Василий Павлов: “Интеллектуальнай оонньуу түмүгэ көстөр” (ВИДЕО)
Үөрэх, интеллектуальнай оонньуу, дьоҕурдаах оҕону сайыннарыы, болонскай систиэмэ, арҕаҥҥы сааҥсыйалар тула СӨ Билим Дьоҕус академиятын ректора Василий Павловы кытта «Сэмсэ санаа» биэриигэ кэпсэтиибитин бэчээттиибит.
Интеллектуальнай оонньуулар
— Василий Климович, аҕыйах хонуктааҕыта Норуоттар икки ардыларынааҕы Интеллектуальнай оонньуулар буолан бүттүлэр. Эһиги — сүрүн тэрийээччилэргит. Быйылгы оонньууга хас дойду кытынна уонна туох уратылааҕый?
— Бастакы Интеллектуальнай оонньуу 2018 сыллаахха буолбута, быйыл иккиһин ыыттыбыт. Түөрт сыллааҕыта 40 дойдуттан кэлбит эбит буоллахтарына, быйыл 16 дойду кытынна. Аан дойдуну аймаабыт коронавирус дьаҥыттан саҥа тахсан эрэрбит, сорох дойдулар күн бүгүҥҥэ диэри сабыллан олороллор уонна хааччахтыыр миэрэлэр даҕаны дьайан эрдэхтэрэ. Инньэ гынан, оҕолор кэлэллэрэ уустуктардаах да буоллар, тэйиччиттэн көрүҥ хото киирэн, сорох көрүҥнэргэ оҕо ахсаана өссө элбээтэ. Холобур, “Туймаада” олимпиаданы урут бэйэбит кыахпытынан 120 кыттааччылаах ыытарбыт, онтон элбэх оҕону аҕалан түһэрэргэ миэстэбит да суоҕа. Быйыл, уопсайа, 300‑тэн тахса оҕо кытынна, итинтэн аҥаара — тэйиччиттэн. Инньэ гынан, ыраах Индонезияттан, Сингапуртан оҕолор кытталларыгар табыгастаах. Инникитин Австралия эҥээр оҕолорун сыһыарар былааннаахпыт.
— Ханнык дойдуну кыахтаахтык кытынна диэн чорботон бэлиэтиэҥ этэй?
— Биһиги доҕордуу дойдубут Казахстан оҕолорун бэлиэтиэхпин сөп. Кинилэр олох квантовай өрө анньан тахсыыны оҥорбуттар, оҕолор математикаҕа чахчы кыахтаахтарын көрдөрдүлэр, олимпиадаҕа эмиэ бастакы миэстэлэри кинилэр ыллылар, уһулуччу үчүгэйдэр. Ону таһынан, химияҕа, физикаҕа эмиэ кыахтарын көрдөрдүлэр. Тоҕо? Бүтэһик сүүрбэ сылга оҕону үөрэтиигэ баһырхай үбү укпуттара уонна аан дойдуга биллэр Назарбаев интеллектуальнай оскуолатын кыаҕа биллэр. Оҕолорун омук тылынан тас дойдулартан уһуйааччылары аҕалан үөрэтэллэр. Аны бырагыраамалара аан дойду таһымнаах. Биһиги сэбиэскэй эрдэҕинээҕи бырагыраамабытын уларытан, аан дойду халыыбынан үөрэнэллэр. Ол улаханнык туһалыыр эбит, математика эҥин өттүгэр улахан ситиһиилэрдээхтэр.
— Биһиги оҕолорбут төһө бэркэ кытыннылар?
— Саха сирин оҕолоро уруккутун курдук биир таһымынан баран иһэллэр. Ол эмиэ, дьиҥэр, биһигини үөрдэр. Тоҕо диэтэххэ, таҥнары түһүү суох уонна улахан куоталаһыыга оҕолорбут үчүгэйдик кыттан бэйэлэрин көрдөрөллөр. Тус бэйэм, Yakutia International Science Fair норуоттар икки ардыларынааҕы үөрэнээччилэр билим кэмпириэнсийэкуонкурустарыгар элбэх саҥа бырайыактары көрдөрбүттэриттэн, үчүгэй миэстэлэрдээхтэриттэн, интэриэһинэй үлэлэрдээхтэриттэн үөрдүм.
Сыанабыл
Сүүрбэттэн тахса сыл устата биһиги оҕолорбутун “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэнэн дьарыктыыбыт. Академик В. П. Ларионов аатын иҥэрэн турабыт, кэмпириэнсийэ сыллата тохсунньуга ыытыллар. Бу бүтүн систиэмэ, тыһыынчанан оҕо кыттар, тыһыынчанан бырайыак киирэр. Онон сүүмэрдэнэн, чаҕылхай бырайыактар көстөн таҕыстылар.
— Туох интэриэһинэй бырайыак баарый?
— Л. В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй үөрэнээччитэ олус үчүгэй чинчийиини оҥорбут, күөл үүнээйитин үөрэппит. Ол үүнээйи үөнү-көйүүрү сиэн улаатар. Үүнээйи хайдах аһыырын, сайдарын чинчийбит. Олус дьикти, интэриэһинэй, бу курдук чинчийии сэдэх.
— Кэлии эспиэрдэр хайдах сыаналаатылар?
— Арассыыйа уһулуччулаах учуонайа, бэрэпиэссэр Артём Оганов кэлэ сырытта. Биллиилээх химик, аан дойдуга кристаллограф быһыытынан элбэх саҥа хайысхалары айбыта. Кини, Интеллектуальнай оонньуугут Гарвард университета оҕолорго аналлаах тэрээһинин курдук таһымнаах эбит диэн үрдүк сыанабылы биэрдэ, сөхпүтүн биллэрдэ. Саха сиригэр бастакы сырыыта, онон хайдах үлэлии олорорбутун истэн эрэ билэрэ. Бу сырыыга илэ кэлэн оҕолорбут таһымнарын, тэрээһиммит ыытыллыытын сөхтө. Сөҕөн-махтайан биһиги чулуу оҕолорбутугар бэйэтин аатынан истипиэндьийэни олохтоон барда.
дьоҕурдаах оҕолору сайыннарыы
— СӨ Билим Дьоҕус академията түөрт хайысханан үлэлиир: успуорт, ускуустуба, билим, креативнай индустрия. Билимҥэ хайдах үлэлэһэргитин билэ-көрө сылдьабыт. Атын хайысхаларгытын, холобур, успуорду, ускуустубаны сэргээтим.
— Успуорка Саха сирин сайдыыта биллэр. “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар тэриллэн чахчы күүһүрбүппүт, ити өттүгэр. Ону таһынан, биһиги “Сириус” халыыбынан үлэлиир эрэгийиэннээҕи киини тэрийдибит. Онон элбэх оҕону олимпийскай көрүҥнэринэн дьарыктыыбыт, талааннаах оҕолору көрдүүбүт. Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир киини кытта ыкса үлэлэһэбит. Дьиҥэр, бу киһи бу хайысхаҕа эрэ талааннаах диэн этэр кыаллыбат. Сахаларга успуортан элбэх биллиилээх учуонай тахсыбытын устуоруйаттан да бэркэ билэбит. Холобур, Алкивиад Иванов — уһулуччу тустуук, мэдиссиинэ дуоктара, бэрэпиэссэр этэ.
Биһиги Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сириус” үөрэх киинин кытта 2017 сылтан күүскэ үлэлэһэбит. РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтинэн бигэргэнэр былааннаахпыт. Киин бэйэтэ эспиэрдэрдээх, оҕолору сүүмэрдээн ылар, биһиги онно анаан бэлэмниибит. Холобур, балекка биһиги оҕолорбут “Сириус” хара маҥнай аһыллыаҕыттан кытталлар. Иван Одинцов, Алисия Пак бу сылларга элбэхтик кыттан, талааннарын биллэ чочуйдулар.
Аны өрөспүүбүлүкэ таһымнаах олимпиадалары ыытабыт. Манна “Сириус” көмөтө баһырхай, оскуола таһымыгар ыытыллар олимпиадаларга боппуруостарын бэлэмнииллэр уонна эппиэттэрин искусственнай интеллект көмөтүнэн бэрэбиэркэлээн биэрэллэр.
— Арассыыйаҕа “Сириус” систиэмэтэ, биһиэхэ Билим дьоҕус академията баар. Атын дойдуларга итинник дьоҕурдаах оҕолору талар систиэмэ баар дуо? Тоҕо эрэ истибэппин.
— Биһиги уруккуттан “Артек” лааҕыр систиэмэтин үөрэппиппит. Ол улахан инники сайдыы этэ, ол түмүгэр туспа ньымалар үөскээбиттэрэ. Онон аан дойдуга дэҥҥэ көстөр уонна уһулуччу систиэмэ диэн этиэххэ сөп. Тайваньҥа, Сингапурга, билигин Вьетнамҥа уонна Соҕуруу Кэриэйэҕэ оҕолору кытта үлэлииргэ улахан болҕомто ууруллар. Японияҕа сэрии иннинэ уонна сэрии кэннэ оннук систиэмэлэр үөскүү сылдьыбыттара. Холобур, дьоппуоннар биһиги сайдыыбыт ол систиэмэҕэ тирэҕирэн кыаҕырда диэн бэлиэтииллэр. Японияҕа биир оскуолаҕа, биир систиэмэнэн үөрэммит оҕолор бары кэриэтэ Panasonic, Тоshiba, Hitachi курдук бөдөҥ фирмалары сайыннаран таһаардылар.
Дойду харчыта кырыымчык буоллаҕына, итинник систиэмэ күүскэ үлэлиир эбит. Кыаҕын (ресурс) толору туһанар, талааннаах оҕолорун онно үөрэттэрэн экэниэмикэтэ күүскэ сайдарыгар туһалаах буолар. Биһиги дойдубутугар урут эмиэ физика-математика оскуолаларын үөскэтэн, учуонай Петр Капица эҥин саҕана, холобур, атомнай буомбаны оҥорууга, космическай индустрияҕа даҕаны өрө тахсыбыппыт. Ити барыта үөрэх систиэмэтиттэн тутулуктаах.
— Арҕааҥҥы дойдулар итиннэ улаханнык кыһамматтар… Оттон кытайдар элбэхтэрэ бэрт эбээт.
— Кинилэргэ аһаҕас систиэмэ. Судаарыстыба уопсай экэниэмикэҕэ сыһыана бэрт кыра. Биһиэхэ 70‑ча бырыһыаҥҥа тиийэр эбит буоллаҕына, атын дойдуларга 10‑ча бырыһыаҥҥа эрэ тэҥнэһэр. Кытайга экэниэмикэлэрэ улахан. Кинилэр билим сайдыытыгар анаан сыллата 1 трлн дуоллартан тахса үбү угаллар. Элбэхтэн элбэх оҕо тахсар эрээри, мин санаабар, кинилэргэ оҕо ахсаана аҕыйах буолан бытаарыы барда.
Оҕону 3 сааһыгар диэри үөрэтиҥ
— Хайдах гынан оҕолорбут дьоҕурун сайыннарабыт? Төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Хас биирдии киһи оҕотун кытта дьарыктанара ирдэнэр. Оҕо үс сааһыгар диэри ааҕа үөрэниэхтээх. Биирдиилээн сыымайдаан көрдөххө, хас биирдии Нобелевскай лауреат үс сааһын саҕана аахпыт. Оҕону утары олордон баран төрөппүт кинигэҕэ туох диэн суруллубутун илиитинэн ыйан ааҕар. Оччоҕо оҕо буукубаны уруһуй курдук көрөн, төбөтүгэр хатаан хаалар. Кыра оҕо билиини түргэнник иҥэринэр. Онон төһөнөн элбэх суругу көрөр, соччонон түргэнник сайдар. Итиэннэ тиһигин быспакка хатылыыр ирдэнэр. Оҕо мэйиитин сибээһэ үс сааһыгар диэри сүүс төгүл күүскэ үлэлиир. Ол кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн үөрэттэххэ, салгыы сайдарыгар номнуо инструменнаах буолар. Интеллектуальнай оонньууга кэлэ сылдьыбыт Оганов бэрэпиэссэртэн ыйыталаспыппар, балтараа сааспар химия кинигэтин ааҕа үөрэммитим диир.
— Оччотугар гаджет буортулаах дуо?
— Гаджет кыра оҕоҕо туһата суох. Ол оннугар үс сааһыгар диэри кинигэни ааҕарыгар кыаҕы биэрбит ордук. Гаджекка убаммыт оҕо кинигэни ааҕарын ыарырҕатар. Инньэ гынан, сайдыыта атын хайысханан баран хаалар кутталлаах. Гаджет киирэн, оҕо информацияны олоччу буолбакка, быстах, чаҕылхай түгэннэрин эрэ өйдөөн (клиповое мышление) хаалар дииллэр. Тиэкистэри оҥорорун ыарырҕатар. Маннык оҕолор кинигэни суруйалларын саарбахтыыбын.
Иккис курдук гаджеты олоччу бобор эмиэ сыыһа, оҕо онтон иҥэринэрэ, хаҥатынара элбэх. Маҥнай кинигэ ааҕа үөрэниэхтээх, ол эрэ кэнниттэн гаджеты туттарыахха сөп.
Аан дойдуга билим хааччахтаммат
— Биһиги учуонайдарбыт сааҥсыйаттан сылтаан «арыыланан» хаалыахтарын сөп дуо?
— Сэбиэскэй былаас саҕана биһиги дойдубут билимҥэ атын дойдулары кытта элбэхтик кэпсэтии ыытара, санааларын, өйүктэрин атастаһаллара. Инньэ гынан, сайдыыбыт хаалбакка, тэҥҥэ баран испитэ. Билим аан дойдуга — биир. Онон кэпсэтии улахан суолталаах. Мин санаабар, төһө да хааччахтааһын киирбитин иһин, билимҥэ кэпсэтии син биир барыаҕа. Арай, хомойорум диэн, биһиги саамай инники сыҕарыйыы туочукатыгар (бифуркационнай точка) кэллибит. Мантан квантовай бырагыраамалааһын, квантовай көмпүүтэрдэр, билигин биһиги туһана сылдьар кыахтарбыт мөлүйүөнүнэн төгүл эмискэ күүһүрүөхтэрин сөп. Ол кэмҥэ билимҥэ хайдыһан олоруубут биһиги дойдубут сайдыытыгар охсуулаах буолуон сөп. Бу экэниэмикэттэн эмиэ тутулуктаах, ыкса сибээстээх. Билигин кытай учуонайдара уһулуччу күүһүрэн таҕыстылар. Кытайдар хаһан даҕаны күүһүрүөхтэрэ, өрө тахсыахтара суоҕа диэн этэллэрэ. Түргэнник толкуйдуур роботтары оҥорорбутугар бытаарыы тахсыан сөп.
Хааччахтааһын киирбитэ эмиэ да үчүгэйдээх, бэйэбит кыахпытын, толкуйбутун арыйарга, сайыннарарга сирдиир. Билигин кыһалҕаттан даҕаны билими өрө таһаарар инниттэн үп-харчы угарбытыгар тиийэбит.
Болонскай систиэмэ
— Аны болонскай систиэмэттэн тахсабыт диэтибит. Ити туох үчүгэйдээҕий, куһаҕаннааҕый?
— Болонскай систиэмэҕэ биһиги киирэ да илик этибит. Тоҕо диэтэххэ, онно киирии биир систиэмэни (унификация), уһун кэми эрэйэрэ. Түөрт сыл бакалавр, магистр — ити болонскай систиэмэ буолбатах. Үчүгэйдик үлэлии илик, систиэмэтэ да биллэ илик этэ. Ситэри киирбэтибит. Дьиҥэр, болонскай систиэмэ устудьуон сайдарыгар cөптөөх суолу үөскэтэр. Холобур, биир университекка күүстээх өттүн үөрэтэр, атыҥҥа көһөн, салгыы билиитин хаҥатар. Университеты судургутук дьон бэйэ-бэйэтин кытта билсэр, онно саҥа хайысхалары көрөргө анаммыт тэрилтэ диэн өйдүөххэ сөп. Оччотугар манна киирбит оҕо билсэн-көрсөн, кэпсэтэн-ипсэтэн, саҥа биисинэстэри үөскэтиэхтээх, саҥа бырайыактары оҥорон таһаарыахтаах. Кыттыгас үлэ ол туһугар барар. Принстонскай, Стэнфордскай университеттар бэйэлэрин таһымнарыгар араас стартап эҥин систиэмэлэрин оҥордохторо, билигин итини “кремниевэй долина” диэн ааттыыллар. Оннук университеттар олус күүстээхтэр. Болонскай систиэмэттэн тахсыы үчүгэй да, куһаҕан да өрүттээх. Биһиги тахсабыт-тахсыбаппыт диэбэппит, биһигини онно киллэрбэттэр. Билигин биһиги бэйэбит систиэмэбитин оҥоро сатыыбыт. Ол биир өттүнэн үчүгэйдээх — университеттарга улахан болҕомто ууруллуоҕа.
— Урукку сэбиэскэй систиэмэ хаачыстыбалаах этэ дииллэр.
— Сэбиэскэй систиэмэ ол кэминээҕи экэниэмикэ таһымыгар сөптөөх этэ. Билигин экэниэмикэ букатын уларыйда, манна чааһынай-судаарыстыбаннай да көрүү баар. Оччотооҕу систиэмэ билигин хайдах даҕаны эппиэттээбэт, Арассыыйа саҥа систиэмэтэ үөскүөхтээх. Манна университтар уонна РФ Билимҥэ, үрдүк үөрэххэ министиэристибэтэ үлэлэһэ сылдьаллар, иннибит диэки хамсааһын тахсыа дии саныыбын.
Кытай уонна АХШ
— Кытай уонна АХШ сыһыаннара хайдах буолуой?
— Бу икки дойду син биир биир тылы булуохтара, экэниэмикэлэрэ күүскэ силбэһэн тураллар. Кытайга ылбычча киһи өйдөөбөт салайар систиэмэтэ баар, ону эмиэрикэлэр букатын ылымматтар. Холобур, юань сыанатын эмискэ ылан түһэриэхтэрин эбэтэр таһаарыахтарын сөп. Биир оонньуу буоллаҕа, ону эмиэрикэлэр балыйаллар дии саныыллар. Дьиҥэр, судаарыстыба таһымыгар биисинэстэрэ күүскэ үлэлиир, сибээстэрэ күүстээх, син биир уопсай тылы булуохтара.
Экэниэмикэ сайдыыта технологияттан улахан тутулуктаах. Билигин маассабай оҥорон таһаарыы сыыйа намтаан эрэр. Эмиэрикэлэр бэйэлэрин баҕаларын роботтарынан оҥорон
таһаарыахтарын, чугастааҕы кэмҥэ үлэһит илиигэ наадыйбат буолуохтарын сөп. Ити өттүгэр сибээстэрэ чэпчэки үлэһит илиилээх Кытайы кытта аҕыйыыр, ол оннугар билим хайысхатыгар силбэһиилэрэ күүһүрэн биэриэн сөп.
Сайдыы — бэйэбит илиибитигэр
— Түмүккэ, чугастааҕы биэс-уон сылга экэниэмикэбитин сабаҕалааһыннаргыттан үллэстэриҥ буоллар.
— Бу хааччахтааһын долгуна син биир уонунан сыл барыаҕа. Биһиги балачча кэм ситиһэн Европа ыстандаартыгар киирбиппит. Аны билигин ыстандаарпытын Азия өттүгэр хайыһыннарарбыт ирдэнэр. Онно киирэргэ кэпсэтэр култуурабытын, уларытарбыт ирдэнэр. Туох да диэбит иһин, билигин Арассыыйа Европалыы көрүүлээх. Азияҕа чугаһыырга элбэхтик үөрэнэрбит наада. Букатын атын дойду, атын халыып. Онон чугастааҕы түөрт уонча сыл устата үөрэнэрбит буолуо диэн сабаҕалыыбын. Онно биһиги интеллектуальнай оонньууларга кыттар оҕолорбут төһүү күүс буолуохтара. Бастакы оонньуу көдьүүһэ номнуо көстөр, оонньууга кыттыбыттар тас дойду университеттарыгар босхо үөрэнэ сылдьаллар. Ханнык күүстээх оскуолалар, университеттар баалларын, онно хайдах киллэрэри билэбит. Онон оҕолор Саха сирин үрдүк таһымҥа таһаараллар.
СӨ Билим Дьоҕус академиятын кытта билсиҥ. Саайтпыт rc14.ru диэн. Эрэгийиэннээҕи киин платформатын арыйан тус кэбиниэти арыныҥ (күн бүгүн 19 тыһ. оҕо баар), ыйытыыларга хоруйдааҥ, ситиһиилэргитин киллэриҥ, сайаапка биэрэн биһиэхэ ыытыллар араас тэрээһиннэрбитигэр кыттыҥ.
Бэлэмнээтилэр Чокуур Гаврильев, Людмила Попова