Оҕо суруйааччыта Василий Тарабукин төрөөбүтэ 85 сылын бэлиэтээтибит
Олунньу 14 күнүгэр ытык киһи, суруйааччы, тылбаасчыт Василий Тарабукин 85 сыллаах үбүлүөйүнэн ахтыы кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Дьоро киэһэҕэ оҕо сааһын доҕоро, аймахтара, кэллиэгэлэрэ суруйааччылар ыалдьыттаатылар.
Суруйааччы олох сиэркилэтэ дииллэр. Василий Архипович киһи быһыытынан наһаа сымнаҕас, оҕолорго ураты уйаҕас сыһыаннаах буолан, оҕолорго аналлаах айымньылары суруйара.
Ол курдук, «Тиргэлээх көҕөн», «Оппоос мүччүргэннээх сырыылара», «Үүнүүлээх ходуһаҕа», “Маныыһыт уонна эһэ”, “Доҕордоһуу бэлэҕэ” айымньылар оҕо сааһы кытта ыкса ситимнээхтэр.
Кинигэни кыыһа, филологическай наука хандьыдаата, дассыан Марфа Тарабукина уонна суруйааччы олоҕун аргыһа Александра Афанасьевна иилээн-саҕалаан оҥордулар. Оттон ахтыы дьоро киэһэтин торумун суруйааччы Елена Слепцова-Куорсуннаах иилээн-саҕалаан ыытта.
Таатта улууһун олохтооҕо Людмила Богатырева Тааттаттан төрүттээх суруйааччылар түспүт сэдэх хаартыскаларын, оттон Уус Таатта бибилэтиэкэрэ суруйааччы кинигэлэрин анал быыстапкатын аҕалан туруорда. Итии үүттээх чээй иһэ-иһэ суруйааччыны кытта алтыспыт үтүө кэмнэри ахтыһар дьоро киэһэҕэ мин эмиэ кытынным, санаабын сайа эттим.
Мин Василий Архиповичтыын 2001 сыл сааһыгар, кулун тутарга билсибитим. Оччолорго кини проза салаатын салайан олороро. Миигин эһээм оҕо эрдэхпиттэн сыттыктана сытан ааҕар «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтигэр сиэтэн илдьибитигэр, атаҕым сири билбэт буолуор диэри үөрбүтүм, долгуйбутум. Ол күн мин үйэбэр аан бастакыбын айар эйгэ үлэһиттэрин дьиэтин боруогун атыллаабытым.
Устудьуоннуу сылдьан суруйан бооччойбут хоһооннорбун, лоскуй кэпсээннэрбин суруйааччы киһи сыаналаарай диэн илдьэн туттаран кэбиспитим. Василий Архипович суруйууларбын ааҕан баран, кэлин көрсөрбүтүгэр маннык диэбитэ: “Уля, дьэ, хоһоонноргун, кэпсээннэргин аахтым. Кэпсээннэриҥ ордуктар,”— диэбитэ.
ҮӨРЭХХЭ, СЫРДЫККА ТАЛАҺЫЫ КҮҮҺЭ
Василий Архипович ийэтэ 17-тэ оҕоломмутуттан үс оҕото хаалбыт. Убайа Бүөтүр уоттаах сэрииттэн эргиллибэтэх. Ийэлэрэ барахсан сэрии бүппүтүн да кэннэ уолун күүтээхтиирэ эбитэ үһү. Василийы уонна Николайы ийэлэрэ үрдүк үөрэххэ үөрэттэрэр туһуттан сүөһүтүн атыылаабыт, оччотооҕу кэмҥэ маннык быһыыланыы сырдыкка талаһыы күүһүн эрэ туоһулуур. Кинигэ суруйааччы төрөөбүт түөлбэтин, аймахтарын ырылхайдык арыйан көрдөрөр. Ол курдук төрүттэригэр бэйэлэрин кыанар, күүстээх дьон бааллар эбит. Наһаа сэмэй майгылаах дьон буолан, ол күүстэрин кимиэхэ да биллэрбэккэ, күн сириттэн күрэммиттэр эбит.
АРААС КЫЫЛ САҤАТЫН ҮТҮКТЭРЭ
«Былырыын дойдубар Тааттаҕа тиийэн, оҕо сылдьан моонньоҕоннуур сирбитин көрөн сонньуйбутум, уга аччаан, моонньоҕон үүммэт буолбут этэ. Хас биирдии киһиэхэ дойду ахтылҕана оҕо сааһы кытта ыкса ситимнээх эбит. Убайым Баһылай сарсыарда эрдэ туран бөтүүк хаһыытын үтүктэн оҕолору уһугуннарара. Ол эрэ буолуо дуо, биһиэхэ араас кус-хаас саҥатын үтүктэн күллэртиирэ», — диэн Уус Тааттаттан төрүттээх, суруйааччы хаан балта, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгин баһылыга Дария Назарова, убайа Василий Архипович Тааттаҕа сайылыы тиийэрин туһунан бэркэ уустаан-ураннаан аҕынна. Оччолорго Тарабукиннар кыыстара кырачаан Мусяны эдьиийдэрэ сиэтэ сылдьан оонньууллара, моонньоҕоннууллара үһү.
ТУСТУУНАН ДЬАРЫКТАНАРА
Баһылай оҕо эрдэҕиттэн илиитигэр-атаҕар кыанар буолан көҥүл тустуунан Тааттаттан биир бастакынан ылсан дьарыктанан испит эбит. Кини Василий Румянцевтааҕы кытта бииргэ тустара үһү. Онтон хаанын баттааһына үрдүгүттэн кэлин сыыйыллыбытын туһунан оҕо сааһын доҕоро, борт инженер идэлээх, Баайаҕаттан төрүттээх Афанасий Дедюкин бэрт иһирэхтик кэпсээтэ. Кинилэр Ытык Күөлгэ ахсыс кылаастан оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри бииргэ үөрэммиттэр. «Будьурхай хойуу баттахтаах, улахан сирэйдээх, уһун уҥуохтаах, илиитигэр бэрт күүстээх этэ Баһылай. Оскуола көрүдүөрүгэр сүүрэкэлиирин, ардыгар кыргыттары дьээбэлиирин өйдүүбүн”, – диэн суруйааччы сырдык оҕо сааһын сэгэтэн, ытык кырдьаҕас Афанасий Дедюкин кэпсээнин бары бэркэ сэргээн иһиттибит.
АКЫЫМ САЙЫЛЫГЫН МООННЬОҔОНО
Салгыы суруйааччы Николай Винокуров-Урсун Василий Тарабукинныын алтыспыт үтүө кэмнэрин санаан, биир түөлбэттэн төрүттээхтэрин, Акыым кыстыга уонна Акыым сайылыга диэн бу Баһылай аҕатын төрүт түөлбэтэ буоларын туһунан кэпсээтэ. Баһылай эдэр сааһыгар сүрдээх күүстээх-уохтаах, үлэни кыайар-хотор эбитэ үһү. Суруйааччылар эйгэлэригэр үлэни кыайар Даланы кытта Баһылай этилэр диэтэ. Сайын от кэмигэр гааттан ордук сири охсорун, бурдук түүтэхтииригэр икки тыһыынчаттан тахсаны оҥорорун бэркиһии уонна сөҕө кэпсээтэ. Ол да иһин Василий Архиповиһы килбиэннээх үлэтин иһин «Сталин төбөлөөх» мэтээлинэн наҕараадалаабыттар.
Акыым сайылыга диэн сиргэ моонньоҕон кэҥээн, тэнийэн хойуутук үүнэрин маннык кэпсээтэ:
«Дьэ, бу Баһылай төрөөбүт-үөскээбит сирэ олус бултаах-алтаах үтүө сир этэ. Акыым сайылыга диэн сиргэ кинилэр сайылыктара баара. Онно моонньоҕон киэҥник уонна хойуутук үүнэрин субу баардыы өйдүүбүн. Оннооҕор биһигини кытта тэҥҥэ тыатааҕы иннибитигэр сылдьан сир астыыра. Биһиги да киниэхэ кыһаммаппыт, кини да — биһиэхэ. Ону таһынан, бу үтүөкэн сиргэ Баһылай икки улахан дьону сырытыннаран турардаах. Суорун Омоллоону уонна Сэмэн Даниловы. Суруйааччылар онно сылдьан бэркэ астыммыттар этэ. Сэмэн Данилов «Лэкэ хайата» диэн хоһоонугар бу дойду туһунан суруйбута. Оттон Суорун Омоллоон биирдэ миигиттэн төрөөбүт дойдум ханан баарын ыйыппыта. Онуоха мин, Уус Тааттаттан үс көстөөх сиргэ диэбиппэр, «үчүгэй дойду диэбитэ», — диэн Урсун кэпсээтэ.
Кини кэнниттэн суруйааччы истиҥ доҕоро, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх, Опера уонна балет тыйаатырын солиһа, ырыаһыт Дмитрий Тихонов икки ырыаны ыллаан дьоро киэһэ сиэрин ситэрдэ.
Кэлбит ыалдьыттар бары олус истиҥник ахтан-санаан, кинигэ сүрэхтэниитин бэлиэтээтибит.
Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru