Василий Мандаров: «Ыйаах тахсыбыта төрөөбүт тылбыт тыыннаах, сайдыылаах буоларын туоһулуур»

13.02.2020
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев  Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр сахалыы тыллаах  Бэчээт күнүн олохтуур туһунан ыйаахха илии баттаата.

Бүлүү улууһун «Олох суола» хаһыатын сүрүн эрэдээктэрэ, Бэчээт туйгуна Василий Мандаров бэлиэ күн анаммытын туһунан санаатын үллэһиннэ:

— Бу ыйаах тахсыбыта төрөөбүт тылбыт тыыннаах, сайдыылаах буоларын туоһулуур дии саныыбын. Чахчы даҕаны, биһиги тылбытын-өспүтүн сүтэрбэппит туһугар, норуот суруктаах-бичиктээх буоларын бэлиэтиир күннээхпит наада этэ. Биһиги сыллата Араассыыйа бэчээтин күнүгэр Бүлүү улууһун эдэр кэрэспэдьиэннэригэр сэминээр тэрийэн ыытабыт. Онон, Саха бэчээтин күнүгэр интэриэһинэй тэрээһини толкуйдуохпут. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар сэминээрдэр, форумнар ыытыллаллара буоллар диэн санаалаахпын. Самаан сайыны уруйдуу, окко киириэх иннинэ сахалыы тыллаах суруналыыстар көрсөн санаабытын атастаһыахпыт, кэпсэтиэхпит буоллаҕа. Бу ыйаах тахсыахтааҕын билэр этим, үлэлэспит дьоҥҥо махтанабын. 

Айтана Аммосова, edersaas.ru

Хаартыскаҕа: хаҥастан уҥа — «Мүрү саһарҕата» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Алексей Троев

уонна «Олох суола» хаһыат эрэдээктэрэ Василий Мандаров.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0