Василий Ушницкай-Сэки төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтиир “Сэки олоҕун аргыстара”

Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 19 күнүгэр Намнааҕы Николай Рыкунов аатынан бибилэтиэкэҕэ Нам улууһун Өрөгөй ырыатын ааптара, суруйааччы Василий Ушницкай-Сэки төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтиир “Сэки олоҕун аргыстара” диэн литературнай тэрээһин бэрт истиҥник буолан ааста.

Бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар “Отуу уота” литературнай  түмсүүттэн, улуус култуураҕа салаатыттан, саха-француз лисиэйтэн, “Түһүлгэ” норуот айымньытын кииниттэн уонна ааҕааччылар түмсэн, поэт Сэкини кытта алтыспыт түгэннэриттэн саас-сааһынан истиҥник аҕыннылар. Кини литература араас жанрын кыайа тутарын, оҕолорго айымньылара элбэҕин, патриотическай хабааннаах хоһооннорун холобурдаан кэпсээтилэр, аахтылар.
Прасковья Байанаева “Биллибэт саллаат саҥата” хоһоону дорҕоонноохтук аахта, Надежда Макарова, Татьяна Гаврильева “Таҥара кийиитэ” ырыаны В.Ущтницкай – Сэки тылларыгар, Феврония Аргунова мелодиятыгар толордулар, оскуола оҕолоро “Балыксыттары” оонньоон көрдөрдүлэр. Елена Кутукова салайар “Дьүөгэлэр” вокальнай ансаамбыл толоруутугар “Нам вальса” ырыаны, ХСФЛ саха тылын уонна литературатын учуутала Василий Сивцев салайар “Добун дорҕоон” бөлөҕө “Кэтэһии” хоһоону ааҕалларын, устудьуонка Нарыйаана Кондакова Владивостоктан Сэки туһунан иһирэх ахтыытын видео нөҥүө көрдүбүт.


Василий Ушницкай-Сэки үс улуус (Уус Алдан, Орто Халыма, Нам) Ытык киһитэ, Саха суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ чахчы буолуон буолбутун чопчулаан бэлиэтээтилэр. Сэки уус-уран айымньыларын оҕо уһуйааныттан саҕалаан оскуола оҕолоругар тиийэ үөрэтэ, тарҕата сылдьалларын Хамаҕаттаттан иитээччи Раиса Никитина, нуучча тылын уонна литературатын учуутала Антонина Евсеева кэпсээннэрин иһиттибит. Сүрүн эҕэрдэни улуус баһылыгын солбуйааччы Мария Игнатьева, култуура салаатыттан Матрена Платонова, бэтэрээн сэбиэтиттэн Софья Кобякова, суруналыыс Григорий Эверстов, “Отуу уотун” салайааччыта Алексей Татаринов-Удьурҕай, мелодистар ааттарыттан Елена Кутукова, Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыга Иван Максимов оҥордулар.


Василий Ушницкай киһи быһыытынан ураты сэмэйин, холкутун, дэгиттэр талааннааҕын (уруһуйдьут, уус, хаартысааҕа түһэрээччи, саахыматчыт, мандолинаҕа оонньооччу, булчут, балыксыт, асчыт) бэлиэтээн аастылар. Чугас дьонуттан кийиитэ,  ХСФЛ социальнай педагога Люция Ушницкая Сэки олоҕун аргыстарыгар махталын биллэрдэ. Тэрээһини бибилэтиэкэрдэр Раиса Дьяконова, Марина Корякина салайан ыыттылар.

«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Н.Рыкунов аатынан Намнааҕы бибилэтиэкэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0