Вера Никулина: «Север» бырайыак сыаналаммытыттан олус үөрдүм!
Билигин сибээс ханна даҕаны үчүгэйдик үлэлиир, онон биир чаас анараа өттүгэр «Эдэр саас» саайтка тахсыбыт эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы, аан дойду таһымнаах биэс научнай-үөрэтэр киин талыллыбытын туһунан матырыйаалы дьон ааҕа охсубут.
Ол курдук, биһиэхэ ыраах Абыйтан Вера Никулина төлөпүөнүнэн эрийэн маннык эттэ:
– Эһиги саайткытыгар Уһук Хоту дойдуга сыһыаннаах иһитиннэрии тахсыбытын ааҕаммын олус үөрдүм. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев уонна Камчатка кыраайын губернатора Владимир Солодов киллэрбит бырагыраамалара, «Хоту дойду: бигэтик сайдыы территорията» Научнай-үөрэтэр киин (НОЦ) Арассыыйа Федерациятын аан дойду таһымнаах 15 научнай-үөрэтэр киинин кэккэтигэр киирбит! Дойду үрдүкү салалтата хоту дойдуга болҕомтотун уурара олус үчүгэй. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтата хотугу улуустары сайыннарыыга чахчыта даҕаны күүскэ үлэлэһэр, оттон билигин бу бырыайыкка тирэҕирэн, ол үлэтин-хамнаһын өссө сайыннарыа-күүһүрдүө диэммин эрэнэбин.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru