Ил Дархан тыл диэн суолтатын, өйдөбүлүн өссө төгүл ырытан көрүөҕүҥ. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр дьоммут быһаарыыларын, алгыстаах тылларын-өстөрүн истиэҕиҥ.
Василий Илларионов, фольклорист:
— 2022 с. биһиэхэ, сахаларга, бэлиэ сыл үүннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ судаарыстыбаннай статустаммыта сүүс сылын туолуоҕа. Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ Саха сирин чулуу уолаттара М.К.Аммосов, П.А.Ойуунускай, И.Н.Барахов, С.М.Аржаков, С.В.Васильев уонна да атыттар
гражданскай сэрии уота үгэннээн турдаҕына, Саха Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ статуһун ыларга күүскэ туруорсубуттара. Оччолорго да губревком салайааччыларын ортолоругар утарсыылар, мөккүөрдэр салайааччылар, хомуньуустар ортолоругар бааллар эбит. Олох сайдан иһэр хардыытыгар сөп түбэһиннэрэн сэбиэскэй былаас бэлиитикэтигэр түбэһиннэрэн социалистическай хабааннаах олох тускулун тутуһуу олох ирдэбилэ этэ. Судаарыстыбаннас статуһун ылыныы саха омук инники дьылҕатын, кэлэр кэскилин, сайдар саҕаҕын сөптөөх суолунан хайыһыннарыы таба суолун тобулуу этэ. Саха норуота сэбиэскэй былаас сылларыгар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы аартыгар үктэммитэ. Ол туһунан бэрт
элбэх холобуру аҕалыахха сөп.
Автономия статуһун ылыы биһиги оччотооҕу салайааччыларбыт М.К.Аммосов, И.Н.Барахов, С.С.Васильев Сэбиэскэй Сойуус салалтатын кытта быһаччы алтыһалларыгар, өрөспүүбүлүкэ кыһалҕаларын быһаарсалларыгар кыах биэрбитэ. Кинилэр этиилэрин, санааларын үрдүк салалта ылынара, болҕомтоҕо ылара. Хомойуох иһин, кинилэри уонна үгүс Саха сирин бастакы салайааччыларын, интэлигиэнсийэ бэрэстиибэллэрин олоҕо
суох эрэпириэссийэлээбиттэрэ. Онон Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар өрөспүүбүлүкэни кэлии дьоннор салайбыттара улахан охсуу буолбута. Саха норуотун биир уһулуччулаах уола И.Е.Винокуров баар балаһыанньаны сөпкө өйдөөн, үрдүкү салалтаҕа боппуруоһу таба туруоран, суттан-кураантан, хоргуйууттан, өлүүттэн-сүүтүүттэн төрөөбүт норуотун быыһаабыта. Кини сэбиэскэй тоталитарнай эрэсиим кэмигэр бэйэтин харыстаммат хорсун быһыыны оҥорбута. Ол да иһин кини аата судаарыстыбаннас историятыгар көмүс тылларынан суруллар.
Өрөспүүбүлүкэни улугуруу сылларыгар салайан олорбут Г.И.Чиряев устудьуоннар 1979 сыллааҕы айдааннарын киэҥ эйгэҕэ таһаарбатаҕа, интэлигиэнсийэҕэ иллээх сыһыанынан аптарытыата сүрдээх улахан этэ. Баартыйа сийиэстэригэр, араас таһымнаах мунньахтарга бас-көс салайааччы быһыытынан өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар үүннээх-тэһииннээх тыллары тиэрдэрэ. Онон үрдүкү да салалтаҕа, өрөспүүбүлүкэ да иһигэр ырааҕы өтө көрөр санаатын сатаан тиэрдэр ылыннарыылаах
салайааччы быһыытынан биллибитэ.
90-с сылларга бэлиитикэ, олох-дьаһах өттүгэр араас хабааннаах уларыйыылар буолбуттара. Ону бары бэркэ диэн билэбит. Итиннэ сөптөөх
бэлитиичэскэй хардыылар алларааттан үөһэҕэ диэри оҥоһуллубуттара. Маны саха ньургун дьоно М.Е.Николаев, К.Е.Иванов үүннээн-тэһииннээн олоххо киллэрбиттэрэ. Саха сирин экэниэмикэтигэр ырыынак сокуоннара киирэн барбыттара уонна үөрэхтээһиҥҥэ Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ ылыллыбыта, төрүт култуура киирэн, духуобунаска, сиэрдээх буолууга хардыылар оҥоһуллубуттара. Ол да иһин, Арассыыйаны кытта иллээх сыһыан олохтонуутугар күүстээх үлэ барбыта. Федеративнай дуогабар ылыллан, сиртэн хостонор баайтан, балачча үп киирэр
буолбута. Атын өрөспүүбүлүкэлэргэ холоотоххо, биһиги социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньабыт ордук курдук көстүбүтэ. Михаил Николаев
биһиги кэммит лиидэрэ, бас-көс киһитэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы бэрэсидьиэнэ буолбута уонна икки болдьоххо саамай
уустук кэмҥэ салайбыта.
Саха дьоно бары ытыктыыр киһибит Михаил Ефимович быйыл сэтинньи 13 күнүгэр 85 сааһын томточчу туолуоҕа. Кини билигин да бэйэтин өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн Саха сирэ сайдарын, кини олохтоохторо атын сайдыылаах омуктар курдук олохторо тупсарын, үөрэхтээһин, билим таһыма үрдүүрүн туһугар этэрэ-тыынара элбэх, сүбэтэ-амата үгүс. Сахаҕа «кырдьаҕаһы хааһахха уга сылдьан сүбэлэт” диэн уос номоҕо баар. Билигин да Михаил Ефимович этиилэрин, өйүн-санаатын эдэр лиидэрдэр болҕомтоҕо ылан, үлэлэригэр туһаныахтарын сөп этэ, туһаналлар даҕаны.
Өрөспүүбүлүкэбит саамай дуоһунастаах салайааччыта Ил Дархан диэн үрдүктүк ааттаммыта мээнэҕэ буолбатах. Олохтон эрдэ барбыт фольклорист, филологическай наука хандьыдаата В.М.Никифоров биһиги өбүгэлэрбит олоҥхоҕо уонна сэһэнинэн айымньыларыгар тутта сылдьыбыт этнонимнарын Тойон, Дархан, Түмэн, Хоһуун, Боотур, Тыгын диэн этнонимнары былыргы дьыллар быыстарыгар тутта, туһана сылдьыбыттарын олохтоохтук быһааран тураллар. Онно олоҕуран, Гуманитарнай чинчийии институтун уонна саха филологиятын факультетын тыл наукатын
учуонайдара мунньахтаан, биир сүбэнэн олохтообут тиэрминнэрэ буолар. Олоҥхоҕо Дархан диэн аат ытык кырдьаҕаска, айыы дьонун аҕа баһылыгар бэриллэр. Онтон былыргы үһүйээннэргэ аҕа ууһун бас-көс киһитигэр бэриллэр. Тыгын аҕата Мунньан Дархан диэн аҕа ууһун түс-бас, үрдүк сололоох киһитэ буоллаҕа. Норуодунай суруйааччы Далан Тыгыны Дархан диэн дуоһунастаах киһи курдук уобараһын арыйан көрдөрбүтэ. Суверенитеты ылынар күүрээннээх кэмнэрбитигэр дьокутааттар түмсүүлэрин, ол аата Судаарыстыбаннай Мунньаҕы Ил Түмэн диэн ааттыыр буолбуппут. Онтон Арассыыйаҕа биир эрэ Президент баар буолуохтаах диэн буолбутугар, өрөспүүбүлүкэлэргэ үрдүкү дуоһунастаах
салайааччыны баһылык диир буолбуттара. Оттон биһиэхэ саамай үрдүкү дуоһунастаах, сололоох киһини Ил Дархан диэн ааттыыр буолбуппут. Өрөспүүбүлүкэ бас-көс киһитин Ил Дархан диэн ааттааһын балачча табыгастаах курдук. Онон өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Президент диэн
оннугар Ил Дархан диэн дорҕоонноохтук ааттанар буолла. Бу үрдүк аат саха норуотун билиҥҥи кэмҥэ былаас бары араҥатыгар саханы хараанныыр,
көмүскүүр, норуотун олорон ааспыт олоҕун, дьылҕатын, кэскилин, бэҕэһээҥҥитин, бүгүҥҥүтүн, сарсыҥҥытын барытын түмэн, сайдыы суолун тутуһан, норуот тыыннаах хааларын хааччыйарга мэктиэлиир дьоһун дуоһунас буоларын Ил Дархан бэйэтэ даҕаны, кини эргимтэтэ уонна төрөөбүт
норуоттарын туһугар ыалдьааччылар өйдөөн-санаан туран, бары бииргэ биир санаанан салайтаран, сомоҕолоһон үлэлиэхпитин наада.
Александр Тарасов, edersaas.ru