Василий Седалищев олоҕо – сиэрийэ тохсус кинигэтигэр

10.03.2020
Бөлөххө киир:

Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар «Кинилэри бириэмэ талбыта: Доруобуйа харыстабылын тэрийээччи, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутата Василий Седалищев» кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Кинигэ 2010 сыллаахха олохтоммут «Саха сирин доруобуйатын харыстабылын, мэдиссиинискэй наукатын уонна үөрэхтээһинин биллиилээх үлэһиттэрэ» диэн сиэрийэҕэ бэчээттэммит. Василий Иннокентьевич Седалищев сырдык кэриэһигэр анаммыт кинигэ сиэрийэҕэ тохсус кинигэнэн тахсыбыт, Валериан Николаев уонна Пантелеймон Семенов хомуйан оҥорбуттар.

edersaas.ru

Кинигэҕэ доруобуйа харыстабылын үрдүк категориялаах тэрийээччитэ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, Уус Маайа улууһун Ытык Киһитэ, доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ В.И. Седалищев туһунан кини бииргэ төрөөбүттэрэ, кэргэнэ Зинаида Ивановна, оҕолоро, үгүс уруулара-аймахтара, биир идэлээхтэрэ, доҕотторо-атастара истиҥник, иһирэхтик ахтыбыттар.

Василий Иннокентьевич 1948 сыллаахха олунньу 11 күнүгэр Таатта оройуонун Чөркөөх сэлиэнньэтигэр учуутал дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Орто оскуола кэнниттэн дойдутугар иэһин толорон, сэбиэскэй аармыйаҕа сулууспалаабыта, 1970-1976 сылларга СГУ мэдиссиинискэй факультетыгар үөрэммитэ. Онно спортка, уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кыттыбыта, «Улыбка-72», «Nord-73» тутар этэрээттэр биир бастыҥ байыастарынан буолбута.

Хотугу улуустарга

1976 сыллаахха Василий Седалищев бэйэтин баҕатынан Уус Маайа оройуонун Күп 10 куойкалаах учаастактааҕы балыыһатын кылаабынай бырааһынан үлэтин саҕалаабыта. Эдэр, эрчимнээх быраас ыарыыны сэрэтэр үлэни, оскуола, оҕо саадын, хас биирдии ыал санитарнай-эпидемиологическай туруктарын тупсарыыны инники күөҥҥэ туппута. Балыыһа каадырдарынан толору хааччыллалларын ситиспитэ, балыыһаҕа олохтоох өрөмүөн ыытыллыбыта, таҥас сууйар дьиэ, куукуна уонна гараас тутуллубуттара. Биэс сыл иһигэр Күп учаастактааҕы балыыһата сэлиэнньэ мэдиссиинискэй уонна санитарнай сырдатар киинигэр кубулуйбута, кини манна бастакы быраас этэ.

Үлэҕэ-хамнаска саҥа көрүүлээх салайааччы 1981-1986 сылларга Үөһээ Халыма, 1990-1999 сс. Уус Маайа оройуоннарын киин балыыһаларын кылаабынай быраастарынан ананан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Бу оройуоннарга кини ыарыыны эрдэ сэрэтиигэ, Киин балыыһалар, нэһилиэктэр учаастактааҕы балыыһаларын, биэлсэр-акушер пууннара материальнай-техническэй базалара бөҕөргүүрүгэр болҕомтотун уурбута. Бу сылларга Үөһээ Халымаҕа Арыылаах учаастактааҕы, Уус Маайа киин балыыһаларын таас дьиэлэрин тутуу саҕаламмыта. В.И. Седалищев эмп тэрилтэлэрэ каадырдарынан хааччыллалларын тупсарыыга уонна кинилэр идэлэрин үрдэтиигэ элбэх үлэни ыыппыта. Манна кини ылыннарыылаах кэпсэтиини ыытар, үлэһиттэри таба аттаран туруорар дьоҕура арыллыбыта. Оройуон, нэһилиэк уонна араас тэрилтэлэр салайааччыларын кытары ыпсарыылаахтык кэпсэтэн, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр көмөлөһөллөрүн ситиһэрэ. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи эмп тэрилтэлэригэр оройуонун интэриэһин таба туруорсара, ситиһиилээх кэпсэтиилэри ыытара.

Сокуоннары ылыыга үлэлэспитэ

В.И. Седалищев 1990-1993 сылларга XII ыҥырыылаах Саха ССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан үлэлээбитэ. Норуот дьокутаата Василий Седалищев Арассыыйа, Саха сирин саҥа историяларыгар сүдү суолталаах «Саха ССР сүбүрүнүтүөтүн туһунан декларацияны», Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун ылыныыга үлэлэспитэ, дойдутун саҥа, сарсыҥҥы олоҕун оҥкулун оҥорсубута. В.И.Седалищев «Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин доруобуйатын харыстааһын», «Нэһилиэнньэ санитарнай-эпидемиологическай бөҕө туругун туһунан» сокуоннары ылыыга кыттыбыта.

Баай үөрүйэҕин таба туһаммыта

Кини  2002 сылтан олохтон туоруор диэри АНО ОСКУ «Хоту» санаторий-профилакторий генеральнай дириэктэрин солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Кини санаторнай-курортнай эйгэҕэ бу иннигэр тэрийэр, салайар үлэҕэ мунньуммут баай үөрүйэҕин таба туһаммыта, татым үбүлээһин, мөлтөх хааччыллыы кэмигэр тэрилтэ туруктаах буоларыгар үлэлэспитэ. Үлэлиир, айар-тутар былаана элбэҕэ…

Василий Иннокентьевич  олоҕу хайдах баарынан ылынара, дьиэ кэргэнигэр, халыҥ аймаҕар ытыктанар Аар тойон аҕа, тапталлаах кэргэн, эһээ, таай, убай этэ. Кини байанайдаах булчут, бааттаах балыксыт этэ. Сир астыыра, оҕуруот аһын үүннэрэрэ. Мындыр тутааччы, саталлаах уус буолан, аҕыйах сыл иһигэр икки толору хааччыллыылаах тупсаҕай дьиэни тутан, дьиэ кэргэнин муҥура суох үөрдүбүтэ.

“Аҕабыт Баһылай,
Айар эрэ айдааннаах,
Үйэтигэр үлэһит үгэһинэн,
Миэхэ Үрүҥ Күөл саҕатыгар
Дьэндэйбэтэх эрээри,
Көстүүлээх, икки этээстээх
Дьиэ тутан хаалларбыта …

Махтал буоллун, кэрэ кэргэммэр,
Мин таптыыр ахтар киһибэр!
Уостубат дьолум миэнэ,
Саргылаах олоҕум үөрүүтэ.
(Зинаида Седалищева).

Санаа атастаһыы

Кинигэ тула санаа атастаһыытыгар, Василий Иннокентьевич туһунан ахтан-санаан ааһыыга кини дэгиттэр исписэлиис, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс сыһыаннаах эмчит буолара, ханна даҕаны үлэлээтэр, тута-тупсара сылдьара, эдэр үлэһиттэргэ көмөлөһөрө, кинилэри өйүүрэ, үөрэтэрэ, айылҕаттан тэрийэр, салайар дьоҕурдааҕа тоһоҕолоон бэлиэтэннэ.

Тэрээһин кыттыылаахтара «Кинилэри бириэмэ талбыта: Доруобуйа харыстабылын тэрийээччитэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутата Василий Седалищев» кинигэ доруобуйа харыстабылын историятын биир кыра да буоллар суолталаах кэрчигин быһыытынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ, үүнэр көлүөнэҕэ, кэлэр кэнчээри ыччакка туһалаах буолуоҕун, быраас, тэрийээччи, норуот дьокутаата, тапталлаах кэргэн, дьиэ-кэргэн тапталлаах аҕата, эһээтэ, үгүс уруу-аймах өҕүллүбэт өһүөтэ, эрэллээх эркинэ, бигэ тирэҕэ, сааһыттан тутулуга суох элбэх киһи доҕоро-атаһа, кэрэ киһи Василий Иннокентьевич Седалищев туһунан хаһан да өлбөөдүйбэт өйдөбүнньүк буолуоҕун биир санаанан эттилэр.
Маннык дьоҥҥо сыһыаннаан XVII үйэҕэ Голландия эмчитэ Николас Тульпиус бу курдук эттэҕэ:

Aliis inserviendo consumоr;
Светя другим сгораю сам;
Тулабын сырдатаары бэйэм умайан бүтэбин”.

“Саха сирэ”, edersaas.ru саайтка анаан Валериан НИКОЛАЕВ.
Хаартыскалар — ааптар тиксэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0