ВАСИЛИЙ ФИЛИППОВ: ЭДЭР ЫЧЧАТ, НАУКАҔА КЭЛИҤ, СЫСТЫҤ, ЧИНЧИЙИИЛЭРИ ЫЫТЫҤ!
Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академиятын бэрэсидьиэнэ Василий Филипповы кытта интервью тахсыбыта. Бүгүн кинини кытта кэпсэтиибит салгыытын таһаарабыт.
— Ил Дархан биир сүрүн соругунан, науканы тилиннэрии, Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи Научнай киинин, ХИФУ уонна СӨ Наукалар академияларын кыахтарын дьүөрэлээн, салгыы сайыннарыы диэн эппитэ. Маны эн туох дии саныыгын?
— Бу судургу дьыала буолбатах. Мин манна уопсайа 12 сыл үлэлээтим. Бастаан икки сылга, ол кэнниттэн иккитэ биэстии сылга талыллыбытым. Мин санаабар, сүрүн сорук – Саха сирэ социальнай уонна экэнэмиичэскэй сайдыытыгар Наукалар академиялара ситимнээччи буолуохтаах. Холбоһуктаах научнай сэбиэттэр нөҥүө үлэни тэрийиэхтээх. Саҥа тэриллэрин саҕана, Наукалар академияларын күүскэ өйөөбүттэрэ. Билигин саҥа сүүрээн кэлэрэ ирдэнэр. Тоҕо диэтэргин, тутула уларыйда. Билигин биир сыалга-сорукка сүрүннээһин, салайыы суох буолла. Эн ааттаабыт тэрилтэлэриҥ үс аҥыы үлэлии сылдьаллар. Испитигэр биир даҕаны институт суох, салаалар уонна кииннэр бааллар. Билигин Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи Научнай киинин федеральнай чинчийэр киинигэр уон академическай институттан сэттэтэ киирбитэ, үһэ сөбүлэҥин биэрбэтэҕэ. Ол курдук, Ирбэт тоҥу үөрэтэр, Геология, алмаас уонна күндү металлар институттара, Мэдиссиинэ кэлим проблемаларын Саха сиринээҕи научнай киинэ киирбэтилэр. Онон наука эйгэтигэр сомоҕолоһуу суох. Этэргэ дылы, бары үс аҥы сылдьаллар. ХИФУ бэйэтэ научнай хайысхалардаах, бырагыраамалардаах, федеральнай граннардаах. Маны таһынан, Мииринэйгэ сүүһүнэн үлэһиттээх “ЯкутНИИпроалмаз” бөдөҥ институт, манна тутуу матырыйаалларын чинчийэр ЯкутПНИИС диэн тэрилтэ бааллар. Ити күүстэри барытын биир сомоҕо холбоон, саҥа сүүрээннэри, хайысхалары толкуйдаан, бырагыраамалары, сокуоннары оҥорон бырабыыталыстыбанан аһардан, Ил Түмэнинэн бигэргэтэн, Саха сирэ 2020-2021 сылларга научнай-технологическай сайдыытыгар туһулуохтаахпыт. Бу улахан суолталаах докумуон буолуохтаах. Билигин ааттаах-суоллаах учуонайдар билсэ, ырыта сылдьаллар.
Биир улахан үлэбит хайысхата — Бүлүү өрүс кыһалҕалара. Бу манна Наукалар академиялара үлэни сүрүннээччи буолуохтаах. Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт, Биология институтун учуонайдарын кыттыһыннаран, кинилэр билиилэрин, кыахтарын өрөспүүбүлүкэ туһугар туһаныахтаахпыт. Мантан да атын хайысхаларынан барыллары оҥорон киллэриэхтээхпит.
— Билигин наукаҕа үксүн саастаах дьон үлэлиир. Эн санааҕар, эдэр дьону хайдах гынан аҕалыахха, сыһыарыахха сөбүй?
— Наука эйгэтигэр кырдьыы баар, ону билиниэххэ наада. Дойду үрдүнэн сокуон ылыныллан, 12 национальнай бырайыак баар, олортон биирдэстэрэ “Наука” диэн ааттаах. Госдуума өйөөн, сокуон аннынааҕы аакталар ылыныллыбыттара, бырабыыталыстыба Уурааҕа да баар. Научнай үлэһит (тоһоҕолоон этиэм этэ, манна алын научнай үлэһит, кылаабынай научнай үлэһит киирсэллэр) хамнаһа эрэгийиэн орто хамнаһыттан икки төгүл улахан буолуохтаах. Дьэ, ол быһаарыа кыһалҕаны. Саха сиригэр ыйдааҕы орто хамнас 63 тыһыынча солкуобай эбит буоллаҕына, 126 тыһыынча солкуобайга тиийиэхтээх. Иккис сылбытын бу суолунан иһэбит. Эдэрдэр ылынан, санаалара кэлэн, наукаҕа үлэлии хаалан эрэллэр. Бу иннинэ аспирантура диэн аатыгар эрэ, кумааҕыга эрэ киирэ сырытта. Холобура, сорохтор аармыйаҕа сулууспалыы барбат эрэ сыалтан үөрэнэн баран, диссертацияларын ситэрбэттэр этэ. Маннык көстүү наһаа элбэх этэ. Үп-харчы өттүнэн интэриэстээн, элбэх араас таһымнаах граннары киллэрэн, ыччат наукаҕа болҕомтотун уурда, диэн үөрэ олоробут. Билигин ирдэбил баар – научнай тэрилтэҕэ үлэһит уопсай ахсааныттан 40 бырыһыана 39-гар диэри саастаах буолуохтаах диэн. Олоҕум тухары эдэр ыччаты кытта үлэлээбит киһи быһыытынан, бу хайысхаҕа олохтоохтук ылсаары олоробун, “Саха сирэ” хаһыат нөҥүө ыччакка ыҥырыы таһаарабын: “Наукаҕа кэлиҥ, сыстыҥ, араас хайысхаларынан чинчийиилэри ыытыҥ, мин эһигини өйүөҕүм!”
— Өлүөхүмэ баһылыгынан фундаментальнай науканан дьарыктаммыт Николай Харбины талбыттара. Айсен Николаев, фундаментальнай науканан дьарыктаммыт дьон куһаҕан салайааччы буолбаттар диэбитэ. Ону эн туох дии саныыгын?
— Билигин орто сааспын ааспыт киһи быһыытынан көрүүбэр, наһаа ураты кэмҥэ олоробут. Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ – Москватааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрбит уолаттар. Биирэ физик, иккиһэ салайааччы-экэнэмиис идэлээх. Маны таһынан, Владимир Солодов преподаватель быһыытынан үлэлээбит киһи буолар. Фундаментальнай наукалары үөрэппит дьон кэлбиттэриттэн үөрэбин уонна, мин санаабар, бу биһиги историческай шанспыт дии саныыбын. Наука билигин хас да хайысханы холбуу үөрэтэр. Урут чопчу химия, физика, мэдиссиинэ эрэ хайысхаларынан чинчийиилэр, үөрэтиилэр барар эбит буоллахтарына, билигин, холобура, биологтар математиктары кытта тэҥҥэ дьүөрэлээн үлэлииллэрин ситиһиэхтээхпит. Билиҥҥи үйэҕэ гуманитарнай наукалар IT, информационнай технологията суох хайдах даҕаны сатамматтар. Холобура, археологтарыҥ булумньуларын сааһын химиктэрэ, геологтара суох сатаан быһаарар кыахтара суох.
— Өлүөнэ эбэни туоруур муостаны хайдах тутуохха сөбүй? Эн идэҥ оруобуна сөп түбэһэр эбит.
— Москваҕа үөрэнэ сылдьан муостаны тутуу туһунан курсовой бырайыак оҥорон турабын. Өлүөнэ эбэни туоруур муоста олус интэриэһинэй тиэмэ. Вантовай муостаны тутуу ыарахаттардаах буолуо. Кытаанах буолара (жесткость) улахан суолталаах. Ол аата, ханнык баҕарар муус кэлэн анньыытыгар туруктаах буолуохтаах. Манна олус чуолкай математическай суоттааһын ирдэнэр. Муоста үрдүк башняҕа өйөнүөхтээх. Ол башня троскун тутуохтаах. Бу трос тардыыга эрэ үлэлиир, баттааһыҥҥа үлэлээбэт. Кыһын тоҥон мууһунан бүрүллэр. Ол иһин башнята аһары улахан, троһа аһары суон буолуон сөп. Ол муостаны тутуу сыанатыгар охсуо. Онон балочнай муоста ордук курдук. Тимир баалкалар атахтарга тураллар, ол атахтар икки ардыларын сөпкө ааҕыахха наада. Суоттуур дьоҥҥо син биир буоллаҕа: массыына эрэ сылдьара дуу эбэтэр эбии тимир суоллаах буолара дуу? Мин санаабар, массыына эрэ сылдьар муостата арыый судургу уонна тутуллуута түргэн буолуо этэ. Кэлин, кыах баар буоллаҕына, аттынан сэргэстэһэ тимир суол муостата тутуллуон сөп.
— Ил диэн эн санааҕар тугуй?
— Улахан судаарыстыбаннай дьоммут, юристар биһиэхэ Ил диэн холбоһуу, сомоҕолоһуу диэн өйдөппүттэрэ. Ол аата, биһиги бары түмсүөхтээхпит диэн өйдөбүллээх этибит. Ил Түмэни ыллахха, Москва 12 мөлүйүөннээх куорат баара-суоҕа 45 дьокутааттаах. Биһиги мөлүйүөнү кыайбат өрөспүүбүлүкэ 70 дьокутааттаахпыт. Толкуйдаан да көрдөххө, соччо сөп түбэспэт. Онон Судаарыстыбаннай Мунньах биир Балааталаах, бастайааннай төрүккэ олоҕуран үлэлиирэ сөп. Маны таһынан, улуус аайыттан биир дьокутаат буолара сөп буолуо этэ, эппиэтинэһэ үрдүүр. Ол эрэн, ону төттөрү киллэрэр кыахпыт суох.
— Горнайтан төрүттээх улуу убайдаргын Афанасий Осиповы, ини-бии Семен, Софрон Даниловтары кытта билсэр, алтыһар этиҥ дуо?
— Мин улахан дьолум диэн, саха омук култууратыгар, өй-санаа өттүнэн сайдыытыгар улахан өҥөлөөх, үтүөлээх дьону, убайдарбын кытта алтыспытым буолар. Афанасий Николаевич Осипов – мин аҕам бииргэ төрөөбүт эдьиийин уола. Киһиргээбэккэ эттэххэ, 50 сааһыттан саҕалаан, дьоро тэрээһиннэригэр (быыстапкаларыгар) биири да көтүппэккэ сылдьыбытым. Айар үлэтин үчүгэйдик билэбин.
Оттон Сэмэн уонна Софрон Даниловтар Мытаахтан 9 биэрэстэлээх Бор диэн алааска олорбуттара. Филипповтар эмиэ бу алаастан төрүттээхпит. Итиннэ 4 эрэ ыал олорбута. Мин төрөппүттэрим Даниловтары кытта тэҥҥэ улааппыт дьон буолаллар. Аҕам Горнайга уонна Томпоҕо хаһыат эрэдээктэринэн, солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Биһигини, үс уолу, бэһис кылаас кэнниттэн Хаандыгаттан сыл аайы сайылата ыыталлара. Софрон Осипов куоракка көрсөөччү, Афанасий Николаевич быраата. Биһиэхэ төрөппүттэрбит хайаан даҕаны Софрон уонна Семен Петровичтаахха сылдьаҕыт диэн этэр, сүбэлиир буолаллара. Семен Петрович кэргэнин Анна Семеновна чээйин элбэхтик испиппит. Сиэннэрин курдук санаан, истиҥник сыһыаннаһаллара. Биһигини элбэххэ үөрэтэллэрэ-такайаллара, сүбэлииллэрэ. Мин куруук кинилэринэн киэн туттабын, айар үлэлэрин сэргиибин. Холобура, Мария Егоровна Данилова Софрон Петрович нэһилиэстибэтин хомуурунньугун элбэҕи таһаарда. Уонунан ахсааннаах кинигэни күн сирин көрдөрдө, онно эбээһинэһим курдук ылынан көмөлөспүтүм. Семен Петровичтыын Москваҕа батыһа сылдьан араас тэрээһиннэргэ сылдьааччыбын.
Родион Кривогорницын