Василий Алексеев: «Санаам курдук сайаҕастык…»

18.04.2019
Бөлөххө киир:

Маннык ааттаах уус-уран ааҕыыга Тааттаҕа улуустааҕы 3-с куонкурус Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын, Норуоттар икки ардыларынааҕы суру­йааччылар сойуустарын чилиэнэ, лиирик-бэйиэт Василий Алексеев төрөөбүтэ 70 сылыгар анаан ыытылынна.

edersaas.ru

Таатта улууһун Чөркөөх сэ­лиэнньэтигэр буолбут тэрээһини “Октябрьскай нэһилиэк” дьаһалтата, Николай Тулааһынап аатынан Норуот айымньытын дьиэтэ, Чөркөөхтөөҕү модельнай бибилэтиэкэ уонна Василий Алексеев дьиэ кэргэнэ иилээн-саҕалаан, үрдүк таһымнаахтык ыыттылар. Быйыл үһүс сылын тэриллэр хоһоон түһүлгэтигэр СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, СӨ но­­руодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин, суруйааччылар, бэйиэттэр Степан Сивцев-Доллу, Мария Алексеева-Арылы Дуйдаах, Надежда Егорова-Намылы, Галина Иванова-Айтыына Уран, Валерий Никифоров-Суор Уола, Василий Пестряков, Таатта улууһуттан суруйааччылар Иннокентий Лукачевскай-Силис уонна Ирина Колодезникова-Ымыы ыҥырылыннылар.
Хоһоон куонкуруһугар бэйиэт төрөөбүт дойдутуттан Кырыкыйтан биир дойдулаахтара уонна Үөһээ Бүлүүттэн “Санаа ситимэ” түмсүү, Уус Алдантан уо.д.а. нэһилиэктэртэн хоһоонньуттар, ырыаһыттар анаан-минээн кэлэн кыттыбыттара тэрээһин ыыра кэҥээн, суолтата үрдээн иһэрин чахчы да туоһулаата. Ыалдьыттары бэйиэт кэргэнэ Екатерина Ивановна элбэх суру­йааччы хонон-өрөөн ааспыт, олоҕун аргыһа тутан хаалларбыт киэҥ-куоҥ дьиэтигэр көрүстэ. Кэлбит дьон онтон салгыы Чөркөөх историческай-мемориальнай мусуойугар уонна Василий Алексеевка анаан тутуллубут балаҕаҥҥа уонна мусуойга сырыттылар. СӨ норуодунай скульптора Василий Бочкарев бэйиэккэ анаан оҥорбут бюһугар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Чөркөөх историческай-мемориальнай му­­суойун дириэктэрэ Николай Попов уонна дириэктэри солбуйааччы Изабелла Жерготова эҕэрдэлээтилэр. Салгыы СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 7 хомуурунньук ааптара Василий Алексеев мусуой дьиэтин көрдүлэр.
Баһылай тутта сылдьыбыт бэчээттиир массыыҥката, көмпүүтэрэ (Чөркөөххө бастакы буолуон сөп), хаартыскаҕа түһэрэр аппараата, хаартысканы бэчээттиир тэриллэрэ наадыйдахха, бары үлэлиир кыахтаахтар.
Суруктаах тэтэрээттэрин көрдөххүнэ, бэйиэт буочара ырааһын, чуолкайын көрөн сөҕөҕүн. Сибилигин суруйан баран, кылгас кэмҥэ ханна эрэ тахсыбытын курдук, буукубалара бу кылбаһан сыталлар. 1960-70 сылларга ханнык хоһоону ханнык күҥҥэ, сылга суруйбутун барытын бэлиэтээн хаалларбыта кэлин кини айар үлэтин үөрэтээччилэргэ сыаналаах матырыйаал буолсу.

ЫРЫА КУРДУК ЫРААС ХОҺООННОРДООХ

П.Ойуунускай аатынан оскуола актовай саалатыгар куонкурус аһыллыбытынан СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин эҕэр­дэлээтэ.
Василий Алексеев Тааттатын, таптал нарын иэйиитин туһунан уран тылынан олус ис киирбэхтик, сүрэҕи-быары ортотунан киирэр иэйиилээх хоһоонноро 7 хомуурунньукка түмүллэн киирбиттэрэ.
Екатерина Ивановна кэргэнигэр сүгүрүйэн, чиэстээн ыытар тэрээһиннэригэр куруук кыттабыт. Мусуой аһыллыытыгар суру­йааччылар бөлөхтөрө тахсан эҕэрдэлээн турабыт. Биэс сыл буола-буола ыытыллар ааҕыыларга быйыл сүүсчэ киһи кыттыбыта уонна ыраах Кырыкый сириттэн анаан-минээн кэлбиттэрэ хайҕаллаах суол. Баһылай дьол­лоохтук олорон ааспыт Чөркөөҕүттэн билигин да суруйааччылар, бэ­­йиэттэр тахса тураллар…”, — диэн туран быйыл Чөркөөх сэлиэнньэтиттэн Лена Филатова-Сыгыйык СӨ Суруйааччылар сойуустарыгар киирбитинэн эҕэрдэлээтэ. Ону сэргэ быйыл ситиһиилээх үлэлээх айар дьоҥҥо сойуус аатыттан бэлэхтэри туттарда.
Кыттааччылар бэйиэт  биирдии хоһоонун (бөлөҕүнэн, биирдиилээн) уонна көҥүл тиэмэҕэ бэйэлэрин айымньыларын аахтылар. Кинилэр хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыыга эрэ буолбакка, көстүүмнэригэр, сценографияларыгар, лиирик-бэйиэти араас өттүнэн хоһуйан көрдөрүүгэ болҕомтолорун уурбуттара кэрэхсэбиллээх. Ааҕыылары иһийэн истэ олорон, Таатта хатыламмат айылҕата, Чөркөөх дьонун-сэргэтин үгэстэрэ, үлэттэн дьолломмут дьон үтүө мөссүөнэ, Таатта үрэҕэр тапталлаахтар көрсөр кистэлэҥнээх сирдэрэ хараххар көстөн кэлэр. Ол да иһин, саха саарыннара үөскээн тахсыбыт өҥ буордарын, килбик кыыс нарын тапталын хоһуйбут айымньыларыттан мелодистар уостан түспэт ырыалары айдахтара. Ону “Күбэйэ”, “Нуурал” вокальнай ансаамбыллар, ырыаһыттар Николай Бурцев, Михаил Михайлов, Зинаида Ситникова, Константин Иванов уо.д.а. толорбут ырыалара дьиҥ чахчы итэҕэттилэр, астыннардылар. Бу күн бэйиэт кэргэнэ Екатерина Ивановна Николай Бурцевтыын “Үчүгэй да саас этэ” диэн ырыаны сүрэхтээн, Екатерина Алексееваны атын өттүнэн арыйдылар.
Кыайыылаахтар сыана­лаах бириистэринэн, сэртипикээттэринэн наҕараадаланнылар.

“ЧӨРКӨӨХ БАҺЫЛАЙА”, ОНТОН “ТААТТА БАҺЫЛАЙА”

Николай Попов, Чөркөөх мусуойун дириэктэрэ:
Бэйэтин бириэмэтигэр үлэтинэн-хамнаһынан Саха сиригэр киэн туттууга сылдьыбыт үлэ киһитин Баһылай Андреевиһы чиэстии кэлбиккититтэн биһиги улаханнык астынабыт. Мин санаабар, үлэ киһитин кини ханна төрөөбүтүттэн, олорбутуттан тутулуга суох үйэ саас тухары үйэтитии, киниэхэ сүгүрүйүү, норуокка оҥорбут үтүөтүн ыччакка кэпсээн, ыччат дьон сэргэ туһугар үлэлиирин-хамсыырын ситиһии биһиги, тыыннаахтар, сорукпут буолар. Маннык дьон туһунан өйдөбүл сүппэт буоллаҕына, биһиэхэ өссө үчүгэй дьоннор үөскүөхтэрэ, ыччаппыт өссө үчүгэйдик олоххо бэлэм буолуо”.

Изабелла Жерготова, Чөркөөх мусуойун дириэктэрин солбуйааччы, научнай үлэһит:
Василий Алексеев “Туругур, тапталлаах Тааттабыт” ырыата — бэйэтэ гиимин. Үөһээ Бүлүү Кырыкыйыттан кэлэн олохсуйбут, бастаан Чөркөөх Баһылайа, онтон Таатта Баһылайа диэн ааттаммыт киһибит сырдык күнүгэр тоҕуоруһа мустаҥҥыт, санаа атастаһаҥҥыт, Баһылай хайдахтаах курдук Тааттаны таптаабытын, кини эппитинии олох чахчы кэрэтин өссө итэҕэйэн барбыккытыгар эрэллээхпит.

Михаил Аржаков, Чөркөөх сэлиэнньэтин баһылыга:

Василий Алексеев аатынан уус уран ааҕыыбытыгар куруук элбэх киһи кыттар, саҥа талааннар арыллаллар, онон бэйиэт сырдык олоҕун бу тэрээһин көрдөрөр. Екатерина Ивановна сүбэлэһэр тэрээһин мунньахтары ыыта сатаабакка, бэйэтэ сүүрэн-көтөн, дьону кытары сатаан кэпсэтэн, суруйааччылары, салайааччылары ыҥыран, киниэнэ барыта хоп курдук табыллан иһэрин куруук хайгыы көрөбүн. Элбэх доҕоттордоох уонна киниэхэ дьон ытыктабылынан сыһыаннаһар буолан, мэлдьи чэпчэки тыыннаахтык ааһаллар. Инникитин ыыра өссө кэҥээн, илин эҥээрдээҕи эбэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнанарыгар баҕарабын. Онно, убаастыыр суруйааччыларбыт куруук көмөлөһө туруохтарыгар эрэнэбин.

Екатерина Ивановна, Василий Алексеев кэргэнэ:

Кэргэним 60 сааһыгар икки эрэ ый тиийбэккэ олохтон барбыта. “60 сааспын хайаан да бэлиэтиибин, аймахтарбын, суруйааччы доҕотторбун ыҥырабын” диэн испииһэгин сыл инниттэн оҥорбута. Ол иһин, кини туолбатах ыра санаатын олоххо киллэрээри, 60 сааһын бэлиэтээн уус-уран ааҕыылары тэрийбитим. Онтон ыла биэстии сыл буола-буола ыытарбыт үгэскэ кубулуйда.
Үөһээ Бүлүү түгэҕэр, Кырыкый нэһилиэгэр улааппыт киһи улуу Ойуунускай төрөөбүт дойдутугар кэлэн ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, сиэннэнэн, үлэлээн-хамсаан, өссө суруйар талаана арыллан, суруйааччы үрдүк аатын ылбыта. “Тааттаҕа кэлэн суруйааччы, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ буолла, онон кини аата-суола сүтүө суохтаах” диэн оҕолорбунуун сүбэлэһэн бараммыт, мусуой уонна балаҕан туттубут (бэйэтэ балаҕаҥҥа үөскээбитэ уонна нэһилиэк иһигэр балаҕан тутан биэрбит киһи диэн баҕалаах этэ). Онуоха Чөркөөх мусуойа бэйэтин хонноҕун анныгар, таптыыр Тааттатын үрдүгэр сир биэрбиттэригэр куруук махтанабын.
Баһылайбар анаан ыытар киэһээлэрбэр мэлдьи элбэх киһи кэлэриттэн үөрэбин. Бастакы тэрээһиммитигэр Сэмэн Руфов салалталаах суруйааччылар бөлөхтөрө кэлбитэ. Билигин Иван Мигалкин эмиэ элбэх суруйааччыны илдьэ кэлэриттэн олус үөрэбин. Кэргэним орто дойдуга олус кылгастык олордо, 59 саас диэн эр киһиэхэ саас буолбатах. Төһө да кылгастык олордор, олоххо аналын толорон, ситиһэн барда. Онон Баһылай, төһө да Таатта сиригэр соҕотоҕун кэллэр, кини аатын ааттатар 5 оҕото, сиэннэрэ элбээн иһэллэр. Кэлин аймахтара, бииргэ төрөөбүттэрэ кэлэн олохсуйбуттара.
Баһылай оҕо сылдьан кус кэмигэр мунан турардаах. Уончалаах эрэ уол сэттэ күнү быһа муна-тэнэ сылдьан, дьикти түбэлтэҕэ түбэспит. Саас кус кэмигэр муммут оҕо кур отону сиэн, түүн дьагдьайа тоҥон, өйүн да сүтэриэн сөп этэ. Дьолго, арай бэрэмэдэйдээх астаах, маҥан баттахтаах оҕонньор ситэн ылбыт уонна: “Тоойуом, сэниэҥ эстибит, сэниэтэ киллэрин” диэн лэппиэскэ биэрбит уонна суолга таһааран биэрбит. Суол арахсыытыгар тиийэн: “Бу суолу тутустаххына, дьонноох сиргэ тиийиэҥ диэбит… Онон, Василий Алексеев курдук улахан бэйиэт кэлэр дьолугар, бэйэтэ эмиэ тургутууну ааспыт эбит диэн сыаналыыбыт”.

Мария Алексеева, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэтесса:
Чөркөөххө үлэлии сылдьар кэммэр “Араҥас сулус” диэн түмсүү тэриммиппитигэр Василий Андреевич биһигини тута бэйэтигэр сыһыаран, суруйааччылар эйгэлэригэр киллэрбитэ. Кини аттыгар сылдьаммыт, аан бастаан саха улахан суруйааччыларын көрбүппүт, алтыспыппыт. Онон эдэрдэри айар суолга сирдээбит улахан убайбытынан, сүгүрүйэр киһибитинэн буолар. Кини ииппит-такайбыт оҕолоро суруйааччы сойууһугар ылыллан, илиилэриттэн араарбакка үлэлии сылдьалларын көрөн, кини бука үөрүө, дьоллонуо эбитэ буолуо.

Иннокентий Лукачевкай-Силис, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик:
Баһылай олус элбэх иэйиилээх хоһоону саха норуотугар хаалларан барбыта. Екатерина Ивановна кэргэнин үлэтин үйэтитэргэ мусуой оҥорбута, уус-уран ааҕыылары тэрийэрэ улахан махталлаах суол

Кырыкыйтан кэлбит биир дойдулаахтара:

Баһылайбыт айымньылара биһиги кэннибититтэн да ыллана, ааҕылла туруохтара диэн ыччаттарбытын илдьэ кэллибит. Василий Андреевич хоһоонноро бүгүҥҥү күнүнэн эрэ муҥурдамматтарын уонна кини айымньылара иитэр-үөрэтэр суолталаахтарын кэрэһилээн, бүгүн күрэххэ кытынныбыт. Кырыкый сиригэр билигин да хоһоонньуттар тахса туралларын сырдатаары, саҥа хоһооннору аахтыбыт. Баһылай хоһоонноро ааҕыллалларын, ылланалларын тухары ытык Тааттаҕа кэлэ туруохпут.

БАСТЫҤНАР ААТТАННЫЛАР

Улахан дьоҥҥо:
Василий Алексеев хоһооннорун бөлөҕүнэн ааҕыыга:
Кылаан бириис (Гран-при) хаһаайынынан бэйиэт биир дойдулаахтара, Үөһээ Бүлүүттэн сылдьар “Санаа ситимэ” бөлөх буоллулар.

Бастакы миэстэни — “Дьэҥкир алып” (Уолба), иккиһи — “Ситим” (Тыараһа), үсүһү “Уран тыл” (Ытык Күөл) ыллылар.

Бэйэ айымньытын бөлөҕүнэн толорууга инники миэстэлэргэ “Дьэҥкир алып” (Уолба), “Кыыс Амма” (Даайа Аммата), “Куорсун” (Дьохсоҕон) таҕыстылар.
Бэйиэккэ аналлаах анабыл хоһооннору биирдиилээн ааҕыыга: Валентина Харайданова (Дьохсоҕон), Сардаана Андросова (Ытык Күөл), Варвара Решетникова-Талбаана (Чөркөөх) бастаатылар.

Бэйэ айымньытын биирдиилээн толорууга: Елена Филатова-Сыгыйык, Матрена Лукачевская, Михаил Прохоров үс инники миэстэни ыллылар.

Оҕолорго:
Василий Алексеев хоһооннорун бөлөҕүнэн ааҕыыга: Кылаан бириис Чөркөөх 9-с кылааһын оҕолоругар тигистэ. Бастакы миэстэни — Чөркөөх 5-с кылааһын, иккиһи Чөркөөх 8-с кылааһын оҕолоро ыллылар.

Бэйэ хоһоонун ааҕыыга: Родион Рахлеев (Ытык Күөл ), Сандаара Борисова (Чөркөөх), Алина Татаринова (Ытык Күөл) бастаатылар.

Бэйиэккэ аналлаах анабыл хоһооннору биирдиилээн ааҕыыга: Кылаан бирииһи Чөркөөхтөн Андрей Андреев ылан, тэлэбиисэринэн наҕараадаланна. Киниэхэ кырыкыйдар өссө анал бирииһи туруоран үөртүлэр. Үс бириистээх миэстэҕэ Сааскылаана Яковлева (Кырыкый), Таисия Новгородова (Чөркөөх), Максим Винокуров (Ытык Күөл) таҕыстылар.

ЫСПЫРААПКА:

Василий Алексеев 1977 сыллаахха Вологодскайдааҕы институкка үүт маастарын кууруһун бүтэрбитэ, Таатта сиригэр кэлбитэ. Чараас дууһатынан Таатта сирин “санаатын сааскыта, олоҕун саһарҕата, ыраас ыратын эгэлгэтэ, ыйдаах күнүн кэрэкэтэ” оҥостон, элбэхтик хоһуйбута.

Кини хоһоонньут быһыытынан улуус хаһыатыттан куорсун анньыммыта. Бастакы кинигэтэ “Чэчир” серияҕа “Үктэммэтэх үрдэллэр” диэн ааттанан тахсыбыта. Төрөөбүт сир айылҕатын уонна иккис сир оҥостубут Тааттатын, таптал нарын иэйиитин хоһуйбут сүрэҕи-быары ортотунан киирэр иэйиилээх хоһоонноро кэнники 2004 сыллаахха “Лиирикэ” диэн кинигэтигэр хомуллан киирбиттэрэ. Бэйиэт барыта хоһоон 7 хомуурунньугун күн сирин көрдөрбүтэ. Кинини “Хоһоон айан хоһулай, кытаат өссө Баһылай” диэн эппит үөлээннээҕэ, учуутала Сэмэн Руфов литератураҕа сирдээн, 1997 сыллаахха СӨ Суруйааччыларын сойууһугар мэктиэлээн киллэрбитэ.

Надежда ЕГОРОВА,»Саха сирэ»,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0