Василий Егоров Астанаҕа буолар норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга кыттыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 5 – 11 күннэригэр Астана куоракка Казахстан бэрэсидьиэнин Кубогар буоксаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы турнир буолар. Онно сүүрбэччэ дойду боксердара күрэстэһэллэрэ күүтүллэр.

Дойду сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэньэрэ Эдуард Кравцов бу улахан күрэхтэһиигэ Арассыыйа боксердара уон ыйааһынтан тоҕуһугар кыттыахтарын иһитиннэрдэ. Хамаандаҕа ыйааһыннарыгар бастакы, иккис нүөмэрдэринэн ааҕыллар спортсменнар киирбиттэрин ыйда.

Ааспыт субуотаҕа дойду сүүмэрдэммит хамаандата Казахстаҥҥа кэллэ. Онно бэс ыйын 4-гэр диэри Украина, АХШ, Казахстан боксердарын кытта эрчиллэр сборга сылдьыаҕа.

Казахстан турнирыгар Арассыыйа чиэһин Василий Егоров (49 кг диэри ыйааһыҥҥа), Шахриер Ахмедов (56 кг), Габил Мамедов (60 кг), Адлан Абдурашидов (64 кг), Сергей Собылинскай (69 кг), Шамиль Хатаев (75 кг), Имам Хатаев (81 кг), Садам Магомедов (91 кг) итиэннэ Максим Бабанин (91 кг үөһэ) көмүскүөхтэрэ.

Роман Попов, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0