Василий Гоголев: “Аан дойду кубога – улахан эппиэттээх күрэхтэһии”

15.03.2019
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга, чахчы да улахан күрэхтэһии буолаары турар – көҥүл тустууга Аан дойду Кубога. Бу күрэхтэһии бэйэтин таһымынан Олимпиада уонна аан дойду чемпионатын кэнниттэн үһүс кэрдиискэ турар, оттон хамаанданан күрэхтэһии диэтэххэ – бастакы.

Бүгүн, буолаары турар күрэхтэһиини көрсө, “Дьулурҕаҥҥа” – ССРС үс, Европа икки төгүллээх чемпиона, аан дойду чемпионатын боруонса призера, Үтүө Дьулуур оонньууларын кыайыылааҕа, спорт үтүөлээх маастара Василий Николаевич Гоголев ыалдьыттыыр.  

-Василий Николаевич, эн Аан дойду кубогар 1983 с. Сэбиэскэй Сойуус сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнин быһыытынан тустубут киһигин. Ону баһаалыста, ол кэмнээҕи күрэхтэһиини хайдах-туох ыытыллыбытын, аан дойду Кубога туох өйдөбүлү хаалларбытын ахтан-санаан ааһыахха эрэ.

-Аан дойду кубога, хамаанда хамаанданы кытта утары киирсиитэ, сүрдээх ыарахан балаһыанньа диэххэ наада. Холобур, эн хамаандаҥ алтата кыайан баран, түөрдүгэр хоттордоҕуна даҕаны – кыайыыны ситиһэр. Кыра ыйааһыҥҥа күрэхтэһиини саҕалыыр киһи кыайара дьэ үчүгэй. Онтон хара бастакыттан хотторуунан саҕалаатахха, хамаандаҕа охсуулаах буолуон сөп.

Билигин бу күрэхтэһии Россияҕа ыытыллара политическай боппуруос. Инньэ гынан, Россия хамаандата саамай чулуу тустууктарын туруоруохтаах. Ааспыт күрэхтэһиилэринэн ылан көрдөххө, И.Ярыгин турнирын уонна ол иннинээҕи түһүлгэлэр көрдөрүүлэринэн итиэннэ Россия хамаандатын тренерскэй сэбиэтэ бөҕөстөр хайдах туруктаах, таһымнаах кэлбиттэрин билэ-көрө сылдьар. Онон сборга көрөннөр, саамай үчүгэй бэлэмнээх дьону састаапка ылыахтара дии саныыбын. Бу күрэхтэһиигэ холобура, биһиги үс уолбут: Арыйаан Тютрин, Эдуард Григорьев уонна Виктор Рассадин бэлэмнэнии сборугар сылдьаллар. Кинилэр бэйэлэрин көрдөрүөхтэрин наада. Хайдах бэлэмнээхтэрин уонна Аан дойду кубогар састаапка киирэн тусталлара эбитэ буоллар, үчүгэй буолуо этэ дии саныыбын.

Биһиги көрөөччүлэр, бары түмсэн үчүгэйдик бу күрэхтэһиибитин көрүөхпүтүн наада. Итиэннэ саамай баҕарар баҕабыт – Россия хамаандата кыайдар диэн итиэннэ бэйэбит уолаттарбыт тустууларын көрүөхпүтүн, кинилэргэ ыалдьыахпытын наада. Биһиги тэрийэр кэмитиэппит уонна Спорт министиэристибэтэ күрэхтэһиини тэрийэн-тэрийэн кэллэ. Онон барыта үчүгэйдик барыа диэн эрэллээхпин.

-Василий Николаевич, Кубокка кыттыыгар Америка хайдах-туох дойду этэй, күрэхтэһиини хайдах быһыылаахтык ыыппыттарай…

-Саамай өйдөбүлүм диэн, улахан хамаанданан күрэхтэһиигэ бастакытын кыттыбытым. Онно Америка курдук дойду, Толидо куорат хайдах эрэ көҥүл дойду курдук санаабытым. Аҥардас киһи Нью-Йорк куораты көрөн даҕаны соһуйар. Ити халлааҥҥа харбаспыт улахан үрдүк тутуулара, дьоно-сэргэтэ элбэҕэ… Хайдах эрэ санааҕар остуоруйа курдук сайдыылаах дойдуга сылдьан кэлбитим.

Күрэхтэһиитигэр киирдэххэ, американецтары бэйэҕит билэҕит, ажиотажтара аһара улахан, оччолорго биһиэхэ реклама суох, ажиотаж суох, түҥкэтэх курдук олорбут эбит буоллахпытына, антах олох оргуйан олорор. Сэбиэскэй Сойуус хамаандата кыттарыгар барабан, горн, ол-бу трещоткалар диэн, омос көрдөххө, бастаан тиийбит киһи төбөтө эргийэр күрэхтэһиитэ этэ. Ааспытын кэннэ санаатахха.

-Кинилэр кубогы шоу курдук тэрийбит буолуохтаахтар. Финалга АХШ-ССРС хамаандалара бастакы миэстэ иһин киирсиилэрэ төһө эрэ өрө күүрүүлээхтик ыытылынна.

-Кырдьык, күрэхтэһиини өрө көтөҕүллүүлээхтик, сэргэхтик, тыастаахтык-уустаахтык, олох шоу курдук ыыталлар. Онно биһиги кыайыыны ситиспиппит, онон мин эмиэ убайдарым Роман Михайлович, Павел Павлович, Александр Николаевич курдук, сахалартан төрдүс киһинэн Аан дойду кубогын кыайыылааҕынан буолбутум. Ити сырыыга олохсуйбут үгэс быһыытынан, Кубок кэнниттэн хас да штатынан сылдьан, ССРС-АХШ хамаандаларын табаарыстыы көрсүһүүлэрэ тэриллибитэ. Ый аҥаарыттан ордук кэмҥэ сылдьыбыппыт. Онно икки дойду хамаандаларын бииргэ эрчиллиилэрэ буолбута. Урут омук сиригэр тахсыы хааччахтаах этэ, билигин курдук, таптаатыҥ даҕаны тахсыбаккын. Улахан бэрэбиэркэни ааһаҕын, КГБ үлэһиттэрэ хамаанданы кытта хайаан да баар буолаллар.

Биһиги утуу-субуу африканецтары 10:0, канадецтары 9:1, дьоппуоннары 8:2 уонна финалга американецтары 7:3 ахсаанынан кыайан, кубогы ылбыппыт.

Аан дойду кубога. АХШ – Толидо, 1983: 1 – ССРС (В.Гоголев, О.Эфендиев, А.Белоглазов, В.Алексеев, А.Фадзаев, Ю.Воробьев, Т.Дзгоев, Р.Тибилов, А.Хадарцев, С.Хасимиков). 2 – АХШ, 3 – Канада, 4 – Япония, 5 – Африка.

Ону тэҥэ Пенсильвания, Айова уонна Оклахома штаттарыгар табаарыстыы көрсүһүүлэргэ кыттан, барытыгар кыайыыны ситиспиппит.

-Василий Николаевич, биһиги боростуой тустууну таптааччыларбытыгар мааҕыын эмиэ этэн аһарбытыҥ курдук, маннык күрэхтэһиигэ кыттыбыт киһи быһыытынан, Кубок суолтатын туһунан өссө тугу этиэххин сөбүй?

-Кубок диэн – тустууга хамаанданан сирэй көрсөн кыайыылааҕы быһаарар саамай сүрүн күрэхтэһии. Кубокка аан дойду чулуу хамаандалара кытталлар. Манна тустарга эппиэтинэс сүрдээх улахан. Атын күрэхтэһиилэртэн уратыта диэн, уоннуу киһилээх хамаандалар ыйааһыннар бэрээдэктэринэн утарыта көрсөллөр. Онно кыайыыны аҕаллаххына, эн дьоруой курдук буолуоххун сөп. Хамаанда чиэһигэр хас биирдии кыайыы, хас биирдии очукуо – улахан сыаналаах, оруоллаах. Тус бэйэҥ эрэ буолбатах, бүтүн хамаанда иһин кыттаҕын. Ол иһин улахан эппиэтинэстээх. Бүтүн улуу Россия эйиэхэ эрэнэн, маннык күрэхтэһиигэ кытыннарар. Ону эн түһэн биэриэ суохтааххын.

Манан сибээстээн мин биһиги уолаттарбытыгар этиэхпин баҕарабын, Аан дойду кубогар кыттабыт диэн сыал-сорук туруоран, дьарыктарын күүһүрдүөхтэрин наада. Күүскэ дьарыктанан, Кубокка үчүгэй бэлэмнээх тиийиэхтээхтэр. Онтон дьарыгын ситэтэ суох гынан баран, аҥардас психологическай санаанан эрэ ситиһиилээхтик кыттыбаккын. Бэлэм буолуохтааххын. Бэлэм буоллаххына, үчүгэй таһымҥа киирдэххинэ эрэ кыайаҕын. Ноҕуруусканы кыайан тулуйбат буоллаххына – үрдүк көрдөрүүнү кыайан ситиспэккин.

-Оччолорго, Кубокка биирдиилээн ыйааһыннарга бастыҥнары быһааран, туспа наҕараадалаабыт түгэннэрэ бааллар. Эһиги кыттыбыт күрэхтэһиигитигэр хайдах этэй?

-Биһигини эмиэ наҕараадалаабыттара. Хамаанданан уонна биирдиилээн түмүк иһин туспа биирдии мэтээли кэппиппит. Билигин, XXI үйэҕэ киирэн баран, Аан дойду кубогын атын систиэмэнэн тэрийэн ыытар буоланнар, биирдиилээн түмүгү таһаарбаттар. Онон хамаандаҕа киирдиҥ, кытынныҥ да, хамаандаҥ бастаатаҕына – эн чемпион буолаҕыҥ. Баҕар хотторуулаах да буоллаххына.

-Түмүккэ, көрөөччүлэргэ, тустууну таптааччыларга бу Аан дойду кубога ыытылларынан тугу этиэҥ этэй?

-Билигин урукку буолбатах. Олох сайдан турар. “Триумф” Спорка бэлэмнэнии кииммит аан дойдутааҕы ирдэбилгэ эппиэттиир. Киэҥ, куоҥ, сырдык. Сылдьыбыт ыалдьыт дьон маннык спортивнай тутууттан бары сөҕөллөр, махтайалар. Онон биһиэхэ үчүгэй улахан тутуу ыытыллан, билигин бэйэбит үчүгэй спортивнай базалаахпыт. Итинэн киэн туттуох кэриҥнээхпит. Ол да иһин, Аан дойду кубога курдук улахан күрэхтэһии тэриллэн эрдэҕэ. Биһиги республикабыт ханнык да улахан тэрээһини ыыта үөрүйэх. Уолаттарбыт уонна үүнэр көлүөнэ тустууну үчүгэйдик сыныйан көрүөхтэрин наада. Кинилэр бу күрэхтэһиини көрөн, күрэхтэһииттэн санаалара уһуктан, бэйэлэригэр өй-санаа өттүнэн сыал-сорук туруорунан сайдалларыгар баҕарабыт. Тустуунан дьарыктанарга санаалара күүһүрүө.

Сэһэргэстэ Петр ПАВЛОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0