“ВЕКТОР-Бест” институту төрүттээбит саха учуонайа Алексей Аммосов Новосибирскайга олорор (видео)
“Коронавируска (Covid-19) ылларбыт киһи анаалыһын Новосибирскайга ыытан бигэргэтэллэрин истэбит.
Бу олус эппиэтинэстээх дьыаланан, ыарыыны, вируһу билэр прибордары оҥорор, разработкалыыр “Вектор-Бест” институт дьарыгырар.
Бу институту саха уола, Чурапчы улууһун 2-с Мэлдьэхсититтэн төрүттээх Алексей Дмитриевич Аммосов төрүттээбитэ уонна бастакы дириэктэрэ буолбута. Кини быар ыарыытын быһаарар хас да тесты, прибору оҥорон, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата буолбута. Кини убайа, быраата билигин Дириҥҥэ (Чурапчы) олороллор. Убайа Афанасий Дмитриевич ССРС култууратын туйгуна 86 сааһын туолбута. Алексей Дмитриевич эмиэ 80 сааһын ааспыт Ытык киһи… ”, — диэн илии баттааһына суох иһитиннэрии ватсапка тарҕанна.
Кырдьык, бу Новосибирскай института билигин аан дойдуга биллэр институт буолла. Учуонайдар бу иннинэ, улаханнык биллибэккэ-көстүбэккэ, үгүс сылларга үлэ бөҕөтүн үтүө суобастаахтык үлэлээн-хамсаан кэллэхтэрэ… Оттон институту төрүттээбит киһинэн саха учуонайа буоларын үгүспүт саҥа кэриэтэ биллэҕэ… Кини убайын, култуура бэтэрээнин, биир дойдулаахпын Афанасий Дмитриевич Аммосовы билэр буоламмын, Дириҥҥэ төлөпүөннүү сырыттым, быраатын ыйыталастым.
Афанасий АММОСОВ, ССРС култууратын туйгуна, 87 саастаах:
—Быраатым билигин Новосибирскайга олорор. Алта бииргэ төрөөбүттэр бары баарбыт, сэттис оҕонон дьоммут аҕам бииргэ төрөөбүтүн оҕотун Сэмэни ииппиттэрэ. Аҕабыт 1942 сыллаахха сэриигэ барбыта, оттон биһиги, Мэлдьэхси холкуостарын дьоно оҕолуун-уруулуун, кырдьаҕастыын хоту көһөрүллүүгэ утаарыллыбыппыт… Ийэбит күһүн холкуос 100-тэн тахса сүөһүтүн үүрсэн, сатыы Кэбээйигэ быдан хойут кэлбитэ… Хор, 1944 сыллаахха ити сүөһүбүтүттэн 50 сүөһүнү ордорон аҕалбыттара ээ! Хайдах тыыннаах ордубуппут буолла – бары кэриэтэ, эбээбит эмиэ, дойдубутугар төннөн кэлбиппит… Биир кыыс хоту өлөөхтөөбүтэ. Аҕабыт сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлбитэ! Быраатым Өлүөскэ Дириҥ оскуолатын бүтэрээт, Чурапчыга улуустааҕы хаһыакка, араадьыйаҕа кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбитэ. Үөрэххэ, төрөөбүт тылга дьоҕурдаах буоллаҕа, оҕо эрдэҕиттэн. Кини биһигини саха тылыгар эн аҕаҥ Афанасий Михайлович Фомин үөрэппитэ… Онтон кини салгыы Томскайга үөрэххэ барбыта – химик идэтин ылан, үйэтин тухары Новосибирскайга ити институтугар үлэлээн, кэлин консультанынан сылдьан баран, доруобуйатын туругунан билигин биэнсийэҕэ олорор. Кини, сэрии сылларын оҕото, ыарахаттары тулуйан, буһан-хатан таҕыстаҕа. Уонна, эдэр эрдэҕиттэн көхтөөх уопсастыбанньык – оскуолаҕа, “Эрилик Эристиин” холкуоска комсомольскай тэрилтэ сэкэритээрэ этэ. Алексей Дмитриевич билигин Хоптоҕо нэһилиэгин Ытык киһитэ. Бырааппытынан, убайбытынан киэн туттабыт!
Оттон Новосибирскайга үөрэнэр, үлэлиир сахалары барыларын билэр, түмэр киһинэн, биллэн турар, биллиилээх учуонай-атомщик Иоган Максимов буолар. Кини кэпсээнин истиэҕиҥ.
Иоган МАКСИМОВ, сахаттан бастакы учуонай-атомщик, техническэй наука кандидата, СӨ Духуобунаска академиятын Бочуоттаах чилиэнэ:
—Мин Алексейдыын иккиэн 1938 сыллаах төрүөхпүт. Дириҥ оскуолатын кини 1957 сыллаахха, мин 1958 сылга бүтэрбиппит. Иккиэн биир куоракка, Новосибирскайга 40-ча сыл олорон баран, кэлин биирдэ билсиспиппит… Оннук, кини да, мин да, үлэнэн, науканан үлүһүйбүт дьон буолуохпут… Кини биһикки туһунан биир дойдулаахпыт, медицинскэй наука кандидата Семен Евграфов “Үйэ” диэн сурунаалга суруйан турар… Алексей Дмитриевич билигин доруобуйатын туругунан дьиэтигэр олорор, кэргэнэ Лариса Павловна аттытыгар мэлдьи баар.
Даа, Алексей Дмитриевич 1998 сыллаахха Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата буолбута. Бу билигин коронавирус диагностикатын оҥорор Новосибирскайдааҕы институт кини салайбыт научнай бөлөҕүттэн үүнэн-сайдан, төрүттэнэн тахсыбыта. Кини бастакы салайааччы буолар.
Бүгүн Алексей Дмитриевичтиин ватсабынан видеонан кэпсэттибит. Көрбөтөҕүм ыраатта… Кини туһунан, институтун туһунан, дойдубутугар билигин элбэхтик кэпсэтэллэрин билэр… Оттон эпидемиологическай быһыы-майгы манна Новосибирскайга сүрүннээн ама. Арай, Европаттан биэс дьахтар туристаан кэлэннэр.., билигин “подозрениеҕа” сылдьар дьоннор бааллар. Институттаах буоламмыт эрэх-турах соҕуспут. Онон, Алексей Дмитриевичпитигэр махтал!
Оттон суруйааччы Павел Федоров-СОМОҔО, Алексей Дмитриевич биир дойдулааҕа, бу курдук суруйар (“удаленкаҕа” үлэлии олоробут, онон, бу кэпсэтиибит барыта интернет ситиминэн-авт.):
—Чурапчы Күндүлүгэр үөскээбит, олорбут, Сахаларын сирин Арассыыйа үрдүк таһымыгар ааттаппыт үс киһи — медицинскэй наука кандидата, вирусолог-учуонай, Арассыыйа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата «Вектор Бест» салайааччыта Алексей Дмитриевич Аммосов, сахалартан бастакы атомщик-учуонай Иоган Егорович Максимов, сахалар ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаларын графика көрүҥүнэн аан бастаан омук сиригэр биир бастакынан билиһиннэрбит РФ норуодунай худуоһунньуга, П.А.Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин бастакы лауреата Афанасий Петрович Мунхалов ааттара үйэлэргэ ааттана туруохтара диэн эрэлим улахан!!!
Иван ШАМАЕВ, биллиилээх учуонай, физико-математическай наука дуоктара:
—Устудьуон эрдэхпинэ Алексей Дмитриевич Аммосовы Академгородокка көрөр этим. Уулуссаҕа, маҕаһыыҥҥа. Саха диэн тута билбитим. Аны сэбэрэтин наһаа билэр курдукпун. Кэлин өйдөөтөхпүнэ, өр сылларга Үөһээ Бүлүү Торуой Үөдүгэйин кулуубугар үлэлээбит Охонооһой Оммуоһапка майгыннатан билэр курдук буолар эбиппин… Кэмчиэрийэн, чугаһаан кэпсэппэтэҕим… Кэлин Афанасий Дмитриевичтэн чуолкайдаспытым, отой да биир ийэ, биир аҕа оҕолоро эбит.
Академгородокка өссө биир сүүнэ саха олорор. Үөһээ Бүлүү Кэнтигин киһитэ Василий Николаевич Иэттээнэп. Прикладной физика институтугар үлэлиир. Сааһынан Баһылай арыый да балыс буолуо. Оҕонньоттор бэйэлэрэ билсэ олороллор…
ХХХ
Хайдах саҕалаабытым курдук, суруйуубун эмиэ бу ватсап ситимигэр биллибэт ааптар этиитинэн, түмүктүүм:
“…Онон, саха киһитэ науканы сайыннарар, Арассыыйаҕа ыйааһыннанар… Коронавирус турбатаҕа буоллар, мин биир дойдулааҕым туһунан олох да билиэ да суох эбиппин… Дириҥнэр икки Аммосовтарга кэлин пааматынньык туруоран, эдэр ыччаты иитиигэ холобур оҥостоллоро наада эбит. Бу, бүтүн Союзка биллибит биир дойдулаахтарбыт туһалара төһөлөөх буолуой?!”.
ЫСПЫРААПКА
Аммосов Алексей Дмитриевич
1938 сыллаахха муус устарга Чурапчы оройуонун Мэлдьэхси нэһилиэгин Күндүлүгэр төрөөбүтэ. Аҕата Аммосов Дмитрий Яковлевич Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, “Албан аат” уордьан кавалера, ВДНХ икки кыһыл уонна үрүҥ көмүс мэтээллэринэн наҕараадаламмыт аатырбыт сылгыһыт. Ийэтэ Анастасия Васильевна үлэ бэтэрээнэ, 7 оҕотунаан “Кыһыл сис” холкуоһун кытта 1942-1946 сс. хоту көһөрүллүү (Кэбээйигэ) кыттыылааҕа.
1957 с. Дириҥ орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ.
1957-1958 сс. Эрилик Эристиин аатынан холкуос комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээрэ.
1958-1959 сс. А.Д.Аммосов Чурапчы оройуонун “Социализм суола” (“Саҥа олох”) хаһыатын кэрэспэдьиэнэ.
1959-1964 сс. – Томскайдааҕы судаарыстыбаннай университет химическэй факультетын устудьуона. “Химик-радиохимик” идэни баһылаабыта.
1965-1976сс. – ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын Катализ институтун научнай үлэһитэ. “Физическэй химия (кинетика уонна катализ)” тиэмэҕэ химическэй наука кандидатыгар диссертациятын көмүскээбитэ.
1976-1990 сс. – ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин иһинэн Главмикробиопром молекулярнай биологияҕа Бүтүн Сойуустааҕы научнай-чинчийэр институтун отделын, лабораториятын салайааччыта. (“Вектор” ВНИИМБ НПО, билигин ГНЦ ВБ “Вектор”).
1993-1999 сс. «ВЕКТОР» НПО иһинэн тэриллибит диагностика сириэстибэлэрин оҥорор ЗАО “ВЕКТОР Бест” дириэктэрэ.
1998 с. – РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата – наука уонна тиэхиньикэ уобалаһыгар РФ Бырабыыталыстыбатын бириэмийэтэ – үрдүк ситиһиилэрин уонна Арассыыйа Федерациятын иннигэр ураты үтүөлэрин иһин, ВИЧ-инфекцияны уонна А,В,С гепатиттары диагностикалыырга үрдүк көдьүүстээх саҥа сириэстибэлэри оҥорбутун уонна производствоны тэрийбитин иһин.
ССРС ааптарыскай сибидиэтэлистибэлэринэн уонна РФ патеннарынан көмүскэллээх 15 саҥаны айыы ааптара.
1999-2005 сс. Дириэктэри солбуйааччы, научнай консультант.
2005 с. бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, Саха сирин инники сайдыытыгар бэйэтин көрүүлэрин билиһиннэрэр, суруйар.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат.
Сүрүн хаартыскаҕа: СӨ бастакы бэрэсидьиэнин М.Е.Николаевы кытта Новосибирскайга, Академгородокка. 1999 с., бэс ыйа. А.Д.Аммосов хаҥастан иккис турар, И.Е.Максимов —уҥаттан бастакы.
Хаартыскалары ыыппытын иһин Иоган Максимовка махтанабын.