Василий Егоров Феликс Штамм кэриэһигэр турнирга саҥа ыйааһыҥҥа күрэс былдьаһыаҕа
Кулун тутар 12-16 күннэригэр Польшаҕа ыытыллар Феликс Штамм кэриэһигэр боксаҕа үгэс буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыттан биир дойдулаахпыт, аан дойду үрүҥ көмүс призера Василий Егоров кыттыаҕа.
Европа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Василий Егоров улахан кыайыыларын 49 киилэлээхтэргэ ситиспит буоллаҕына, бу аан дойдутааҕы таһымнаах күрэхтэһиигэ тириэньэрдэрэ кинини 52 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа тургутан көрөргө санаммыттар. Манна даҕатан эттэххэ, соторутааҕыта Дьокуускайга ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирга Василий 52 киилэлээхтэргэ эрэллээхтик бастаан турар.
Барыллаан киирсиилэр кулун тутар 12 күнүттэн саҕаланыахтара. Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыттан Батор Сагалуев (49 кг), Бахтовар Назиров (56 кг), Артур Субханкулов (60 кг), Виталий Дунайцев (64), Сергей Собылинскай (69 кг), Глеб Макши (75 кг), Георгий Кушиташвили (81 кг) уонна Магомед Омаров (91 кг үөһэ) кыттыахтара.
Роман Попов, «Саха сирэ» хаһыат