Василий Иванов Анал этии туһунан санаатын үллэстэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, муус устар 21 күнүгэр, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха Анал этиитин иһитиннэрбитэ. Бу туһунан Дьокуускай куорат ыччат палаататын бэрэссэдээтэлэ Василий Иванов санаатын үллэстэр.

—  Коронавирус дьаҥа мэһэйдээбитин да үрдүнэн, дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа ис уонна тас бэлиитикэтин туһунан норуотун иннигэр чиэһинэйдик кэпсээтэ. Бу Анал этии социальнай суолталаах буолла. Ордук социальнай сиэрдээх буолуу, дойду гражданнарын туһугар кыһаллыахтааҕын туһунан боппуруостар болҕомтоҕо ылынылыннылар.

Национальнай бырайыактарга ыччаты өйүүргэ салаалар кэҥииллэрин туһунан этиини үөрэ иһиттибит. Итиэннэ сэттэ сааһыгар диэри оҕолоох дьон бүлүтүөннэрэ 100 бырыһыан төлөнүүтүн туһунан иһитиннэриини эмиэ сэргээтибит. Тоҕо диэтэххэ, эдэр исписэлиис бу балаһыанньаҕа түбэстэҕинэ саамай кыра хамнаһы аахсар.

Онон, мин санаабар, кэмигэр тоҕоостоох уонна сөптөөх миэрэлэр ылыллан эрэллэр, — диэн Василий Иванов Анал этиигэ бэйэтин санаатын тиэрдэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0