Василий Шукшин: Баанньык уонна оҕуруот хаһаайына

Ааптар: 
16.07.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Photo by form PxHere

Субуота күн, киэһэлик, икки эр киһи, ыаллыылар, дьиэ таһыгар ыскамыайкаҕа олорбуттара, баанньык сылыйарын кэтэһэллэрэ. Биирдэстэрэ ыалыгар сууна кэлбитэ, тоҕо диэтэххэ бэйэтин баанньыга сөхсүллүөхтээҕэ. Сып-сылаас, уу-чуумпу этэ. Дэриэбинэҕэ бары баанньыктарын оттоннор буруо хабархай сыта тарҕаммыта.

— Быйыл оттукка анаан кии бэлэмниир санаалааххын дуо? — диэн ыйыппыта сууна кэлээччитэ, эдэрчи, хатыҥыр, дэгдэгэр имнээх, хара бараан киһи.
— Тугум кыһалҕатыгар, — сүрэҕэлдьээбиттии, балачча өр буолан баран хардарбыта, арыый аҕа көрүҥнээҕэ. Кини уулуссаны батыһа көрөрө, ол эрээри онно көрүөххэ айыылаах туох да суоҕа, онон тугу эрэ саныыр, арааһа, өйүгэр ааспыт кэмнэри сыымайдыыр быһыылааҕа.
— Оттон мин хайыырбын билбэппин, бэлэмниирим дуу…
— Арыыттан уһааран аҕал да, отун ээ.
— Хайыырым буолла… Баҕар, кырдьык, уһаарыам.
— Оннуга ордук.
— Эн уһаараҕын дуо?
— Мин, баҕар, чох атыылаһыам. Көрүөҕүм.
— Арааһа уһаарарым буолуо. Киини солуомалаан хайаан бодьуустаһыахпын баҕарбаппын.
Холку, үскэл, аҕа көрүҥнээҕэ табаҕын төрдүгэһин сиргэ бырахпыта, атаҕынан үктээмэхтээбитэ.
— Миигин хайдах көмөллөрүн истиэххин баҕараҕын дуо? – хараҕын быһыччы көрөн күлэн ылбыта.
— Һа! – хатыҥыра, харата соһуйбута. – Эн хайдах буоллуҥ?
— Истиэххин баҕараҕын?
— Ол эн… өлөөрү гынныҥ дуо?
— Ээ суох, өлөөрү гыммаппын. Мин онно ыксаабаппын. Ол эрээри, миигин хайдах көмүөхтээхтэрин чопчу билэбин. Кэпсиибин?
— Дьэ, сордоох да баҕайы! Эҥин арааһы туойаҕын ээ. Туох буоллуҥ?
— Чэ, маннык буолар: өлөбүн. Дьэ, сууйаллар хайыыллар – оннук-маннык, хоско сытабын, илиим маннык… – кэпсээччи илиитэ хайдах буолуохтааҕын көрдөрөр. Кини холкутук саҥарара, кыараҕас өйдөөх харахтара дьээбэлээхтик кылахачыһаллара. – Ойоҕум ытыыр, оҕолорум эмиэ… Дьоннор тураллар. Эн, холобур, тураҕын уонна саныыгын: “Бээ-эрэ, миигин мамыыҥкаҕа ыҥырыахтара дуу, суох дуу?”
— Ээ, бүт эрэ! – хара бараана өһүргэнэр. –Тоҕо инньэ диигин?
— Мин оонньоон этэбин, — диир кэпсээччи. Уонна эмиэ дьоһуннаахтык салгыыр. – Эн тураҕын уонна саныыгын: “Куола хайдах өлөн хаалаахтаата, мин эмиэ хаһан эрэ бу курдук…”
— Бары оннук саныыллар.
— Ойоҕум: “Биэбэйбит барахсан, биһигини кимиэхэ быраҕан бардыҥ?! Көрүмүөхчэ көрбүппүт, мохсоҕолбут биһиэнэ”, — диэн айманар. Үйэлэригэр итинник саҥарбаттар, онтон киһи өллө даҕаны: “мохсоҕол”, “холууп” диэбитинэн бараллар. Тоҕо оннугуй?
— Оттон, бүтэһиккэ ону харыстаабаттар. Өссө: “атахчааннара”, “илиичээннэрэ”, төбөчөөнө” диэхтэрэ. “Ох, эн атахчааннаргынан бу хоско хаамыталаабытыҥ”. Түөрт уон биэстээх атах таҥаһын кэтээччилэр кытта – атахчааннаналлар!
— Ол, ити кэмҥэ аһынаргыттан буоллаҕа. Аһынар киһиҥ, кыра курдук буолар.
— Дьэ, онтон салгыы?
— Салгыы көмө илдьэллэр. Алта уон солкуобайга куораттан оркестр сакаастаабыттар. Манна, оттон, харчы бырахсаллар: ойоҕум отутун бэйэтэ төлүүр, отутун – мин аймахтарбыттан ыган ылар. Оттон миэхэ тугум эмиэ оркестрай? Мин син биир истибэппин ээ.
— Бэйэ-бэйэлэригэр бэрдимсиһэллэр. Кимнээх эрэ оркестрдаах көмөллөр, атыттар ону көрөн хаалсымаары сордоноллор. Дьиҥэр ол харчыны мамыыҥкаҕа туһаммыт быдан ордук буолуо этэ…
— Дьэ ити, этэбин дии: ким эрэ атыны кэпсиир, оттон эн мамыыҥканы эрэ саныыгын. – Кэпсээччи күлэн ыгыстыбыта. Эдэрэ күлбэтэҕэ.
— Оттон олорон эрэ үчүгэйдик ахтар – бокуонньугу кэриэстиир, -ахтан-санаан ааһар – ол ордук күндү буоллаҕа, оркестр биирдэ оонньообутунааҕар. Чэ буоллун, оонньоотулар? Эн бэйэҥ: “Миэхэ тугун оркестрай?” диигин дии.
— Дьыала бокуонньукка буолбатах, хаалааччыларга. Кинилэр… бокуонньугу ытыктыылларын, сыаналыылларын көрдөрүөхтэрин наада буоллаҕа дии. Ол иһин ханнык да харчыны харыһыйбаттар…
— Харыһыйбаттар! Тугуй, эн кэргэҥҥэр алта уон солкуобайа суох үһү дуо?
— Көстөрө чахчы. Онно тугуй?
— Тоҕо кини оччоҕо эн аймахтаргыттан оркестр сакаастыырыгар отут солкуобайы ыган ылыахтааҕый? Бэйэҥ төлөө, бүттэ, ытыктыыр буоллаххына. Тоҕо эмиэ харчы хомуйуллуохтааҕый?
— Мин хоруопка сытан киниэхэ: “Бэйэҥ төлөө!” — диир кыаҕым суох буоллаҕа дии.
— Хоруопка сытан… Кинилэр тыыннааххына даҕаны тугу баҕараллар да, оҥороллор. Былааһы биэрбиппит! Мин кыыспар хараҕар хааппыла кутар буолбуппут, туохтан эрэ хараҕа ыалдьыбыта… Хааппыла кутарга, кини, биллэн турар, ытаабыта, — аһыйар буоллаҕа. Онуоха мин акаарым мөҕөн хаһыытыыр. Буойан көрбүппэр, аны мин үрдүбэр түстэ. Оттон мин кыыһым ытаатаҕына кутум-сүрүм бүтүннүү айманар, тулуйбаппын.
— Оттон эмтиир эмиэ наада буоллаҕа.
— Оттон хааппыланы кутарын куттун, ол эрээри тоҕо кинини мөҕөрүй? Киниэхэ онто суох аһыы-кутуу, оттон биирбит “ытаама!” диэн ыһыытыы турар.
— Даа… – Ньукулай, кинини хайдах көмүөхтээхтэрин кэпсээччи, кэпсээнин салҕыан баҕарар. – Дьэ, иһит. Көмөр сирдэригэр аҕалаллар, иин номнуо бэлэм…
— Иини мин хаһыам. Мин барыларыгар хаһабын.
-Оннук буолуо…
— Мин Стародубов Дьэкимҥэ хаспытым… Биир эрэ иини буолбатах, аттыгар өссө кини эмээхсинигэр миэстэ бэлэмнээбитим. Оттон кинилэр миигин, бэл, мамыыҥкаҕа да ыҥырбатахтара. Өссө мин иин хаһарга бэйэм тылламмытым ээ: оҕонньору сөбүлүүр этим. Уонна дьэ ыҥырбатахтара. Өйдөөтүҥ?
— Ээ, оттон кинилэр ыраахтан кэллэхтэрэ дии, уола кыыһынаан, манна кими билиэхтэрэй: ким иини хаспытын, хаспатаҕын…
— Чэ, кинилэр билбэтиннэр, оттон, ким эмэ этэн биэриэн сөп этэ буоллаҕа. Эмээхсин билэр этэ… Суох, оннук дьоннор. Миэхэ икки солкуобайы биэрэ сатыыллар… Үчүгэйдик үөхсэн биэрээри гынан баран, аһыылаах дьон буоллаҕа диэммин…
— Ким биэрэ сатаабытай?
— Дьэкиим сиэн балта быһыылааҕа. Эмиэ ханна эрэ куоракка олорор. Манна бохоруонаҕа барытын кини дьаһайбыта. Икки солкуобайгын бэйэҥ сиэ, ол оннугар мин биир бытыылка кыһыллаах бэйэм ханна эрэ бокуонньугу кэриэстиэм дии санаабытым. Оҕонньору ытыктыыр этим…
— Онон, дьэ, хайаатыҥ? Ол икки солкуобайы ылаҥҥын арыгы атыыластыҥ…
— Мин харчы туһугар хаспатаҕым эбээт! Этэбин дии: оҕонньору ытыктыыр этим, биирдэ иккиэн ууга былдьана сыспыппыт. Мин холкуос сүөһүтүгэр бостууктуур этим, оттон кини бэйэтин икки тыһаҕаһын аҕалбыта. Онно сүөһүлэри Кураанах арыыга үүрэн таһаарыахха дэстибит – арыыга ото өлгөм уонна талах быыһа сөрүүн буоллаҕа дии. Үүрдүбүт, кини тыһаҕаһын сүүрүк түҥнэри оҕуста. Оҕонньор тыһаҕас кэнниттэн түһүнэн кэбистэ, бэйэтэ тимирэн барда. Мин оҕонньору хостуу сырыттахпына, сүүрүк тыһаҕаһы чай таастаах кытылга тиэрпит этэ. Оҕонньор уунан хотуолаата, өйдөннө, уонна миэхэ этэр: кытаат, тыһаҕаһы быыһаа, мин үчүгэйбин диир…
— Быыһаатыгыт? Тыһаҕаһы.
— Быыһаан. Үчүгэй оҕонньор этэ. Үтүө санаалаах. Бэркэ аһыйабын ээ.
— Мин кинини үчүгэйдик билбэппин. Көннөрү билэр эрэ этим… Уһуннук ыалдьыбыта дуо?
— Суох. Бастаан атаҕынан хаампат буолбута… Балыыһаҕа укпуттара. Оттон кини ньээньэни сырыы ахсын көрдөһөрүттэн кыбыстыбыт… “Дьиэбэр илдьиҥ, онно өлүөм”, — диэн сулуйбут. Интеллигент эбит дии – ньээньэни көрдөһөрүттэн кыбыстар. Кини ол иһин хамнас аахсар, анал акылааттаах.
— Дьэ, ол эрээри, сырыы ахсын кинилэри ыраастыыр – эмиэ ыарахан…
— Ээ, дьэ, билигин кэлэн хайыаххыный? Кини онто суох адьас кыратык аһыы сатыыра, үүтү эрэ иһэрэ үһү… Оттон өссө тыыннаах киһи этэ буоллаҕа дии. Билигин кэлэн хайыаххыный?
— Оннук ээ.
— Баҕар, балыыһаҕа сыппыта буоллар, өссө да олоро түһүө этэ.
— Кинини оркестра суох көмпүттэрэ дуо?
— Хайаан оркестрданыахтарай? Бары кэччэгэйдэр, туох эрэ курдук… Уола инженеринэн үлэлиир, таах төлүөн сөп этэ… Дьэ, кэппиэйкэни барытын ааҕаллар.
— Чэ, оҕонньорго, биирдэ баран эттэххэ, оркестр туохха нааданый? – диэбитэ кэпсээччи, баанньыктаах киһи.
— Оттон эйиэхэ?
— Туох?
— Эйиэхэ наада дуо?
— Миэхэ эмиэ наадата суох.
— Кимиэхэ да наадата суох, ол эрээри бары оркестрдаах көмөллөр. Бэйэҥ этэҕин дии, тыыннаахтар сакаастыыллар, бокуонньук буолбатах. Аҕаларын таптыыллара буоллар сакаастыахтар этэ. Кэччэгэйдэр.
— Харыстанньаҥнар, — баанньыктаах киһи көннөрбүтэ.
Хара бараан киһи кинини одууласпыта… Өйдөөбүттүү кэҕис гыммыта.
— Бэйэҕин эмиэ кэччэгэй буолбатахпын, харыстанньаҥмын диэ. Ону баара – “оркестр наадата суох, мин ону син биир истибэппин” дии сатыыгын. Быһаччы, харчыбытын харыһыйабын диэриий. Тоҕо онон-манан эргитэҕин? Мин эһигини билбэт үһүбүн дуо, эйиигин даҕаны, эн Клаваҕын даҕаны – биир саппыкы курдук үүт-үкчүгүт. Кыһын хаар да көрдөөн ылыаҥ суоҕа.
Кэпсээччи итиниэхэ тугу да хардарбатаҕа… Сыҥаахтарын былчыҥнара күүрбүттэрэ. Оргууй аҕай, чиҥ-чиҥник:
— Олус чэпчэкитик олороҕун, Уйбаан. Баанньыгын муостата сиҥнибитигэр, үгүһү саныы барбакка ыалгар сууна бараҕын. Мин бэйэм баанньыкпын оҥостуом, үйэбэр атын дьоҥҥо сууна барыам суоҕа этэ… Уонна баран дьэ дэриэбинэни кэрийэ сылдьан: ол киһи кэччэгэй, бу киһи кэччэгэй дии сылдьаҕын. Мин кэччэгэй үһүбүн дуо: эн миэхэ баанньыктана кэллиҥ, мин туох да диэбэппин, суун. Уонна баран кэччэгэй үһүбүн. Атын дьоҥҥо сыста түһэн олорорго үөрэнэн хаалбыккыт.
Уйбаан хаалаах “Памирын” хостообута. Уматтыбыта. Тугу эрэ санаан мүчүк гыммыта, баһын быһа илгистибитэ:
— Дьэ, көр эрэ, ис санааҥ тахсан кэллэ дии. Баанньыккыттан көҥөөтүҥ…
— Баанньыктан көҥөөбөппүн, оттон… бэйэҥ киэнин оҥостуоххун наада. Тугуй, эһиги, бу курдук атын дьон баанньыктарын кэрийэн сууна сылдьаары гынаҕыт дуо?
— Эн билэҕин дии, миэхэ билигин тугум да суох, хаптаһыҥҥа харчым тиийбэт.
— Ээ, эйиэхэ өрүүтүн тугуҥ да суох. Төрүөххүттэн харчыҥ суох аатырар. Атыттарга баар дии? Тоҕо диэтэххэ, кэппиэйкэни харыстыыллар. Оттон эн кыра харчыланныҥ даҕаны, туохха эрэ барыы охсуоххун наада. Уолгар байаан ылбытыҥ дии!.. Һэ!
— Ол туох куһаҕаннааҕый? Оонньоотун ээ.
— Дьэ, көр, эн дьоҥҥо киэбириэххин баҕараҕын, оттон мин, кэччэгэйбин, эйиэхэ баанньык оттуохтаахпын. Байаан атыылаһарга харчы көстөр, хаптаһын ыларга — суох.
— Мда-а… Тпүү! Миэхэ эн баанньыгын наадата суох, күөх төлөн буолан күдэҥҥэ көттүн! – Уйбаан турбута. – Мин эйиэхэ биир эрэ этэбин, олус күтүр, көҥөс киһигин: оҕолоруҥ улааттахтарына эйиэхэ махтаныахтара да суоҕа. Мин дьадаҥытык да олорбутум иһин, оҕолорбун үөрэттэриэм, дьон кэккэтигэр таһаарыам… Өйдөөтүҥ?
“Күтүр киһи” хамсаабатаҕа, арай кэҕис гынан сөп өйдөөтүм, долоҕойбор хатаатым диэн бигэргэппит курдук туттубута.
— Бүөккэҥ кыралаан дьоҥҥо тахсар буолан эрэр ээ. Ол эрээри бастаан оҕуруоттарыгар эрэ.
— Ол аата хайдах?
— Мин оҕуруоппар моркуобум үчүгэй – ону сөбүлүүр…
— Сымыйалыыгын ээ? – Уйбаан итэҕэйбэтэҕэ.
— Бэйэтиттэн ыйыт ээ. Өссө хаппыт талах хайдаҕын эмиэ? Сөбүлээбит дуо? Уонна эт: аныгыскы сырыыга талаҕы буолбакка, ат кымньыытын ылыам… — Олорооччу сүрдээх дьэбирдик аттыгар турааччыны өрө көрбүтэ. – Онто суох, мин көрдөхпүнэ эһиги, атын дьон киэнигэр олус бэркит ээ. Оттон атын биэ, билэриҥ курдук, тэбиэлэнэр. Байаныыскар итинник диэн тириэрт.
Уйбаан, баанньык уонна оҕуруот хаһаайынын көрүүтэ дьэбириттэн, чочумча саҥарбатаҕа.
— Даа-а, — диэбитэ кини, — маннык киһи икки моркуоп туһуттан кырдьык улаханнык эчэтиэн сөп.
— Бэйэҕэр баар буолуохтаах. Миэннэрэ байааҥҥа сатаан оонньооботтор, ол эрээри атын дьон оҕуруотугар киириэхтэрэ суоҕа.
— Бэйэҥ оҕо сылдьан киирбэт этиҥ дуо?
— Суох. Миигин аҕам байааҥҥа үөрэппэтэҕэ, оттон уорбутум иһин илиибин тоһутуо этэ.
— Ол кыыллыйыы дии.
— Кыыллыйыы да буоллун, оттон уолгар эт: кымньыы ылыам. Төрүт сытан хаалыар диэри таһыйыам. Онтон үҥсүһэ сылдьаарыҥ…
— Тпүү! – Уйбаан эргиллэ түһэн дьиэтигэр барбыта. Балачча тэйэн баран, эргиллибитэ уонна улаханнык эппитэ: — Мин эн ииҥҥин хаһыам суоҕа! Мамыыҥкаҕар эмиэ кэлиэм суоҕа…
— Кэлиэҕиҥ. Онно арыгы иһиэҥ дии.., хайаан кэлбэт буолуоххунуй. Ыҥырдаллар эрэ.., кэлиэҕиҥ.
— Суох. Кэлиэм суоҕа! – Уйбаан булгуччу, саанардыы эппитэ.
— Эн тоҕо миигин өлүө диигиний? Мин эйигиннээҕэр уһуннук олоруом. Эн кэннигиттэн өлүөм, Баанньа, долгуйума.
— Күтүр.
— Бар муусуката иһит. “Тоҕо харчым аҕыйаҕый” диэн вальсы. – Баанньык уонна оҕуруот хаһаайына күлбүтэ. Табаҕын төрдүгэһин бырахпыта уонна олбуоругар киирбитэ.

Данил Макеев тылбааһа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0