Василий Филиппов: «Төрөөбүт сирбэр өссө да туһалыам»

Ааптар: 
21.10.2019
Бөлөххө киир:

Саха саарына Василий Васильевич Филиппов – биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт. Саха судаарыстыбаннай университетын ректора, Ил Түмэн иккис ыҥырыылаах мунньаҕын Өрөспүүбүлүкэ Балаататын бэрэссэдээтэлэ, СӨ Наукаларын академиятын салайааччыта. Уһуйааччы, учуонай, судаарыстыбаннай диэйэтэл.


Былырыын Айсен Николаев Ил Дархан дуоһунаһыгар киирэн баран, биир бастакынан Василий Филипповы кытта көрсүбүтэ. Бу ый саҥатыгар Айсен Сергеевич бэйэтин ыйааҕынан Арассыыйа Наукаларын академиятын чи­­лиэн-кэрэспэдьиэнин, бэрэпиэссэр Василий Васильевич Филипповы СӨ Наукаларын академияларын салайааччытынан анаабыта. Кини:

– Василий Васильевич олоҕо баай устуоруйалаах, кини чиэһинэй уонна көнө киһи. Мин бигэ санаалаахпын — маннык улахан таһымнаах дьон хайаан даҕаны төрөөбүт дойдуларыгар, бэйэлэрин норуоттарыгар төһө кыалларынан туһаны аҕалыахтаахтар. Төһө даҕаны өр кэм устата төрөөбүт дойдутуттан тэлэһийэн сылдьан  үлэлээтэр, кини баай билиитэ-көрүүтэ, наука чинчийиилэригэр сыһыана, академическай научнай институттары салгыы сайыннарыыга көрүүлэрэ миэхэ интэриэһинэйдэр уонна улахан суолталаахтар.

Онон Василий Филиппов төннүбүтүттэн үөрэбин эрэ, –  диэн бэлиэтээн турар.

Үөрэҕи спорду кытта дьүөрэлээн

– Василий Васильевич, эн тускунан элбэхтик суру­йан тураллар. Ол эрэн, оҕо эрдэҕинээҕиҥ улаханнык сырдатыллыбатах. Ол туһунан кэпсээ эрэ.

– Мин 1951 сыллаахха Горнай Мыытааҕар күн сирин көрбүтүм. Аҕам Василий Федотович  Филиппов Ленинградтааҕы Жданов аатынан университет философия факультетын бүтэрбитэ. Кэлин райсовет бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талылла сылдьыбыта. Ийэм Варвара Ефимовна Филиппова алын кылаас учууталынан үлэлээбитэ. Бииргэ төрөөбүт бэһиэбит – мин улаханнарабын, икки бырааттаахпын уонна икки балтылаахпын. Төрдүс кылааска диэри сахалыы үөрэммитим, онтон 1961 сыллаахха аҕабытын Томпоҕо көһөрбүттэрэ. Ол иһин оскуоланы Хаандыгаҕа 1968 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитим.

– Оскуолаҕа хайдах үөрэммиккиний?

– Мин дьарыгым элбэҕэ бэрт этэ. Бастатан, улахан оҕо буоламмын, дьиэ ис-тас үлэтэ миэхэ сүктэриллэрэ. Иккиһинэн, тустууга ССРС спордун маастара Батырбек Дачиевич Магкаев диэн киһи физкультураҕа үөрэппитэ. Кини биһигини тустууга, волейболга, баскетболга, хайыһарга дьарыктаабыта. Ол түмүгэр, хайыһарга, көҥүл тустууга оскуола оҕолоругар Томпо оройуонугар хаста даҕаны бастаабытым. Онон, кыратык да буоллар, көбүөр диэн тугун эппинэн-хааммынан билбитим. Туйгун үөрэнээччи буолар кыах баара эрээри, нууччалыы эттэххэ, “твердай хорошист” этим. Оскуоланы аҥаара “5”, ­аҥаара “4” сыананан бүтэрбитим. Ол кэнниттэн Саха судаарыстыбаннай университетыгар киирбитим, “промышленное и гражданское строительство” диэн идэҕэ үөрэнэн, үс кууруһу наар “5”-нэн бүтэрбитим.

– Тоҕо тутааччы идэтин талбыккыный?

– Хаандыгаҕа оччолорго ССРС араас муннуктарыттан кэлбит үрдүк таһымнаах учууталлар үлэлииллэрэ. Чуолаан, математика, физика курдук биридимиэттэри киһи умсугуйан туран үөрэнэр гына биэрэллэрэ. Күн бүгүҥҥэ диэри кинилэри үтүө тылбынан ахтабын. Баҕар, аҕабын баппытым буоллар, гуманитарнай үөрэххэ барыам да этэ. Ол эрэн, тугу эмэ айар-тутар баҕаттан тутааччы идэтин талбытым.

Үтүө дьон сабыдыала

– Докумуоннарга, аатыр­быт Куйбышев аатынан Москватааҕы тутуу институтун бүтэрбит диэн сурулла сылдьар…

– Ол онно көһүүм туспа кэп­сээн. Үһүс куурус кэнниттэн сайын миигин бу билигин олорор хоспор (оччолорго СГУ ректората Ленин проспегын 33-гэр турар ­дьиэҕэ, билигин Наукалар академияларын дьиэтигэр баара) ­“строительное дело” кафедра сэбиэдиссэйэ Иннокентий Николаевич Бондарев, факультет декана Аркадий Николаевич Васильев сиэтэн аҕалан олордон кэбистилэр. Туохха кэлбиппин эппэттэр. Онтон Иннокентий Гаврилович Попов диэн улууканнаах ки­­һиэхэ, ректорга, киллэрдилэр. Оччолорго мин үһүс кууруһу бүтэрэн баран, быраактыкаҕа Красноярскайдааҕы алюминиевай собуоту тута бараары сылдьыбытым. Быраактыкаҕа икки ый булгуччу ыыталлара. Ректор сурук тутан олорор уонна этэр: “Мин Николай Антонович Стрельчук диэн Москватааҕы Куйбышев аатынан тутуу институтун ректорын кытта Аҕа дойду сэриитин кэмигэр фроҥҥа бииргэ сылдьыбытым. Эн Красноярскайга барыахтааххын билэбин. Бүтэн бараҥҥын, Москваҕа көтөҕүн”, –  диэтэ. Ону мин соһуйдум  уонна: “Тоҕо барабын?” – диэн ыйыттым. Ону Иннокентий Гаврилович: “Тутуу эйгэтигэр сөптөөх, анал үөрэхтээх каадыр аҕыйах, манна болҕомтобутун ууруохпутун наада. Стрельчукка тиийэн, мин сурукпун тус бэйэтигэр эрэ туттараар”, – диэн алҕаан ыыппыта.

Дьиэбэр тиийэн эппиппэр, аҕам үөрбүтэ, бараҕын диэбитэ. Бэйэм буоллаҕына, улаханнык барыахпын баҕарбаппын, эдэрим да бэрт уонна Москваҕа үктэммэтэх киһибин, бөлөхпөр староста, тутуу этэрээтигэр хамыһаар буоларым эмиэ тутара. Бииргэ үөрэнэр оҕолорбуттан да арахсыахпын баҕарбаппын. Наһаа иллээх этибит. Дзержинскэй уулуссатыгар турар уопсайга биир хоско 13 буолан олорбуппут. Ол эрэн, дьиэ кэргэн уопсай сүбэтинэн барар буоллум…

– Василий Васильевич, үтүө дьон дьылҕаҕын тосту уларыппыт эбиттэр дии…

– Оннук. Үтүө санаалаах дьон баар буолан киһи-хара буолбутум. Ол курдук, дойду тэбэр сүрэҕэр тиийэн баран, аҕам кэпсэтэн, Хаандыгаҕа үлэлии сылдьыбыт ыалга түспүтүм.

Ректорбар иккис күммэр биирдэ киирдим. Николай Антонович Стрельчук үөрэ көрүстэ, бойобуой табаарыһын Попову  ыйыталаста уонна үөрэххэ ылабын диэтэ. Өктөөп бырааһынньыгар диэри үөрэппэтэх бириди­миэттэриҥ араастаһыыларын туттар диэн эттэ. Төһө да ыараханын иһин, барытым болдьоҕор туттардым уонна 1971 сыллаахха Москватааҕы инженернэй-строительнай институт устудьуона буолар чиэстэнним.

Аны өр буолбакка, киин куоракка дьолбун көрсүбүтүм. Марфа Копырина диэн Москватааҕы технологическай институкка миэбэли оҥорор “инженер-технолог” идэтигэр үөрэнэ сылдьар кыыһы. Сотору буолан баран холбоһон, ыал буолбуппут. Уолбутун Диманы бэһис кууруска үөрэнэ сылдьан оҕоломмуппут, кыыспытын — аспирантура иккис сылыгар.

– Үөрэнэргэр ыарахан этэ дуо?

– Оҕолоох буолан, ыарахаттардаах этэ. Ол да буоллар, сити­һиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим. Бэһис куурус кэнниттэн “Тимир конструкциялары үөрэтэр” кафедрабар салгыы хаалларбыттара. Бу – институт бастыҥ кафедрата этэ. Онно биир сыллаах стажировкам кэмигэр СГУ-га үөрэммит факультетым декана Рево Скрябин өйөөн, лабараан хамнаһын төлөөн абы­раан турар. Николай Стрелецкэй диэн 50 сыл устата ССРС тимири оҥорор, үөрэтэр научнай ос­­куолатын салайбыт улуу металлоконструктор баара. 12 аспирантан үс сыл буолан баран болдьоҕор 7 киһи диссертациябытын остуолга ууран биэрбиппит.

Дьиктитэ диэн, миигин бастакынан көмүскээһиҥҥэ ту­­руорбуттара. Тоҕо диэтэргин, иккис киһи кырата сыл аҥаара буолан баран биирдэ көмүскүүр. Ситиһиилээхтик үлэбин көмүскээн, 26 сааспар тиэхиньиичэскэй наука хандьыдаата буолбутум. Оччолорго Диссертационнай сэбиэт аҕы­йах этэ, Сойуус 15 өрөспүүбүлүкэтиттэн, омук дойдуларыттан кэлэн көмүскэнэллэрэ.

«Якуталмаз» тэрилтэни кытта үлэлэһии

– Университекка үйэ чиэппэрэ үлэлээбиккин. Оччолорго ректор буолуом диэн санаа баара дуо?

– Оннук санаа суоҕа. Дьокуускайга төннөн баран, үлэҕэ оройбунан түспүтүм. Киэһээҥҥи уонна кэтэхтэн үөрэнээччилэргэ деканы солбуйааччы оҥорбуттара. Икки сылынан наукаҕа солбуйааччы буолбутум. Онтон доцент буолбутум, научнай үлэлэри суру­йарым, лаборатория тэриммитим. Промышленнай тутуулар кар­кастара куттала суох диэн хайысханан үлэбин саҕалаабытым. Ол саҕана “Якуталмаз” (билиҥҥитэ «АЛРОСА») диэн бөдөҥ тэрилтэни кытта бииргэ үлэлииргэ улахан Сөбүлэһиигэ илии баттаспыппыт. Генеральнай дириэктэр Валерий Рудаков өйөөн, научнай бөлөх тэриммиппит. Киниттэн ураты Лев Сафонов, Семен Зельберг, Владимир Дюкарев, саха мааны киһитэ, Удачнайдааҕы ГОК дириэктэрэ Густав Яковлев, уо.д.а улаханнык көмөлөспүттэрэ.

Ол онтон тирэҕирэн, Дьокуус­кайдааҕы уонна Нерюнгритааҕы ГРЭС-тэр, «Якутуголь”, “Якутзолото”, Депутатскайдааҕы хайаны байытар кэмбинээт тутууларыгар наука өттүнэн үлэлэспиппит. Москваҕа аспирантураҕа үөрэнэ сылдьан, Уралга, Мурманскай уобаласка, Арменияҕа, Осетияҕа тутуллар бырамыысыланнас тэрилтэлэрин кэрийэммин, улахан ос­­куоланы ааспытым. Ол иһин дойдубар кэлэн, сир баайын хостуур тэрилтэлэргэ үлэбин саҕалаабытым. Ол сылдьан үөрэхтэрин бүтэрбит биэс бастыҥ уолу кафедрабар хаалларбытым. Кинилэри, үөрэнэ сырыттахтарына, Мииринэйинэн, Айхалынан, Удачнайынан фабрикалары чинчийиигэ сырытыннарбытым. Итиннэ буһан-хатан, кэскиллээҕин өйдөөннөр, умсугуйан туран дьарыктаммыттара, наука хандьыдааттара буолбуттара. Билигин кинилэр ИТФ тутаах, бас-көс дьоно. Холобура, Терентий Корнилов наука дуоктара, инженернэй-тиэхиньиичэскэй институт дириэктэрэ, Федор Посельскай – саамай улахан кафедра сэбиэдиссэйэ. Саха сирин бырамыысыланнаһын тутуулара туруктаах буолалларыгар элбэх сыралаах үлэ барбыта. Ол түмүгэр 14 киһи тиэхиньиичэскэй наука хандьыдаата буолбута.

СГУ-ну салайыы

– Василий Васильевич, эйигин саамай уустук кэмҥэ СГУ салайааччытынан талбыттара. Ол хайдах этэй?

– 1986 сыллаахха кафедра сэбиэдиссэйинэн анаабыттара, үс сыл буолан баран, инженернэй-тиэхиньиичэскэй факультет деканынан талбыттара. Баара-суоҕа икки сыл деканынан үлэлээбитим кэннэ, ректоры талар бастакы демократическай быыбар буолбута. Василий Сергеевич Андреев болдьоҕо бүппүтэ, кини миигиттэн бэйэтэ көрдөспүтэ, ректор дуоһунаһыгар быыбарга кыттыс диэн. Оччолорго мин докторскай үлэбин саҥа көмүскээн кэлбитим, ректор буолар былааным олох да суох этэ. Онто да суох факультеппар кыһалҕа элбэх этэ. Дьиҥинэн, ректор суолугар миигин киллэрбит киһинэн Иван Шамаев буолар. Оччолорго кини математика факультетыгар үлэлиирэ, эмиэ докторскай үлэтин көмүскээри сылдьара. Кини миигин кыттыс диэн кучуйар, кэпсэтэр аҕай этэ. Мин сөбүлэҥмин биэрэ иликпинэ, математика факультета быыбарга туруорбута. Бэйэм факультетым эмиэ өйөөбүтэ. Оттон геолого-разведочнай факультет Рево Скрябины туруорбута. Ол саҕана кини Үрдүкү Сэбиэт дьоку­таата этэ. Быыбар түмүгэр миигин ректорынан талан кэбистилэр. Ол 1991 сыл бэс ыйын 19 күнүгэр этэ.

Аҕыйах ыйынан путч буолар. Ол кэмҥэ мин Москваҕа бигэргэтиигэ сылдьабын. 15 илии баттааһыны хомуйбутум кэннэ, Николай Григорьевич Малышев диэн РСФСР Наукаҕа уонна үрдүкү оскуолаҕа госкомитетын бэрэссэдээтэлигэр киллэрбиттэрэ. Ахсынньыга Сэбиэскэй Сойуус үрэллибитэ. Онон үлэбин саҕалыырбар, дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаламмыта. Билигин санаатахха, ыарахан да кэмнэр кэлэн ааспыттар эбит.

– Ректордыыр кэмҥэр элбэх улары­йыы буолбута: КФЕН, КГФ тутуллубуттара, Мииринэйгэ, Нерюнгригэ СГУ салаалара арыллыбыттара…

– Манна биири тоһоҕолоон этиэм этэ. Бу барыта өрөспүүбүлүкэ салалтатын бэлитиичэскэй бы­­һаарыыта этэ. Алмаас атыытыттан киирбит харчыны үрдүк үөрэх сайдыытыгар ыытан, Михаил Ефимович Николаев университеты, үрдүкү оскуоланы улаханнык өйөөбүтэ. Аһары баран, 1993 сыллаахха Наукалар академияларын арыйбыта. Кини этиитинэн, академиктар өйөөннөр, мин икки дуоһунаһы дьүөрэлээн, бэрэси­дьиэн буолбутум. Ол да саҕана СГУ федеральнай үрдүк үөрэх тэрилтэтэ этэ. Ол гынан баран, хайа да эрэгийиэн үрдүк үөрэҕи үп-харчы өттүнэн өйөөбөт этэ, оннооҕор Татарстан, Башкортостан курдук кыахтаах өрөспүүбүлүкэлэр. Саха сирэ эрэ бүүс-бүтүннүүтүн, этэргэ дылы, кураанахтан, олох кылгас кэм иһигэр, барытын баар оҥорбута. Сэргэлээххэ саҥа үөрэнэр куорпустар, уопсай дьиэлэр, преподавателлэр олорор дьиэлэрэ, стадион, бассейн тутуллубуттара. Мииринэйгэ, Нерюнгригэ кураанах сиргэ үөрэнэр куорпустар, олорор уопсайдар,  преподавателлэр олорор дьиэлэрэ кылгас кэм иһигэр баар буолаллар. Элбэх араас ха­­йысханан исписэлиистэри бэлэмниир буолбуппут. Бу барыта бастакы бэрэсидьиэммит үтүөтэ-өҥөтө.

Москватааҕы олохтон

— 11 сыл буолан баран дойдугар төннөн кэллиҥ. Дьон-сэргэ интэриэһиргиир – Москваҕа тугу үлэлээбиккиний?

– 2008 сыллаахха мин болдьоҕум бүтэн, Москва диэки барарга күһэллибитим. Наукалар академиялара мөлтөөн турар кэмэ этэ. Сэттэ институттаах этибит, ол онтон үһүн университекка биэрбиттэрэ, үп-харчы аҕы­йаата диэннэр. Түөрт институт Сибиир са­­лаатыгар төннүбүтэ. Академия тутула алдьаммыта, ол иһин үлэтэ суох хаалбытым. Мин көрөрбүнэн, салалта миигин өйүүр санаата суоҕа. Аан бас­таан Петр Ширшов аатынан океанология институтугар үлэҕэ киирбитим. Дойдуга баар 450 институттан улаханынан, киһитин ахсаанынан үһүс миэстэҕэ турар. Ол онно дириэктэри наукаҕа солбуйааччынан үлэлээбитим. Арктика боппуруостарынан үс сыл дьарыктаммытым. Саамай интэриэһинэй кэмҥэ тү­­бэспитим. Путин уурааҕа тахсан, Арктика сайдыытын стратегиятын оҥорор Арассыыйа Наукаларын академиятын бөлөҕөр киирэн үлэлээбитим. Үлэлэр сүрүннээн Хотугу Муустаах акы­йааҥҥа, чуолаан Карскай муораҕа, Хотугулуу-Илиҥҥи муораҕа барбыттара. Архангельскайга институппут филиалын салайан үлэлэппитим.

Ол кэнниттэн дойдубар төннө сатаабытым. 2011-2012 сылларга дойду Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи Научнай киинигэр быыбар буо­луохтааҕа. 2011 сыллаахха быыбар буолбатаҕа. Егор Борисов тохтотон кэбиспитэ. 2012 сыллаахха Егор Афанасьевич ха­­маандата Михаил Петрович Лебедевы өйөөн, кини бэрэссэдээтэл буолбута.

Ол кэнниттэн Москваҕа төннүбүтүм. «Единые энергетические системы” диэн федеральнай сетевой хампаанньаҕа Бырабылыанньа бэрэссэдээтэлин сүбэһитинэн үлэҕэ киирбитим. Бу Анатолий Чубайс салайбыт РАО “ЕЭС” кэнниттэн тэриллибитэ. Сүүһүнэн тыһыынча үлэһиттэрдээх баараҕай тэрилтэ. Уон сыл Ил Түмэҥҥэ үлэлээбит уопуппун туһанан, Федерация Сэбиэтин уонна Госдуума энергетикаҕа сис кэмитиэттэрин кытта ыкса үлэлэспитим. Үс сыл үлэлээбитим, интэриэһинэй, таһымнаах үлэ этэ. Хомойуох иһин, дойдубар  төнүннэрбэтэхтэрэ, 11 сыл Москваҕа үлэлээн кэллим.

Былырыын от ыйын 12 күнүгэр Ил Дархаммыт Айсен Николаев ыҥыран ылан кэпсэппитэ уонна дойдугар төннөрүҥ буоллар диэн этии киллэрбитэ. Ону истэн баран, олуһун диэн үөрбүтүм…

Бу дьэ кырдьык, Сомоҕолоһуу сылыгар Сахабыт сирэ чэчирии сайдарыгар түмсүүгэ, биир санаалаах буолууга дьиҥнээх хардыы буолар диэн этиэхпин баҕарабын.

— Ил Дархан биир сүрүн соругунан, науканы тилиннэрии, Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи Научнай киинин, ХИФУ уонна СӨ Наукалар академияларын кыахтарын дьүө­рэлээн, салгыы сайыннарыы диэн эппитэ. Маны эн туох дии саныыгын?

— Бу судургу дьыала буолбатах. Мин  манна уопсайа 12 сыл үлэлээтим. Бастаан икки сылга, ол кэнниттэн иккитэ биэстии сылга талыллыбытым. Мин санаабар, сүрүн сорук – Саха сирэ социальнай уонна экэнэмиичэскэй сайдыытыгар Наукалар академиялара ситимнээччи буо­луохтаах. Холбоһуктаах научнай сэбиэттэр нөҥүө үлэни тэрийиэхтээх. Саҥа тэриллэрин саҕана, Наукалар академияларын күүскэ өйөөбүттэрэ. Билигин саҥа сүүрээн кэлэрэ ирдэнэр. Тоҕо диэтэргин, тутула уларыйда. Билигин биир сыалга-сорукка сүрүннээһин, салайыы суох буолла. Эн ааттаабыт тэрилтэлэриҥ үс аҥыы үлэлии сылдьаллар. Испитигэр биир даҕаны институт суох, салаалар уонна кииннэр бааллар. Билигин Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи Научнай киинин федеральнай чинчийэр киинигэр уон академическай  институттан сэттэтэ киирбитэ, үһэ сөбүлэҥин биэрбэтэҕэ. Ол курдук, Ирбэт тоҥу үөрэтэр, Геология, алмаас уонна күндү металлар институттара, Мэдиссиинэ кэлим проблемаларын Саха сиринээҕи научнай киинэ киирбэтилэр. Онон наука эйгэтигэр сомоҕолоһуу суох. Этэргэ дылы, бары үс аҥы сылдьаллар. ХИФУ бэйэтэ научнай хайысхалардаах, бырагыраамалардаах, федеральнай граннардаах. Маны таһынан, Мииринэйгэ сүүһүнэн үлэһиттээх “ЯкутНИИпроалмаз” бөдөҥ институт,  манна тутуу матырыйаалларын чинчийэр ЯкутПНИИС диэн тэрилтэ бааллар.  Ити күүстэри барытын биир сомоҕо хол­боон, саҥа сүүрээннэри, хайысхалары толкуйдаан, бырагыраамалары, со­­куоннары оҥорон бырабыыталыстыбанан  аһардан, Ил Түмэнинэн бигэргэтэн,  Саха сирэ 2020-2021 сылларга  научнай-технологическай сайдыытыгар туһулуохтаахпыт. Бу улахан суолталаах докумуон буолуохтаах. Билигин ааттаах-суоллаах ­учуонайдар билсэ, ырыта сылдьаллар.

Биир улахан үлэбит хайысхата — Бүлүү өрүс кыһалҕалара. Бу манна Наукалар академиялара үлэни сүрүннээччи буолуохтаах. Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт, Биология институтун учуонайдарын кыттыһыннаран, кинилэр билиилэрин, кыахтарын өрөспүүбүлүкэ туһугар туһаныахтаахпыт. Мантан да атын хайысхаларынан барыллары оҥорон киллэриэхтээхпит.

— Билигин наукаҕа үксүн саастаах дьон үлэлиир.  Эн са­­нааҕар,  эдэр дьону хайдах гынан аҕалыахха, сыһыарыахха  сөбүй?

—  Наука эйгэтигэр кырдьыы баар, ону билиниэххэ наада. Дойду үрдүнэн сокуон ылыныллан, 12 национальнай бырайыак баар, олортон биирдэстэрэ “Наука” диэн аат­таах. Госдуума өйөөн, сокуон аннынааҕы аакталар ылыныллыбыттара, бырабыыталыстыба Уурааҕа да баар. Научнай үлэһит (тоһоҕолоон этиэм этэ, манна алын научнай үлэһит,  кылаабынай научнай үлэһит киирсэллэр) хамнаһа эрэги­йиэн орто хамнаһыттан икки төгүл улахан буолуохтаах. Дьэ, ол бы­­һаарыа кыһалҕаны. Саха сиригэр ыйдааҕы орто хамнас 63 тыһыынча солкуобай эбит буоллаҕына, 126 тыһыынча  солкуобайга тиийиэхтээх.  Иккис сылбытын бу суолунан  иһэбит. Эдэрдэр ылынан, санаалара кэлэн, наукаҕа үлэлии хаалан эрэллэр. Бу иннинэ аспирантура диэн аатыгар эрэ, кумааҕыга эрэ киирэ сырытта. Холобура, сорохтор аармыйаҕа сулууспалыы барбат эрэ сыалтан үөрэнэн баран, диссертацияларын ситэрбэттэр этэ. Маннык көстүү наһаа элбэх этэ. Үп-харчы өттүнэн интэриэстээн, элбэх араас таһымнаах граннары киллэрэн, ыччат наукаҕа болҕомтотун уурда, диэн үөрэ олоробут. Билигин ирдэбил баар – научнай тэрилтэҕэ үлэһит уопсай ахсааныттан 40 бырыһыана 39-гар диэри саастаах буолуох­таах диэн. Олоҕум тухары эдэр ыччаты кытта үлэлээбит киһи быһыытынан, бу хайысхаҕа олохтоохтук ылсаары олоробун, “Саха сирэ” хаһыат нөҥүө ыччакка ыҥырыы таһаарабын: “Наукаҕа кэлиҥ, сыстыҥ, араас ха­­йысхаларынан чинчийиилэри ыытыҥ, мин эһигини өйүөҕүм!”

— Өлүөхүмэ баһылыгынан фундаментальнай науканан дьарыктаммыт Николай Харбины талбыттара. Айсен Николаев, фундаментальнай науканан дьарыктаммыт дьон куһаҕан салайааччы буолбаттар диэбитэ. Ону эн туох дии саныыгын?

— Билигин орто сааспын ааспыт киһи быһыытынан көрүүбэр, наһаа ураты кэмҥэ олоробут. Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ – Москватааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрбит уолаттар. Биирэ физик, иккиһэ салайааччы-экэнэмиис идэлээх. Маны таһынан, Владимир Солодов преподаватель быһыытынан үлэлээбит киһи буолар. Фундаментальнай наукалары үөрэппит дьон кэлбиттэриттэн үөрэбин уонна, мин санаабар, бу биһиги историческай шанспыт дии саныыбын. Наука билигин хас да хайысханы холбуу үөрэтэр. Урут чопчу химия, физика, мэдиссиинэ эрэ хайысхаларынан чинчийиилэр, үөрэтиилэр барар эбит буоллахтарына, билигин, холобура, биологтар математиктары кытта тэҥҥэ дьүөрэлээн үлэлииллэрин ситиһиэхтээхпит. Билиҥҥи үйэҕэ гуманитарнай наукалар IT, информационнай технологията суох хайдах даҕаны сатамматтар. Холобура, археологтарыҥ булумньуларын сааһын химиктэрэ, геологтара суох сатаан быһаарар кыахтара суох.

— Өлүөнэ эбэни туоруур  муостаны хайдах тутуохха сөбүй? Эн идэҥ оруобуна сөп түбэһэр эбит.

— Москваҕа үөрэнэ сылдьан муостаны тутуу туһунан курсовой бырайыак оҥорон турабын. Өлүөнэ эбэни туоруур муоста олус интэриэһинэй тиэмэ. Вантовай муостаны тутуу ыарахаттардаах буолуо. Кытаанах буолара (жесткость) улахан суолталаах. Ол аата, ханнык баҕарар муус кэлэн анньыытыгар туруктаах буолуохтаах. Манна олус чуолкай  математическай суот­тааһын ирдэнэр. Муоста үрдүк башняҕа өйөнүөхтээх. Ол башня троскун тутуохтаах. Бу трос тардыыга эрэ үлэлиир, баттааһыҥҥа үлэлээбэт. Кыһын тоҥон мууһунан бүрүллэр. Ол иһин башнята аһары улахан, троһа аһары суон буо­луон сөп. Ол муостаны тутуу сыанатыгар охсуо. Онон балочнай муоста ордук курдук. Тимир баалкалар атахтарга тураллар, ол атахтар икки ардыларын сөпкө ааҕыахха наада. Суоттуур дьоҥҥо син биир буоллаҕа: массыына эрэ сылдьара дуу эбэтэр эбии тимир суоллаах буолара дуу? Мин санаабар, массыына эрэ сылдьар муостата арыый судургу уонна  тутуллуута түргэн буолуо этэ. Кэлин, кыах баар буоллаҕына, аттынан сэргэстэһэ тимир суол ­муостата тутуллуон сөп.

— Ил диэн эн санааҕар тугуй?

— Улахан судаарыстыбаннай дьоммут, юристар биһиэхэ Ил диэн холбоһуу, сомоҕолоһуу диэн өйдөппүттэрэ. Ол аата, биһиги бары түмсүөхтээхпит диэн өйдөбүллээх этибит. Ил Түмэни ыллахха, Москва 12 мөлүйүөннээх куорат баара-суоҕа 45 дьокутааттаах. Биһиги мөлү­йүөнү кыайбат өрөспүүбүлүкэ 70 дьокутааттаахпыт. Толкуйдаан да көрдөххө, соччо сөп түбэспэт. Онон Судаарыстыбаннай Мунньах биир Балааталаах, бастайааннай төрүккэ олоҕуран үлэлиирэ сөп.  Маны таһынан, улуус аайыттан биир дьокутаат буолара сөп буолуо этэ, эп­­пиэтинэһэ үрдүүр. Ол эрэн, ону төттөрү киллэрэр кыахпыт суох.

—  Горнайтан төрүттээх улуу убайдаргын Афанасий Осиповы, ини-бии Семен, Софрон Даниловтары кытта билсэр, алтыһар этиҥ дуо?

—  Мин улахан дьолум диэн, саха омук култууратыгар, өй-санаа өттүнэн сайдыытыгар улахан өҥөлөөх, үтүөлээх дьону, убайдарбын кытта алтыспытым буолар.    Афанасий Николаевич Осипов – мин аҕам бииргэ төрөөбүт эдьиийин уола. Киһиргээбэккэ эттэххэ, 50 сааһыттан саҕалаан, дьоро тэрээһиннэригэр (быыстапкаларыгар) биири да көтүппэккэ сылдьыбытым. Айар үлэтин үчүгэйдик билэбин.

Оттон Сэмэн уонна Софрон Даниловтар Мытаахтан 9 биэрэс­тэлээх Бор диэн алааска олорбуттара. Филипповтар эмиэ бу ­алаастан төрүттээхпит. Итиннэ 4 эрэ ыал олорбута. Мин төрөппүттэрим Даниловтары кытта тэҥҥэ улааппыт дьон буолаллар. Аҕам Горнайга уонна Томпоҕо хаһыат эрэдээктэринэн, солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Биһигини, үс уолу, бэһис кылаас кэнниттэн Хаандыгаттан сыл аайы сайылата ыыталлара. Софрон Осипов куоракка көрсөөччү, Афанасий Николаевич быраата. Биһиэхэ төрөппүттэрбит хайаан даҕаны Софрон уонна Семен Петровичтаахха сылдьаҕыт диэн этэр, сүбэлиир буолаллара. Семен Петрович кэргэнин  Анна Семеновна чээйин элбэхтик испиппит. Сиэннэрин курдук санаан, истиҥник сыһыаннаһаллара. Биһигини элбэххэ үөрэтэллэрэ-такайаллара, сүбэлииллэрэ. Мин куруук кинилэринэн киэн туттабын, айар үлэлэрин сэргиибин. Холобура, Мария Егоровна Данилова Софрон Петрович нэһилиэстибэтин хомуурунньугун элбэҕи таһаарда. Уонунан ахсааннаах кинигэни күн сирин көрдөрдө, онно эбээһинэһим курдук ылынан көмөлөспүтүм. Семен Петровичтыын Москваҕа батыһа сылдьан араас тэрээһиннэргэ сылдьааччыбын.

 Родион Кривогорницын, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0