Василий Пак: «Уол оҕо аҕатын холобуругар улаатар»

Ааптар: 
23.04.2017
Бөлөххө киир:

Муус устар саҥатыгар “Аҕа – дьиэ кэргэн бигэ тирэҕэ, дьиэ кэргэн – дойду бигэ тирэҕэ” диэн аҕалар өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис сийиэстэрэ буолан ааста. Аҕалар бастакы уонна иккис сийиэстэрин дэлэгээтэ, алта уол тапталлаах аҕата, фотограф, “Барҕарыы” фондатын стипендиата, “Бастыҥ фотограф-2016” аат хаһаайына, Россия Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Василий Пак — биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

— Василий Николаевич, бэйэҥ, дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түспэккин ээ.
— Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхпин. Дьокуускайдааҕы 7-с нүөмэрдээх училищеҕа үөрэнэн, киинэ механига идэни баһылаабытым. Салгыы Иркутскайдааҕы киинэ техникумун бүтэрэн, прибордары хонтуруоллуур-кээмэйдиир слесарь идэлээх, оруобуна үөрэхпин уларытыы тутуу сылларыгар бүтэрэн кэлэн, киинэ эйгэтигэр үлэ кыайан булбатаҕым. Хотугу сиргэ физико-техническэй кыһалҕалары быһаарар институкка старшай лаборанынан киирбитим. Киинэ техникумугар үөрэппит прибордарым бары тураллара. Учуонайдар туох эрэ уопут оҥордохторуна, хаартыскаҕа түһэрэрим, видеоҕа устарым. Атын үлэҕэ көһөн да баран, хаартыскаҕа түһэрэр аппарааппын сүгэ сылдьарым. Ол курдук, сыыйа, хаартыскаҕа түһэрии сүрүн үлэбэр кубулуйбута.
Кэргэним Ульяна Федоровна үйэтин тухары үөрэх салаатыгар үлэлээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Улахан уолбут номнуо 30-тун ааста, туспа ыал. Кырабыт оскуоланы былырыын бүтэрбитэ. Икки уол үлэһиттэр. Бары араас идэлээхтэр. Икки уол маннааҕы, биир уол Новосибирскайдааҕы үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэллэр. Биирбит ХИФУ-ну бүтэрэн, аармыйаҕа ытык иэһин төлүү сылдьар.
— Уол оҕону иитэр төһө уустугуй? Оҕо хайдах киһи буолан тахсара ордук оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан тутулуктаах дииллэр.
— Сорохтор, «кыыс оҕолоох үчүгэй, ийэҕэ сүрүн көмөлөһөөччү» дииллэр. Ол эрээри, уол оҕону хайдах иитэртэн тутулуктаах быһыылаах. Улаата быһыытыйдахтарына таҥастарын-саптарын бэйэлэрэ көрүнэллэр, дьиэҕэ-уокка кыыстан уратыта суох көмөлөөхтөр. Итиэннэ уол оҕону иитэр арыый судургу, экономичнай даҕаны быһыылаах. Кыыс курдук киэргэли иилиммэттэринэн, муоданы батыспаттарынан ордук.
Саастара уларыйар кэмнэригэр “мин” диэн бэйэлэрин көрдөрөр түгэннэрдээхтэр. Айылгылара оннук буоллаҕа. Ол кэмҥэ куолаһы соноппотоххо, тэҥнээҕиҥ курдук кэпсэттэххэ, барыта этэҥҥэ ааһар. Уол оҕо аҕатын батыһар дииллэрэ чахчы. Ыал аҕата көхтөөх, араас тэрээһиннэргэ кыттар буоллаҕына, оҕо ону көрөн үөрэнэр.
Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхтэринэ: “Биһиги хаһан эмэ син биир кырдьыахпыт. Онон үрдүк үөрэҕи ыллаххытына, олоххо элбэҕи ситиһиэххит, дьиэ кэргэҥҥитин иитиэххит-аһатыаххыт”, — диэн сүбэлиирбит. Биллэн турар, орто профессиональнай идэлээх киһи намыһах, мөлтөх эҥин диэн өйдөбүлү хаһан даҕаны иҥэрбэт этибит.
Улахан уолбут 2-с №-дээх национальнай политехническэй оскуоланы, атыттарбыт Саха политехническэй лицейи (уруккута 14-с №-дээх оскуола) бүтэрбиттэрэ. Бэһис уолум тохсус кылаас кэнниттэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейгэ көспүтэ.
Улахан уустуктары көрсүбүппүн өйдөөбөппүн. Тоҕо диэтэххэ, олус көхтөөхтөр этэ. Саамай сүрүнэ — оҕо дьарыктаах буолуон наада. Оччоҕо туох даҕаны куһаҕан дьаллыкка сыстыбат, ылларбат.
— Оскуолаҕа төһө элбэхтэ сылдьааччыгыный? Оскуола боруогун букатын атыллаабатах аҕалар эмиэ бааллар.
— Төрөппүт мунньаҕар үксүгэр кылаастан үс-түөрт эрэ аҕа кэлээччи. Биэс буоллахпытына — улахан үөрүү. Оскуолаҕа төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы этим. Урут оскуола муостата барыта линолеум буолара. Атын оскуолалар курдук тыһыынчалыынан буолбакка, чиэппэргэ 150 солк. хомуйарбыт. Ону барытын мунньан-тараан, сыыйа муостатын кафельга уларыттарбыппыт. Ити барыта төрөппүт күүһүнэн оҥоһуллубута. Ону таһынан, оскуола түмэлэ аһыллыбыта.
Аҕа оскуолаҕа хайаан даҕаны чугас буолуон, учууталлары кытта алтыһыан наада. Оччоҕо эрэ оҕо учууталы убаастыыр, үөрэҕэр кыһаллар. Оҕону аҥардас тылынан такайар кыра. Ийэ, аҕа тус холобурдарын батыһан, кинилэри көрөн үөрэнэр. Көхтөөх төрөппүттэрдээх буоллахтарына, оҕолор тардыналлар даҕаны.
Аны 1-4 кылаастарга төрөппүттэр оҕолорун оскуолаҕа илдьэр, аҕалар буолан, син бары кэриэтэ учууталы кытта алтыһар, оскуолаҕа сылдьар курдуктар. Онтон орто сүһүөх кылаастарга үөрэнэр кэмнэригэр төрөппүттэр “сүтэн” хаалаллар. Итиэннэ оҕолоро оскуоланы бүтэрэллэрин саҕана дьэ түмсэллэр. Төрөппүт төһө түмсүүлээҕэ чопчу орто сүһүөххэ көстөр. Аны оҕо өйө-санаата саамай ыһыллар, бэрээдэги кэһэр кэмэ – орто сүһүөх кылаастарга. Ити кэмҥэ төрөппүт өттүттэн улахан болҕомто эрэйиллэр.
Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхтэринэ, кэмиттэн-кэмигэр дьиэ иһинээҕи мунньах ыытар этибит. Бары түмсэн олорон сүбэлэһэрбит. Кыралар үөрэхтэригэр улахаттар көмөлөһөөччүлэр, ыарырҕаттахтарына, быһааран биэрээччилэр.
Охсуһарын охсуспаттар этэ эрээри, мөккүһүү хаһан баҕарар баар буолааччы. Бэйэлэрин көрүүлэрин туруорсаллара, туруулаһаллара ханна барыай. Оннук буолуохтаах даҕаны буоллаҕа. Ити түгэҥҥэ бэйэ-бэйэни быһа түһүспэккэ, атыттар санааларын истэн, билэн баран эрэ этиҥ диэн үөрэтэрбит.
— Василий Николаевич, аҕа быһыытынан төһө кытаанах этигиний? Нууччалыы “кнут и пряник” диэн ньыманы төһө туһанааччыгыный?
— Курунан эҥин таһыйбыппын букатын өйдөөбөппүн. Ийэбит “аҕаҕытыгар этиэм” эҥин диэн куттуур түгэннэрдээх этэ эрээри, мин мөхпөккө, барыларын мунньан олорон кэпсэтээччибин, быһаарааччыбын. Ити олус туһалаах ньыма эбит. Ыалдьыттар кэллэхтэринэ, “оҕолоргут дьиэлэригэр бааллара-суохтара букатын биллибэт” диэччилэр. Тоҕо диэтэххэ, бары дьарыктаах этилэр. Ким эрэ саахыматтыыр, ким эрэ уруһуйдуур. Арыгы, табах буортутун туһунан кэмиттэн-кэмигэр, түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн кэпсиирбит. Тэлэбиисэринэн криминалы олус элбэхтик көрдөрөллөр. Маныаха, хата, улахан уолбут футболист буолан, кыралар эмиэ түүннэри-күнүстэри футбол күрэхтэһиилэрин көрүүлэрэ абыраабыта. Биир уолбут КВН-ы интэриэһиргиирэ. Онон ити биэриини атыттар эмиэ сэргээн көрөллөрө. Оҕолорум кыраларыгар “Денди” диэн оонньуу үөдүйэ сылдьыбыта. Алтыалар диэтэххэ, ким даҕаны былдьаспат этэ, бары бириэмэнэн оонньууллара. Уопсайынан, соҕотох оҕотооҕор элбэх оҕо үчүгэйтэн куһаҕаны арааран өйдүүр быһыылаах. Бэйэмсэх буола улааппат. Устудьуоннуур да кэмнэригэр ийэ-аҕа сирэйин-хараҕын манаан олорбокко, үөрэхтэрин таһынан, кыра да буоллар дохуот киллэрэргэ дьулуһаллар.
— Аҕалар өрөспүүбүлүкэтээҕи сийэстэригэр иккиэннэригэр дэлэгээт быһыытынан кыттыбыккын билэбин. Бу туһунан кэпсии түспэккин ээ.
— Маҥнайгы сийиэс өссө М.Е.Николаев бэрэсидьиэнниир эрдэҕинэ ыытыллыбыта. Оччолорго Михаил Ефимович аҕалары барыбытын түмэн, Бырабыыталыстыба дьиэтин Овальнай саалатыгар көрсүбүтэ. Онтон тутуспутунан оптуобуска олорсон, “Орто дойду” этнокомплекска тиийбиппит, тэлэбиидэнньэҕэ устубуттара, тэриэлкэ да ыттарбыттара. Сарсыныгар пленарнай чааһа буолбута. Оччолорго оҕолорум оскуолаҕа үөрэнэллэрэ, туох да көхтөөх аҕа этим. Ол иһин дэлэгээт быһыытынан талбыттара. Билигин Сайсары уокуругун Аҕаларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэбин. Онон атын аҕалар санааларын, этиилэрин истэр — быһаччы эбээһинэһим.
— Сийиэскэ туох кэпсэтии таҕыста? Туох көдьүүстээх буолла?
— Кэлин аҕа оруола түстэ, уларыйа быһыытыйда диэн этэллэр. Массыына уруулугар – дьахтар, салайааччы дуоһунаһыгар, оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ эмиэ дьахталлар элбээтилэр. Тыаҕа олорор аҕалар сүөһүлээх, сылгылаах буоллахтарына, үксүгэр онон дьарыктаналлар. Үлэ көстөрө күчүмэҕэйдэрдээх. Үчүгэйэ диэн, оҕолорун булка-алка уһуйаллар. Оттон куорат сиригэр үлэлээхтэр эрээри, дьахтар хамнаһа үрдүк. Ол иһин сороҕор оҕо төрөөбүтүн кэннэ эр киһи оҕотун кытта олорор түгэннэрэ эмиэ бааллар. Сорохтор дьыбаан “киэргэлэ” буолан сыталлар. Сэбиэскэй кэмҥэ ийэлэр дьиэҕэ олороллоро, ас астыыллара, оҕолорун бэрийэллэрэ. Үлэлиир буоллахтарына үлэлииллэрэ, ону ким да боппот этэ. Билигин төттөрү эргийэн эрэр. Ол төрүөтэ тугуй?
Тыа сиригэр оҕо кэм иһирдьэнэн-таһырдьанан үлэлии-хамсыы сылдьар. Оттон куоракка хамсанар-имсэнэр туһугар харчы төлөөн туран спортивнай саалаларга дьарыктаналлар. Маныаха ырыынак бэйэтин усулуобуйатын олохтоон, спортивнай саалалар төлөбүрдээх буоллулар. Дьиэ кэргэн туһугар кыһанар курдуктар эрээри, син биир туох эрэ харгыстар бааллар. Ыал барыта харчы төлөөн оҕотун эрчийэр кыаҕа суох. Куорат сорох оскуолаларыгар спортивнай саалалара даҕаны суох. Ити кыһалҕаны таба өйдөөн, оскуолаларга былаһааккалары оҥортороллоро, эбэтэр устудьуоннар куораттарыгар курдук стационарнай тренажердары туруораллара ордук этэ диэн этии көтөхтүбүт. Элбэх кыбвартыыралаах дьиэлэр иннилэригэр турар көннөрү сырылыыр сирдэр эрэ буолбакка, арыый улахан оҕолорго аналлаах хамсанар тэриллэр эмиэ наадалар. Кэлэ-бара илиилэрин-атахтарын эрчийэн ааһалларын курдук.
Аны эр киһи иитээччи суоҕун кэриэтэ, эр киһи учуутал букатын аҕыйах. Статистика кэрэһилииринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ учуутал уопсай ахсааныттан 10-тан тахса эрэ бырыһыана эр киһи эбит. Онон эр дьон иитээччи, учуутал эбилиннэхтэринэ эрэ, аҕа аата үрдүктүк тутуллуо, сыаналаныа диэн этэллэр.
Ону тэҥэ, арыгы, табах кыһалҕата үгүс аҕалары долгутар. Урукку сылларга арыгы атыылыыр маҕаһыыннар үөрэх тэрилтэлэриттэн балачча тэйиччи тураллара. Кэлин ити икки арда кыччаан биэрдэ. Аны куоракка пиибэ, табах хас киоска ахсын атыыланара. Итини бопсууга биһиги кылааппыт эмиэ баар дии саныыбыт. Тоҕо диэтэххэ, 14-с оскуола төрөппүттэрэ дьокутааттарга, куорат уокуругар хас да төгүллээн сурук суруйан турабыт.
Кэлин ыал буолбут дьон арахсаллара үгүстүк бэлиэтэнэр. Дьиэ кэргэҥҥэ, оҕону иитиигэ эппиэтинэһэ суохтук сыһыаннаһаллар, кыра даҕаны уустуктартан чаҕыйаллар. Арахсыы тахсыбатын туһугар итиэннэ туох эмэ уустуктар үөскээтэхтэринэ, уопуттаах дьонтон сүбэ-ама ылалларын курдук, эдэр аҕаларга анаан туспа “оскуола” тэрийиэххэ диэн санааларын биллэрдилэр.
Итэҕэл сулууспатыгар психологынан үксэ дьахталлар үлэлииллэр. Эр киһи туох эмэ мунаарар боппуруостаах буоллаҕына, эрийэр түгэнигэр дьахтарга санаатын толору арыйбат, кыбыстар. Онон итинник сулууспаларга эр дьон психологтар эмиэ наадалар диэн туруорсаллар. Россияҕа итинник холобурдар бааллар.
1980-1990-с сылларга төрөөбүт дьон ийэ, аҕа аатын сүгэн эрэллэр. Биһиги кэммитигэр тэҥнээтэххэ, оҕону иитиигэ эппиэтинэстэрэ намыһах. Сийиэскэ бу кыһалҕаны эмиэ таарыйдылар.
— Оҕону иитиигэ эйигин аҕа быһыытынан туох боппуруостар долгуталларый?
— Урукку курдук оскуолаларга начаалынай байыаннай бэлэмнэнии баара буоллар үчүгэй этэ. Ону тэҥэ, аныгы оҕо омук тылын нуучча тылын курдук билиэхтээх, илиитинэн сатаан оҥорор дьоҕурдаах буолуохтаах. Холобура, 21-с нүөмэрдээх оскуолаҕа лазернай тэрил ылбыттар, фотостудиялаахтар, бэйэлэригэр киинэ усталлар, таҥаллар (монтаж), таҥаска, иһиккэ сурук-бичик (полиграфия) түһэрэллэр. 14-с оскуолаҕа уус, ювелир, баттах оҥорооччу, туойтан оҥоһук хосторо, 3D, авиамоделирование, үҥкүү куруһуоктара бааллар. Оскуолаҕа ити курдук куруһуоктар баар буоллахтарына, оҕо үөрүүнэн барар, дьарыктаах буолар, сайдар.

— Василий Николаевич, эйигин кыралаан араас оҥоһуктары оҥорор диэн истибитим.
— Кыра үлэлэрдээхпин. Улахан саба быраҕан көрдөрөр үлэ буолбатах. Туочуканан ойуулаан (точечная роспись) араас харысхаллары, мастан эт кырбыыр дуоскалары, ас буккуйар күрдьэхтэри, туостан кыра бэлэхтэри-туһахтары оҥортуубун, тимиргэ уруһуйдары түһэрэргэ холонон көрбүтүм. Табылыннаҕына, атыҥҥа ылсан иһэр идэлээхпин. Үлэм быыһыгар буоллаҕа. Биэнсийэҕэ таҕыстахпына, баҕар, дьарыктаныам диэн кыралаан үөрэнэ сылдьабын. Батсаапка анаан-минээн “Уран талба талааннаахтар”, “Кыл, сиэл, туос оҥоһуктар”, “Дьарык (Уустар)” бөлөхтөрү арыйбытым.
Тимиргэ түһэрэри сэргээтим. 3D ручканан ачыкы оправатын оҥорон көрдүм. Дьиҥэр, оҕо да оҥорор үлэтэ эрээри, биһиги кэммитигэр, Сэбиэскэй Сойуус саҕана суох буолан, интэриэһинэй. Син ону-маны оҥорон таһаарыахха сөп эбит. Ол да буоллар, сүрүн дьарыгым – хаартыска. Ити курдук, кыралаан дьон сатыырын кыайа тутабын.
Былырыын “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга бырайыак толкуйдаабыппыт. Кэлии спортсменнар ханнык судаарыстыбаттан, ханнык спорт көрүҥүнэн кытталларын көрдөрөр былаах тикпиппит. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар олорор дьон А 4 кээмэйдээх үлэлэрин ыыппыттара. Сорохтор оҕуруонан тиспиттэрэ, сорохтор быысыбайдаабыттара. Түмүгэр «Уран талба талааннаахтар» диэн батсаап бөлөх куоракка баар дьоно бары түмсэн, холботолообуттара. Букатын улахан көбүөр саҕа буолбута. Ону спорт түмэлигэр туттарыахпыт дии санаабыппыт да, билиҥҥитэ бэйэбэр баар. Дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөргө бэртээхэй оҥоһук. Быйылгы “Манчаары оонньууларыгар” эмиэ тугу эмэ толкуйдаабыт киһи дии сылдьабын.
— Бэрт интэриэһинэй дьарыктаах аҕа эбиккин. Сэһэргэһииҥ иһин махтал.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0