Василий Илларионов: «Олоҥхобутун өрө тутан, өссө сомоҕолоһон биэриэҕиҥ!»
Быйыл Олоҥхо ыһыаҕа Үөһээ Бүлүүгэ тэриллэн ыытыллыаҕа. 2008 сылтан саҕалаан Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай кэмитиэтэ (А.Н.Жирков) көҕүлээһининэн, ыһыаҕы улуустарга тэрийэн ыытыыга аналлаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр тэрээһиннээхтик тэриллэн ыытыллар буолбуттара. Онуоха туһааннаах улууска миэстэтигэр тиийэннэр фольклористар, кыраайы үөрэтээччилэр, ыһыаҕы тэрийэн ыытааччылар, култуура үлэһиттэрэ түмсэн, сүбэлэһэн ыһыах тускулун, сыалын-соругун дьүүллэһии үгэһэ олохсуйбута.
Быйылгы кэмпириэнсийэ соторутааҕыта үрдүк таһымнаахтык, киэҥ хабааннаахтык тэриллэн ыытылынна. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы С.В.Местников, СӨ култууратын миниистирэ Ю.С.Куприянов тус бэйэлэринэн кэлэн, тыл-өс буоллулар. Итини тэҥэ, улуус баһылыга В.С.Поскачин, кинини социальнай боппуруоска солбуйааччы Л.С.Тойтонова, Олоҥхо ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Ф.В.Шишигина кэмпириэнсийэ тэриллэн ыытыллыытыгар быһаччы кытыннылар, ыытыллар үлэлэри киэҥник билиһиннэрдилэр.
Владимир Семенович быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа Автономия олохтоммута 100 сылыгар ананарын, онуоха биир дойдулаахтара Исидор Барахов быһаччы кыттыспытын, маҥнайгы салайааччылартан биирдэстэрэ буолбута ыһыаҕы тэрийиигэ элбэҕи эбээһинэстиирин анаан бэлиэтээтэ уонна Арассыыйа норуоттарын үйэлээх баайын сыла биллэриллибитинэн ыһыах төрүт үгэстэрэ үрдүктүк тутуллуохтааҕын ордук чорботон эттэ.
Барыта 1500 киһи кытынна
Кэмпириэнсийэҕэ тэйиччиттэн (онлайн көмөтүнэн) уонна маастар-кылаастарга, быыстапкаларга кыттыбыттары аахсан туран, уон сэттэ улуустан барыта 1500 киһи кыттыыны ылла. Былырыын Олоохунаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын тэрийээччи М.Д.Ларионова салайааччылаах уонна эһиил Өймөкөөҥҥө тэриллэн ыытыллыахтаах улуустан 25 киһилээх дэлэгээссийэ кэлбитэ үөһээ бүлүүлэри чахчы астыннарда, уопут атастаһыы, улуустар уратыларын анааран көрөргө чахчы да наадалааҕа көстөр.
10 олук
Олохтоохтор олоҥхо – ийэ тыл биһигэ, үйэлээх үгэс уонна уопсастыба диэн ааттаан, Олоҥхо ыһыаҕын уратытын ордук чорботон, бэлиэтээн кэмпириэнсийэлэрин 10 олукка арааран, түһүмэхтэринэн тэрийбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх буолла, бары боппуруостар хабылыннылар.
Олуктары бэрэпиэссэрдэр Н.Д.Архипов, В.В.Илларионов, ХИФУ дассыаннара С.И.Петрова, И.В.Покатилова, О.К.Павлова, Олоҥхо институтун дириэктэрин э.т. Р.Н.Анисимов, ф.н.к. Г.Е.Саввинова, М.Т.Сатанар, Ю.П.Борисов салайбыттара научнай таһымы лаппа үрдэттэ. Олуктарга дакылааттары бэрэпиэссэр Г.С.Попова-Санаайа, Гуманитарнай чинчийии институтун фольклористара, учуонайдар С.Д.Мухоплева, А.А.Кузьмина, Н.В.Павлова Үөһээ Бүлүү олоҥхотун, фольклорун хомуйуу, үөрэтии боппуруостарын сырдаттылар. А.Н.Данилова, Н.А.Оросина, ускуустуба наукатын дуоктара А.С.Ларионова бэчээккэ бэлэмнии сылдьар Үөһээ Бүлүү кэнники кэм биллиилээх олоҥхоһута, оһуокайдьыта А.Т.Титаров олоҥхотун сюжетын, поэтикатын, тойугун уратытын кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарыгар билиһиннэрдилэр. Оскуола үөрэнээччилэрэ кэтэхтэн да буоллар, наукаҕа маҥнайгы хардыыларын оҥорбуттарын эспиэрдэр Ю.П.Борисов, О.К.Павлова бэркэ астынан туран сыаналаатылар уонна бастаабыттарга дьупулуомнары, көхтөөхтүк кыттыбыттарга сэртипикээттэри, анал өйдөбүнньүктэри туттартаатылар. Маны таһынан, маастар-кылаастары Тааттаттан мас ууһа А.П.Лопатин, олоҥхоһуттар В.Г.Исаков, уһуйааччы Н.П.Тимофеев, тойуксут Д.С.Иванов, ыһыах таҥаһыгар и.н.к. С.И.Петрова-Уран, оһуокайга А.М.Мойтохонова уо.д.а., “Чороон – ХХI үйэҕэ”, “Көмүлүөк” тэрилтэлэр кыттыыны ыллылар, сүбэ-ама биэрдилэр.
Талба талааннаахтар муһуннулар
Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара бары да талба талааннаахтарын ыалдьыттар кэнсиэртэригэр дуоһуйа иһиттибит. Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, билигин Нам Фрунзетыгар худруктуур Мария Григорьева дойдутугар кэлэн, талба талаанын көрдөрбүтүн астына иһиттилэр. Олохтоохтортон сцена бэтэрээннэрэ, түһүлгэлээх үҥкүүһүттэр Л.С.Афанасьева, В.С.Семенова, Н.Д.Чуручанов ырыалара-тойуктара, кылыһахтарын кылаана сынтарыйа илигин көрдөрдө. Валентина Семеновна олоҥхоҕо ылсыһан эрэр эбит.
«Христофор Максимов» пуондата
Аны «Христофор Максимов» пуондата норуот тапталлаах артыыһа төрөөбүтэ 105 сылынан сибээстээн, аан маҥнай артыыс быһыытынан үлэлээбит сиригэр кэлэн көрсүһүүлэри, кэнсиэртэри тэрийэ сылдьан, кэмпириэнсийэ тэрээһиннэригэр кытынна. Махталлаах үөһээ бүлүүлэр баһылыктара өйөөн, Абаҕаҕа сир ылан, балаҕан туттубуттар уонна 2024 сылга Аммаҕа тэриллэн ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар ыалдьыттыыр, көрүгэр-нарыгар кыттыһар санаалаахтар эбит.
Түһүлгэ оҥоһуллан бүтэрэ чугаһаабыт
Үөһээ бүлүүлэр Олоҥхо ыһыаҕар, төһө да дьаҥ өрө турдар, бэлэмнэммиттэрэ харахха быраҕыллар. Ыһыах дириэктэринэн салайар үлэҕэ улахан уопуттаах Л.С.Тойтонова ананан айымньылаахтык үлэлии сылдьар. Ыһыах түһүлгэтин мэлдьи буоларын курдук бырааттыы Яроевтар салайыыларынан оҥорон бүтэрэн эрэллэр. Вячеслав Яроев улуус салалтата барытын эрдэттэн былааннаан оҥорбут буоланнар, үлэ сылбырҕатык барарын бэлиэтиир.
Кэнсиэпсийэ
Ыһыах кэнсиэпсийэтэ анал идэлээхтэри кытта сүбэлэһэн, бары боппуруостар ырытыллан уу тэстибэтин курдук оҥоһуллубут. Сүрүн болҕомто Үөһээ Бүлүү олоҥхотун уонна оһуокайын тэҥҥэ тутан, өтөрүнэн буолбатах ыһыаҕы дьон-сэргэ өйдүү-саныы сылдьар курдук тэрийэн ыытар былааннаахтара көстөр. Маныаха сиэри-туому, алгыһы сөптөөхтүк туттан, айыыларга, иччилэргэ сүгүрүйүү, онно сыһыаннаах күнү көрсүү, кымыс иһиитэ, олоҥхо бухатыырдарынан сирэйдээн, улахан салайааччыларбытын дьүһүйэн көрдөрүү, улуу эмчит Ньыыкан этиилэринэн бүгүҥҥү олоҕу анаарыы, олоҥхону уонна оһуокайы тэҥҥэ тутуу, Арассыыйаҕа төрүт култуура инники күөҥҥэ туруоруллубутунан, Олоҥхо ыһыаҕын ол чэрчитинэн тэрийии бииргэ ситимнэспитэ барыта олус бэркэ дьүөрэлэспит, бэлэмнэнии үлэ ол сиэринэн тэриллибит, торумнаммыт. Бу үлэлэргэ Олоҥхо института (Р.Н.Анисимов), олоҥхо тыйаатыра (М.В.Турантаева), кинилэр салайар үлэһиттэрэ бары кыттыһан үлэлээбиттэр. Ыһыах кылаабынай режиссерунан Р.И.Тараховскай, сценарийын ааптарынан М.Н.Власьева олус айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар. Бары да Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх буоланнар, дойдуларыгар үйэҕэ бииргэ тэриллэн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар эппиэтинэстээхтик үлэлии-хамсыы сылдьалларын көрөн киһи эрэ астынар.
Сааҥсыйа мэһэйдиэ суоҕа
Үөһээ Бүлүүгэ, төһө да Украинанан сибээстээн сааҥсыйа бүрүүкүүр кэмигэр, олох иннин диэки хардыылыыр. Үчүгэй өттө, өрүү олоҥхоҕо хоһулларыныы, мэлдьи өрөгөйдүү туруохтаах, кыайыыга-хотууга эрэл кыыма уостубат. Бэл, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар норуот самнан-охтон биэрбэтэҕэ. Кыайыы ыһыахтара эрдэттэн 1944 сылтан тэриллэн барбыттара, сэбиэскэй норуот кыайыыга дьулуурун кынаттаабыттара. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн сир-сир аайы Кыайыы ыһыахтара үрдүк тэрээһиннээхтик барбыттара. Биһиги билигин Олоҥхо ыһыахтарын тэрийэн ыытан, олоҥхобутун өрө тутуохпут, дьоммут-сэргэбит түмсүүлээх буоларга, ыарахаттары этэҥҥэ туоруурга өссө сомоҕолоһон, түмсэн биэриэхтэригэр эрэл санаа баар. Дьэ ол иһин Олоҥхо ыһыаҕын хаһааҥҥытааҕар да күүскэ тэрийэн ыытарбыт эрэйиллэр.
Владимир Поскачин тоһоҕолоон эппитин курдук, Үөһээ Бүлүүгэ үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытарга булгуруйбат санаа, бары өттүнэн толкуйдаммыт былаан, тэтимнээх тэрийэр үлэ, нэһилиэнньэ өйөбүлэ, сомоҕолоһуу, баай уопут – барыта баар. Үөһээ бүлүүлэр 2017 с. Манчаары спортивнай оонньууларын үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыттара билигин номоххо сылдьар. Олоҥхо ыһыаҕын оннук тэрийэн ыытыахтарыгар кэмпириэнсийэҕэ сылдьыбыттар бары да итэҕэйдилэр, тэрээһин да оннук таһымнаах буолла. Кэмпириэнсийэҕэ ааҕыллыбыт дакылааттарга, төгүрүк остуолларга, маастар-кылаастарга этиллибит санаалар, уураахха тиһиллибит этиилэр Олоҥхо ыһыаҕа тэрээһиннээхтик, үрдүк таһымнаахтык барарыгар, тэриллэригэр олук охсоллор.
Василий Илларионов, бэрэпиэссэр, Олоҥхо ыһыахтарын бэлэмнээн ыытыыга Национальнай кэмитиэт чилиэнэ.