Василий Лукин: Кыаммат араҥа диэн суох буолуохтаах

Ааптар: 
28.07.2017
Бөлөххө киир:

edersaas.ru сайт Ил Дархан тыа сирин олоҕун тупсарыыга, кыаммат араҥаны өйүүргэ туһуламмыт ыйаахтарын улуустар хайдах толоро олороллорун билээри Бүлүү улууһун МТ баһылыгын бастакы солбуйааччытыттан Василий ЛУКИНТАН ыйыталастыбыт.

edersaas.ru


— Тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыыны дэлэтиигэ үлэлиибит. Ынах-сүөһү бородууксуйата  билиҥҥи кириисис кэмигэр тыа дьонугар көмөлөөҕүн өйдөөн тураммыт, хас биирдии тыа ыала дьарыктаах, хаһаайыстыбалаах буоларын ситиһиэхтээхпит. Ил Дархан олохтоох оҥорон таһаары бородууксуйаларын сайыннарыахха диэн этиитин улуус ылынан үлэтин-хамнаһын ыытар. Ол курдук, механизированнай аныгы оҥоһуулаах хотоннору тутуу биһиги улууспутугар күүскэ барда. Сыдыбылга улахан механизированнай хотон тутуллубута. Онно 103 ыанар ынаҕы Новосибирскайтан аҕалбыппыт. Бу ынах 3,5 тыһыынча киилэ үүтү биэрэр кыахтаах. Кыһынын төрүүр буолан, сыл устата Бүлүү куората үүт аһынан хааччыллар. Дьон билигин “хайдах бороһуок үүтүнэн олорбуппутуй” диэн сөҕөллөр. Ону таһынан, сылгыһыттарбытыгар болҕомтобутун уурдубут, нэһилиэктэринэн конебазалары  тэрийэргэ үлэ барар.

Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кыаммат араҥаҕа  диэн 100 мөлүйүөн солк. көрүллүбүтүттэн, Бүлүүттэн биэс нэһилиэк биирдии мөлүйүөн харчыны ылбыта. 

Тыа сирин олоҕун тупсарыы – сүрүн хайысхабыт. Нэһилиэктэр тас көрүҥнэрэ биллэ тубуста: уулуссаларга банаардар турдулар, оҕо спортивнай площадкалара үксээтэ, тротуардар уурулуннулар. Тыа сирэ сэргэхсийэн эрэр. Аны дьиэлэрбитин ититиигэ, киин оттукка холбуур үлэни күүһүрдүөхпүт. Үгүс нэһилиэктэр толору хааччыллыылаах буолан эрэллэрэ киһини үөрдэр.

Аҥардас үүт уонна эт аһылык эрэ буолбакка, атын туох көрүҥ баар буолуон сөбүн толкуйдуур этим. Икки сылтан бэттэх сыыр оҥорон таһаарар буоллубут. Бу кэрэхсэбиллээх дьарыгынан Лөкөчөөҥҥө Харлампьев Максим дьарыктанар. Киниэхэ Сыыр оҥорор тэрилин ыларга көмөлөспүппүт. Билигин биһиги сыырбыт өрөспүүбүлкэҕэ биллэр “Лөкөчөөн сыыра” диэн бренд буолла.

Өссө мүөт оҥоруутунан дьарыктанан эрэбит. Татарстантан тигээйи иитэр-үөрэтэр учуонайдары ыҥыран, 19 киһини үөрэттэрдибит. Билигин Мария Орлосова диэн Чинэкэ кыыһа тигээйи иитиитинэн ситиһиилээхтик дьарыктанар. Уопсайа сэттэ ыал тигээйилиин бодьуустаһар. Аҕыйах хонуктааҕыта көрсөн кэпсэппиппэр, «үчүгэй, инникилээх дьарык» диэн үллэстибитэ. Ол курдук, оҥорон таһаарыы саҥа көрүҥнэрин Бүлүүгэ киллэрэ туруохпут, хас биирдии дьарыктанар дьоҥҥо улуус көмөлөһүөҕэ диэн эрэннэрэбит. Ону таһынан куһу-хааһы, козааны, табаны иитии, оҕуруотунан дьарыктаныы уонна да атын саҥа идиэйэлэргэ үлэлэһэбит. Саха сирин отонноро, кучу чэйэ эмиэ бренд буолуохтарын сөп диэн көрөбүн.

— Василий Тимофеевич тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр үэлээбит уопутуҥ быһаччы көстөр. Өрөспүүбүлүкэ сүрүн министиэристибэтигэр үлэлии сылдьан төрөөбүт улуускар хайдах хаһан тиийдиҥ этэй?

2012 сыллаахха улуус баһылыга бастакы солбуйааччынан ыҥырбыта. Толкуйдаан баран, улууһум туһугар үлэлии барарга сөбүлэспитим. Кэргэним бастаан утаа Дьокуускайга үлэлии хаалбыта, тус-туспа сылдьан үлэлииргэ табыгаһа суоҕун өйдөөн, мин кэннибиттэн кэлбитэ. Бүлүүбүтүгэр сөбүлээн олохсуйдубут, билигин Дьокуускайга ыалдьыт эрэ курдукпун.

— Улуус сайдыытын хайдах көрөҕүн?

Бастатан туран, түмсүүлээх буолуохха наада. Бүлүүлэр сүрүн кыһалҕабыт ол. Хаһан баҕар, ханна баҕар иирсээннээх ыалы туора, кынчарыйа көрөллөр. Хомойуох иһин, биһиэхэ ол баар. Сомоҕолоһуу, түмсүү, биир санаанан олоруу улуус сайдыытыгар олук буолуохтаах. Ыччаты кытта ыкса үлэлэһиэххэ наада. Сайдыыны оҥорооччу  эдэр каадыр буоллаҕа дии. Куоратыттан, тыатыттан, баартыйатыттан, омугуттан тутулуга суох бары улууспут туһугар күүскэ түмсүөхпүтүн наада. Иккиһинэн, аныгылыы эттэххэ проектнай үлэлээһиҥҥэ киирии буолар, ол курдук «урутаан сайдар территориялары» тэрийии буолуо. Улуус инникитэ гааһы хостооһуну кытта сыһыаннаах.

Бу манна бэйэ каадырдарын үлэлэтии, үлэлиир тэрилтэлэр олохтоохтору кытта сөптөөх социальнай политиканы ыыталлара ирдэнэр. Бүлүүгэ профучилищебытын нефтегазовай орто үөрэх кыһатынан көрөбүн, үлэ профессияларыгар ыччаты үөрэтиигэ Бүлүү киин буолуон сөп. Ити курдук хас биирдии эйгэҕэ былааннардаахпын: культуураҕа уонна спортка Бүлүүлэр сайдар кэскилбит баһаам буолар. Түбүкпүт элбэх, суолбут-ииспит дьаһаллыан наада. Бу түгэҥҥэ улуус өрөспүүбүлүкэни кытта бииргэ, биир тэтимнээхтик үлэлиирбит ирдэнэр. 

Василий Тимофеевич идеята, көрүүтэ элбэҕинэн сөхтөрдө. Аныгылыы көрүүлээх, дьону муһар талааннаах салайааччыга инникитигэр элбэх ситиһиини баҕара хааллыбыт.

Ыспыраапка:

Лукин В.Т. – Бүлүү улууһун Балаҕаччы нэһилиэгиттэн төрүттээх. Балаҕаччы орто оскуолатыгар комсомол тэрилтэтигэр сэкэрэтээрдээбитэ. Оскуоланы бүтэрээт биир сыл совхозка тырахтарыыстаабыта, ол кэннэ Сэбиэскэй Армия кэккэтигэр Ташкеҥҥа сулууспалыыр.

Иркутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институутун бүтэрэр уонна төрөөбүт дойдутугар үлэлии кэлэр, 32 сааһыгар совхоз дириэктэринэн ананар.

1995 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Трофимов Ю.Д. ыҥырыытынан өрөспүүбүлүкэни тиэхиникэнэн хааччыйар сүрүннүүр отделга салайааччынан кэлэр. “Туймаада-агроснаб”, “Туймаада-Лизинг” уонна “Туймаада-Нефть” диэн тыа сирин хааччыйар тэрилтэлэри тэрийсэр. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр эппиэттээх дуоһунастарга үлэлээн баран Бүлүү улууһун дьаһалтатыгар үлэлии сылдьар.

СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо.

Түөрт оҕолоох, бары араас эйгэҕэ миэстэлэрин булан үлэлии сылдьаллар.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0