Василий Титов: «Ойуур боломуочуйата федеральнай таһымҥа бэриллэрэ саамай сөп»

Бөлөххө киир:

Василий Титов,  Үөһээ Бүлүүтээҕи  экологияҕа кэтэбилин иниспиэксийэтин салайааччы:

—Бэҕэһээ Владимир Путин эрэгийиэннэр баһаардарын умуруорууга аналлаах мунньаҕы ыыппытын иһиттим. Эрэгийиэннэр  баһаары умуруорууларын боломуочуйата федеральнай таһымҥа бэриллэрэ саамай сөп.  Элбэх үп көрүллэн, саамай сүрүнэ,  тустаах үлэһиттэр ахсааннара элбиэ, тиэхиньикэнэн хааччыллыы тупсуо, лесоавация үлэтэ лаппа күүһүрүө. Билигин үп ситэ көрүллүбэтинэн сибээстээн, сөмөлүөтүнэн, бөртөлүөтүнэн нэһилиэнньэлээх пууннар аттыларын эрэ кэтииллэр. Сөптөөх үп көрүлүннэҕинэ, «Якутлесресурс»,  «Авиалесоохрана» тэрилтэлэрин үлэлэрэ тупсан, күүһүрэн,  өрөспүүбүлүкэбит үгүс ойуура кэтэбилгэ, хонтуруолга ылыллыаҕа. Оччоҕуна уот кыра эрдэҕинэ, тута саба баттаан умулларан иһиэх этилэр. Онон Ил Дархан Айсен Николаев туруорсуутун федеральнай таһымҥа иһиттилэр, ылыннылар. Онон бэрт сотору кэминэн сөптөөх үлэ ыытыллар ини диэн эрэниэҕиҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0