҕанар. Оҕо ыарыһаҕы кытта (оҕо саадыгар, оскуолаҕа, тырааныспарка уо.д.а. уопсастыбаннай миэстэлэргэ) алтыстаҕына, ыалдьар кыаҕа улахан.

Бастакы бэлиэлэр:

Оҕо тириитигэр прыщик тахсан баран, түргэнник улааттаҕына;

– Тутан көрдөххө кытааппыт курдук уонна уулаах курдук буоллаҕына;

– Эбиитин итинник ымынах эккэ барытыгар тарҕаммыт буолуон сөп;

– Прыщиктар оҕо илиитигэр уонна атаҕар, иһигэр, көхсүгэр тарҕаммыт буоллахтарына.

Оҕо, төһө да кыраадыһа тахсыбатаҕын иһин, сэниэтэ суох буолар, ытыы сылдьар, куһаҕаннык аһыыр, хотуолуон сөп.

Бу бэлиэлэр бастакы ымынах тахсыар диэри биллиэхтэрин сөп. Оҕо төһө да доруобай курдук сылдьыбытын иһин, ымынах эмискэ тахсан кэлиэн сөп.

Ымынах олус түргэнник элбиэн эбэтэр хас да күн устата бытааннык тарҕаныан сөп. Быраабыла курдук, ымынах тута буолбакка, 3-8 күн устата “бытыгырыан” сөп.

Ымынахтар сүттүлэр да, тута интоксикация, кыраадыс тахсыыта тохтууллар.

Оҕолор үксүгэр ыарыыны эмтэнэн аһараллар. Ол гынан баран, ардыгар сорохторго хаалан хаалыан уонна кэлин модьуун курдук тирии ыарыытын көбүтүөн сөп.

Эмтэнии

Салгын уоспатыгар ылларбыт киһи ыалдьыаҕыттан 9 күн устата дьоҥҥо чугаһыа суохтаах.

Быраабыла быһыытынан, ыарыһах дьиэтигэр эмтэниэхтээх. Ыалдьар оҕо туругун чэпчэтэр туһуттан кыраадыс түһэрэр эмтэри биэрэллэр, этигэр тахсыбыт хабахтары зеленканан сотоллор. Этэ-сиинэ кыһыйбатын диэн антигистаминнай препараттары биэрэллэр. Ыарыыттан үтүөрүү биир дьоһуннаах өрүтүнэн гигиенаны тутуһуу буолар.

Ыалдьыбыт оҕо дьиэтигэр сылдьар кэмигэр 6-7 күн устата оронтон туруо суохтаах, утуйар уонна кэтэр ис таҥаһын төһө кыалларынан сотору-сотору уларытыллыахтаах. Элбэх ууну иһиэхтээх, сүрүннээн үүттэн оҥоһуллубут хааһыны, ньыһыллыбыт оҕуруот аһыттан пюрелары, ньыһыллыбыт фрукталары сиэхтээх.

Харыстаныы

Сэттэтигэр диэри саастаах, ыарыһаҕы кытары хантаактаһа сылдьыбыт уонна урут ыалдьыбатах оҕолор оҕо тэрилтэтигэр, сонотуоруйдарга сылдьыа суохтаахтар.

Салгын уоспатын утары сэрэтэр быһыылары (эпидемиологическай көрдөрүүлэринэн) АХШ-ка, Японияҕа уонна Европа кэккэ дойдуларыгар биэрэллэр.

Надежда ЕГОРОВА, Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0