Вениамин Баишев — эбээн удьуор табаһыта, «Томпо» ТХПК 1-кы №-дээх ыстаадатын биригэдьиирэ. Кинини Дьокуускайга быстах кэмҥэ доруобуйатын көрдөрүнэ, бөҕөргөтүнэ кэлэ сырыттаҕына көрсөн сэһэргэстим. «Миигин табаларым күүтэллэр», — диэн куорат таас дьиэтигэр тыына-быара хаайтарбыт хотугу хоһуун дойдутун, айылҕатын ахтыбытын биллэрэн, тыл быктарда.
Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Табаһыт буолан төрөөбүт
Кини 1981 с. хайа күн Тополинай орто оскуолатын аанын сабан тахсыаҕыттан ыла, икки сыл аармыйаҕа сулууспалаабытын аахсыбатахха, таба иитиитин салаатыттан харыс халбарыйбатах. «Табаһыт буоларга ананан төрөөбүт киһибин: эһэм, аҕам табаҕа үлэлээбиттэрэ. Онон атын суолу талар туһунан санааҕа даҕаны суоҕа», — диир эдэр-сэнэх сааһын бүтүннүү хоту дойду маанылаах кыылын дэлэтиигэ анаабыт Вениамин Григорьевич.
Аҕата Григорий Михайлович Баишев табаһыттыы сылдьан, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэн зоотехник идэтин ылан, салгыы үлэлээбит. Хомойуох иһин, эдэр сааһыгар оһолго былдьаммыт эбит. Киниттэн соҕотох уол уонна икки кыыс хаалбыттар. Эһэтин аатын сүгэр Григорий билигин аҕатыгар уҥа илиитэ, туйах хатарааччыта, биригэдьиири солбуйааччы сололоох тутаах табаһыттара.
Вениамин Григорьевич уолун сэргэ үс кыыстаах. Кыргыттар табаҕа сыстыбатылар, ыал-күүс буолан Санкт-Петербурунан, Дьокуускайынан олохсуйан эрэллэр. Кэргэнэ, улахан дьиэ кэргэн далбар хотуна Айталина Иннокентьевна эдэр сылдьан ыстаадаҕа үлэлээбит, билигин кэпэрэтиипкэ каадыр салаатыгар үлэлиир. Онон Баишевтары табаһыт дьиэ кэргэн диэххэ сөп. Өрөспүүбүлүкэ дьиэ кэргэттэрин куоталаһыытыгар 2001 с. иккис миэстэҕэ тахсаннар, «Көс дьиэ кэргэн” аатын ылан тураллар.
Сүрүн сорук — табаарынайга талаһыы
Вениамин Григорьевичтыын кэпсэтиибит сыыйа хаһаайыстыба күннээҕи үлэтигэр-хамнаһыгар иэҕиллэр. “Томпо” производственнай кэпэрэтиип барыта 8 ыстаадалааҕыттан саамай улаханнара — 1-кы №-дээх ыстаада. Атын ыстаадалар 500-түү, муҥутаан 800-түү табалаах буоллахтарына, Баишев ыстаадата саҥа сылга 1285 табалаах үктэммит. Өссө элбэх буолуоҕун Саҥа дьыл иннинэ 170 төбөнү чааһынай общинаҕа атыылаабыттар, эккэ 69 төбөнү туттарбыттар.
“Таба ахсаанын эбэр дьүккүөрдээхпит, — диир биригэдьиир. — Кэпэрэтиип үрдүнэн биһиги эрэ табаарынайбыт”. Вениамин Баишев бу ыстаадаҕа 1996 с. биригэдьиир буоларыгар 943 табаны туппут. Онтун үтүө дьылларга муҥутаан 2 тыһыынчаҕа, өссө чааһынайдыын 2400-чэҕэ тиэрдэ сылдьыбыт. Кини аан маҥнай өссө 1993 с. ыччат табаны төлөһүтэр ыстаадаҕа биригэдьииринэн ананан үлэлии сылдьыбыт. Сопхуоһугар бас тыыр эбит. Ол уопутун билигин даҕаны туһанар. Арай, үп-харчы кырыымчыгынан уотурба аҕыйаҕа харгыстыыр.
Ааспыт сыл түмүгүн көрдөххө, улахан табаны чөл иитии 85,9, тугут төрүөҕүн тыыннаахтыы ылыы 43,3 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит. Сылы 169 төбө сүтүктээх туораабыттар. Ити өлүү, сүрүннээн, саас-сайын эһэ-бөрө саҥа төрөөбүт тугут этинэн эмсэхтэнэллэриттэн тахсыбыт. Инньэ гынан уопуттаах табаһыт “таба аҕыйыыр сүрүн төрүөтэ — бөрө аһара элбээбититтэн” диэн этэрэ оруннаах: дьаат бобуллан, адьырҕа дэлэйиэҕиттэн таба ахсаан өттүнэн өрүттэ илик.
Ыарыы кыайтарда, адьырҕа бэриммэт
Урукку сылларга сайын атахсыт ыарыы туран, ыстааданы ыстааданан эһэ сыһара. “Учуонайдар үчүгэй вакцинаны айаннар, табалар ыалдьыбат буоллулар”, — диир. Куйуктаны эмиэ кыайа тутар буолбуттар. Быйылгыттан сотууну уонна атахсыты утары холбуу биир быһыыны биэриэхтээхтэрин кэтэһэр. Бу ыстаада табаларыгар бэтэринээрийэ департаменыттан Иван Винокуров икки сыл үлэлээн, үчүгэй түмүккэ кэлэн эрэриттэн үөрэрин биллэрэр.
Онон табаҕа уонна табаһыкка саамай кутталлаах өстөөх бөрө эрэ хаалбыт. Вениамин Григорьевич табаһыттар ыксаан сурдары бэйэлэрэ кытта сонордоһор буолбуттарын этэр. Бэйэтэ сыл ахсын биири-иккини дьууктуур эбит. Ону ыттарын бөрөҕө барар гына иитэн-үөрэтэн ситиспит. “Бөрө үөскүү сатаан баран, икки көрүҥҥэ арахсар буолла: биирэ — бөһүөлэк таһыгар, иккиһэ — тэйиччи сылдьар. Мантан чугас сылдьааччыта олус өйдөөх уонна кутталлаах. Бөртөлүөт көтөн иһэрин иһиттэллэр эрэ хаар га-хаспахха эбэтэр хойуу мастаах тыаҕа киирэн саһаллар. Өссө тиити кууһан баран, киһи хараҕар таба көстүбэт гына, эргийэн биэрэллэр”, — диэн кэпсиир.
Күн бэҕэһээ хаһаайыстыба салайааччыта Николай Лебедев Ми-2 бөртөлүөтү көтүтэн баран, кураанах төннүбүт. Дьиҥэр, биригэдьиир ааҕарынан, бөһүөлэк таһыгар алта, ыстаадаҕа биэс үөрдээх итиэннэ тус-туспа үс уонна соҕотох буолан сылдьар бөрөлөр бааллар. Вениамин Григорьевич сопхуос саҕана бөртөлүөт бөһүөлэккэ кэтэһэн олорон, ыстаадаларга көтөрө астаах буоларын ахтар. Билигин соҕотох көтөр аал баара Өймөкөөн Томторуттан икки чааһы быһа көтөн кэлиэр диэри сурдар суоллара сойор, ол иһин таба туттарбаттар. Үксүгэр бэлэмэ суох эмискэ көтүү буолар. Онон, харчыны тыалга ыһар курдук буолан тахсар, көдьүүһэ суох.
Балаакка олоҕо ыччаты умсугуппат
Сопхуос саҕанааҕы табаһыттар үлэлээн-хамнаан кэлбит үгэстэринэн, этиммэт-муҥатыммат идэлээхтэр. Ол гынан баран, аныгы сайдыы хаамыытынан уонна солбук туһунан саныыр буоллахха, сылаас, сынньалаҥ, тупсаҕай олох туһунан толкуйдууллара баа буолбатах. Баишев биригээдэтигэр биир эмит сүүрбэччэлээх, отуччалаах уолаттар үлэлии кэлэллэр. Үлэһит илии, эдэр солбук ханна даҕаны тиийбэт. Ыстаадаҕа ыччат баҕа өттүнэн күргүөмүнэн үлэлии тахсыаҕын олох-дьаһах ыарахана атахтыыр. Кыһыннары-сайыннары балаакканан көһө сылдьаллар. Хайа ийэ-аҕа бөһүөлэк толору хааччыллыылаах дьиэтиттэн оҕотун тымныыга анньыан баҕарыай.
Вениамин Григорьевич ахтарынан, уонтан тахса сыллааҕыта тендергэ кыайбыт дойду сир дьоно табаһыттарга анаан хас эмит мөлүйүөнүнэн харчыга тупсаҕай базаны тутарга туруна сылдьыбыттар. Ол хараҕы баайан хамсаныыттан биир дьиэ кураанах көҥдөйө уонна хараалга анаан тутуллубут күрүө эрэ туран хаалбыттар. Хамыыһыйа ол бүтэйи бырайыактан туораан (таба дэҥнэммэт гына төгүрүк буолуохтааҕын от күрүөтүн курдук сахалыы туппуттар), сыыһа оҥоһуллубут диэн туппатах. Онон, билигин харчыта да суох, тутуута да суох.
Ил Дархан дьаһалынан сылгыһыттарга быйылгыттан мөлүйүөннээх базалар тутуллар буоллулар. “Табаһыттарга эмиэ маннык дьаһал ылыллара буоллар, — диэн баҕа санаатын быктарар. — Биһиги табаларбытын батыһан, көһө сылдьабыт гынан баран, муус устарга, ыам ыйыгар төрүөх саҕана тохтуурга уонна кыһын тымныыга оло рорго анаан баанньыктаах, сылаас, тупсаҕай дьиэлэри, өссө таба күһүҥҥү ыйдарга тэллэйи батыһан ыһыллыбат гына үрүйэлэри быһыттаан күрүө тутар буоллар, табаҕа эдэр дьон кэлиэх этилэр. Аныгы үйэҕэ туох-ханнык иннинэ социальнай өттө көрүллүөх тустаах”.
Үлэҕэ көҕүлээбэт эргэ “үгэстэр”
Вениамин Баишев биригээдэтигэр бэйэтиниин биэс табаһыттаах, биир чуум үлэһиттээх. Хайалаах-ойуурдаах зонаҕа урут 800 табаҕа 13 киһи үлэлээн хамнас аахсара. Билигин 1300-чэ табаҕа итиччэлэр эрэ. Атыттар курдук 500-600-чэ табалаахтара буоллар, син даҕаны этэ. Табаҥ элбэх буоллун, аҕыйах буоллун — биригээдэлэр бары тэҥ хамнастаахтар. Үөһээ тойоттор-хотуттар отчуоттуулларын курдук, табаһыкка 22 тыһ. солкуобай хамнас ааҕыллара нолуокка тутуллан, 16800 солкуобайы илиитигэр ылар.
Министиэристибэ салайааччыларыгар этэн көрбүттэрин “табаҕыт элбээбит буоллаҕына, атын ыстаадаларга биэриҥ” дииллэр үһү. Оччоҕуна тоҕо элбэтэр туһугар сыралаһаллар диэн сиэрдээх ыйытыы үөскүүр. Астаах өттүгэр интэринээт оҕолорун курдук тэҥниир буоллахтарына, эппиэтинэскэ кэллэххэ уларыйаллар эбит. “Таба туһата суох өлүүтэ” диэн ыстатыйа баар. Элбэх табалаахтан сүтүгү харчытыгар таһааран, көҕүрэтэллэр. Оттон аҕыйах табалаах ыстаада төһө даҕаны сүтүктэннин, ылаллара суох буолан, тыытыллыбат. Дьэ, дьикти арифметика диэтэҕиҥ. Ол кэннэ мөлтөҕү хайдах өрө тардыаххыный, үлэһит дьону өссө үрдүк кирбиилэргэ хайа сирэйгинэн көҕүлүөххүнүй.
Табаһыт көлөтүн бэйэтэ булунар. Бастакы ыстаада бастаабытыгар 2014 с. Томпо улууһун дьаһалтата “Буран” көлөнөн бириэмийэлээбит. Ону куоракка аҕалан өрөмүөннэппитин илдьэ бараары сылдьар. Билигин хаарты хараҕын курдук буолла: ким табаны сырыһыннаран кыайбыт — ол көлөлөнөр. Куһаҕан — үчүгэйдээх. “Эбээн таба көлөлөөх. Биһиги уучахпытыттан тэйэ иликпит. Ол аата табабытыгар чугаспыт”, — диэн кэпсэтиибитин түмүктээтэ СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн Хайҕал суруктаах, Социалистическай Үлэ дьоруойа Василий Кладкин салалтатынан 19 сыл үлэлээбит чулуу табаһыт Вениамин Баишев.
Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru