“Саха эстрадатыгар ураты суоллаах-иистээх, күүстээх ырыаһыт тахсан эрэр. Кини олус киэҥ диапазоннаах буолан, киһини толкуйдатар дириҥ ис хоһоонноох сахалыы тойуктаах. Чэпчэки тэтимнээх түргэн, аныгы ырыаҕа ыарырҕаппакка көһөн хаалыан сөп. Актерскай маастарыстыбата эмиэ бэрт үрдүк таһымҥа турар, быһата, ырыаҕа үрдүк үөрэҕи, оскуоланы ааспыта тута көстөр. Билигин кини эстрада искусствотыгар бэйэтин суолун чопчу булла”.
edersaas.ru
Маннык сыанабылы Эстрада тыйаатырын уус-уран салайааччыта, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Иван Бурцев өссө ааспыт үйэ бүтэһик сылларыгар саха эстрадатыгар кылыһахтаах куоластаах күөрэгэй, “Алаас кыыһа” диэн саха норуота таптаан ааттыыр, СӨ үтүөлээх артыыската Варя Аманатоваҕа-Слепцоваҕа биэрбитэ.
Варя Аманатова айар үлэтин 25 сылын бэлиэтиир долгутуулаах күнэ тиийэн кэллэ.
ОҔО ТУҺУГАР САЛҔАММЫТ ОЛОХ
Варя ийэтэ Розалия Васильевна Уус Алдан улууһун үс Дьоруойдаах Танда сэлиэнньэтиттэн, аҕата Аркадий Афанасьевич Баатаҕайтан төрүттээхтэр. Ийэтинэн эбээлээх-эһээтэ удьуор уустарынан уонна мындыр өйдөөхтөрүнэн аатырар Баайаҕа Андросовтара буолалларынан киэн туттар. Эһээтэ, сэрии бэтэрээнэ Баһылай Андросов олоҥхоһут- тойуксут этэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ильмень күөлгэ, Старай Русса таһыгар буомбалааһыҥҥа түбэһэн, 1944 сыллаахха аҥаар атахтаах киһи эргиллэн кэлбитэ. 18 эрэ саастаах Варя диэн эдэркээн кыыһы кэргэн ылан, Тандаҕа Таҥара дьиэтигэр бэргэһэлэммиттэрэ. Онтон ыла оҕо-уруу төрөтөн, кэҥээн-ууһаан барбыттара.
Варя сайын аайы уонна уһун өрөбүллэргэ Тандаҕа эбээтигэр тиийэрэ, онон оҕо сааһа бу маанылаах сиргэ ааспыта. “Тандаҕа эбээбит дьиэтин утары мырааҥҥа чороон оҥоһук баара. Ол чороону көрөн, итинник кымыстаах чороону көтөхпүт киһи” диэн баҕа санаалаах улааппытым”, — диэн Варя Аманатова оҕо сааһын аҕыннаҕына, хараҕар наар ол чороону көрөрүн туһунан кэпсиир.
Розалия Васильевна олохтоох кулуупка үлэлиирэ, уус-уран самодеятельность көхтөөх кыттыылааҕа, норуот ырыаларын уонна Христофор Максимов дэгэрэҥ ырыаларын киһи иһиттэр истэ олоруох курдук ис-иһиттэн иэйэн толороро. Түөрт оҕотунуун дьиэ кэргэнинэн ансаамбыл тэринэн, норуот ырыаларынан попуррилаан, хомуска оонньоон, бүтүн композиция туруораллара. Бороҕоҥҥо буолбут ырыа күрэҕэр дьиэ кэргэнинэн кыайан, гитара бэлэх ылан турардаахтар. Варя тандалар “Дьиэрэй” ансаамбылларыгар таайа, билигин “Эн сулускун” бырайыак финалыгар тахсыбыт Аркадий Самсоновы, бастакы идэлээх эстраднай үҥкүүһүт Николай Турантаевы (саха Эсамбаева) кытары кэнсиэртэргэ тэҥҥэ сылдьыбыт кэмнэрин олус күндүтүк саныыр.
ОСКУОЛАТААҔЫ СЫЛЛАР КЭРЭҺИТТЭРЭ
Уус алданнар киэн туттар уоллара, бэйиэт Сергей Васильевка аналлаах ааҕыылар Варя оскуолатааҕы кэмнэрин кэрэһиттэрэ этилэр. Сыл аайы ыытыллар “Васильевскай ааҕыыларга” сөбүлээн дьарыктанар “Кэнчээри” ансаамбылынан да, бэйэтэ да хоһоон ааҕан, ыллаан-туойан, лауреат аатын ылаллара. Ол сылдьан оччолорго Ленин аатынан пуондаҕа кыттыһан, харчы ыытан көмөлөһөн, оскуоланы бүтэрэр сылыгар Москваттан Махтал суругу туппута. Варя билигин төһө да сүүһүнэн ахсааннаах грамоталарыттан, махтал, эҕэрдэ суруктарыттан уо.д.а. наҕараадаларыттан “Васильевскай ааҕыыларга”, Москва пуондатыттан, “Кэнчээри” ансаамбылга сылдьан ылбыт наҕараадаларын ордук күндүргэтэрин туһунан кэпсиир.
“ИЙЭМ ЫРА САНААТЫН ТОЛОРОН…”
“Ийэбэр мин улахан оҕобун. Ийэм барахсан куруук ыллыы сылдьара. Онон түөрт оҕо бары кини ырыатынан биһиктэнэн улааппыппыт.
Оскуоланы бүтэрэн баран, Дьокуускайга мусукаалынай училищеҕа үөрэнэ киирэн баран, дьиэ кэргэнигэр табыллыбакка, үөрэҕин быраҕарга күһэллибит. Юрий Платонов “Эстрада-72” бөлөҕөр ылан, Москваҕа үөрэттэрэ ыыппыттарыгар эмиэ кыайан барбакка хаалбыт. Христофор Максимов гостуруолга кэлэ сылдьан ийэм ыллыырын истэн уонна артыыс буолуон баҕарарын билэн, Ньурбаҕа тыйаатырга ыҥырбыт. Ийэм Ньурбаҕа айаннаан иһэн, ийэтэ эмискэ ыалдьан, куораттан төннүбүт. Ийэм билигин норуот эмчитэ.
Биир дойдулаахтарым үөрэ-көтө бэлиэтииллэрин курдук, мин бу олохпор күндү киһим туолбатах ыра санаатын толорорго ананан кэлбит курдукпун. Ийэм репертуарыттан ырыалары кэлин бэйэм оҕолорбор биһик ырыата гыммытым. Баҕар, ол иһин буолуо, кыыһым Христина 3 сааһыттан ыллыыр буолбута. Бастакы кылааһы бүтэрбит сылыгар Сочига норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска илдьэ бара сылдьыбытым. Онно бэйэтин саастыылаахтарыгар 2-с истиэпэннээх лауреат буолбута. Наһаа сылайбыта быһыылааҕа, сөмөлүөтүнэн көтөн иһэн: “Ийээ, мин эн курдук олохтоммот эбиппин…”, — диэбитэ.
“КЫРАЧААН УҤУОХТААҔЫҤ МЭҺЭЙ БУОЛБУТТААҔА ДУО?”
“Дьэ, буолан. Бастакы кылаастан оскуоланы бүтэриэхпэр диэри саамай кыра уҥуохтаахтара этим.
Дойдубар Саха тыйаатырын артыыстара гастроллуу кэлэллэрин долгуйа күүтэрим. Биирдэ тэлэбиисэргэ бу тыйаатыр Христофор Максимовка аналлаах кэнсиэрин көрбүтүм. Онно хас биирдии ырыаларын оччолорго биир саастыылаахтарбар миэхэ эрэ баар “Весна” магнитофоммар устан ылан баран, хас биирдии тылын суруна-суруна барытын бэйэм үөрэппитим. Оскуола оҕото оннук дьарыктаммытым. Онон, ити ырыалар кэлин мин норуот ырыаларын толорорбор өрө анньан таһаарбыттара дии саныыбын.
Улан Удэҕэ култуура институтугар дьиҥэр, дыраама артыыһыгар киирэр баҕалаах тиийбитим, докумуоннарбын туттарбытым. Эксээмэннэргэ тугу ирдииллэрин барытын толорбутум. Арай көрдөхпүнэ, атын кыргыттар бары уп-уһуттар, көбүс көнө уҥуохтаахтар. “Кылаабынай оруолларга уһун кыргыттар эрэ оонньууһулар, миэхэ оҕо эрэ оруола тиксииһи”, — диэн санаан саллыбытым. Ол иһин, бүтэһик күҥҥэ докумуоннарбын төттөрү ыламмын, “норуот хора” диэн салааҕа уларытан кэбиспитим. Сарсыныгар “Дьиэрэй, дьиэрэй хомуһум” диэн ырыабынан тута 10 баалы ылбытым, үөрэххэ бэрт кэбэҕэстик киирбитим. Онон, уҥуохпунан кырам атахтыырын институкка киирээри билэн турабын”, — диэн Варя истиҥник билинэр.
Варяны педагогтара, профессордар “бу ырыаһыт кыыс кэллэ” диэн таба көрөн, тута “Сибиир сувенира” диэн ансаамбылларыгар солистканан ылбыттара. 1990 сыллаахха бастакы кууруһу бүтэрээт, аан бастаан кыраныысса таһыгар бэстибээлгэ барбыта. Икки ый устата Франция уонна Испания устун гостуруоллаан, эдэркээн кыыс орто дойду олоҕун атын хараҕынан көрбүтэ. Буолумуна даҕаны, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уонна “Кэнчээритин” оҕолоруттан аан бастакынан, 18 сааһыгар “тимир быыһы” арыйан, омук сиригэр тахсыбыта. Омук сирин олоҕун-дьаһаҕын, дьонун-сэргэтин, култууратын билэр баҕата баһыйан, английскай тылы үөрэппитэ. 1997 сыллаахха Америкаҕа собус-соҕотоҕун аан дойду норуоттарын этническэй бэстибээлигэр кытта барбыта уонна Кылаан бирииһи ылан, дойдутугар илии тутуурдаах, өттүк харалаах эргиллибитэ. 2000 сыллаахха эстрада артыыстарыттан бастакынан Бурятияҕа “Үрүҥ ый” бэстибээлгэ кыттан, лауреат аатын ылан, эстрадаҕа сахалар ураты миэстэни ылалларын биллэрэн кэлбитэ.
“Чахчыта да, олус хорсун киһи эбиккин” диэн сөхпүппэр сэһэргэһээччим: “Уопсайынан, ийэм биһигини соҕотоҕун ииппит буолан эбитэ дуу, тулаайах аҥаардаах курдук, бэйэни итэҕэс сананыы да баар курдуга. Кимиэхэ да атаҕастатыа суохтаахпын дии саныырым. Ол иһин, туохха эмэ ылыстым, тиһэҕэр тиэрдэргэ сананным да, баҕа санаам туолуор диэри утуйар да уубун умнарым. Эһээм, райкомол бастакы сэкирэтээрэ Афанасий Аманатов курдук дьон туһугар үлэлиирбин сөбүлүүбүн”, — диэтэ.
ЫРЫА КИҺИЭХЭ ДЬАЙАР КҮҮҺЭ
«Алаас кыыһын» репертуарыгар бигэтик киирбит ырыалары ырытар, ылламмыт төрүөттэрин интэриэһиргиир киһи элбэҕи билиэ, саха ырыатын историятыгар саҥаны арыйыа эбитэ буолуо. Кылгастык, бэрт аҕыйах ырыаҕа тохтоон ыллахха:
“Иккис кылааска үөрэнэ сылдьан, “Кэнчээри” ансаамбылга киирбитим. Салайааччыбыт РФ уонна САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Парников: “Эн ийэҥ туойар, онон эн эмиэ сахалыы ырыалары, тойуктары үөрэтиэхтээххин. Сотору кылааһынан күрэхтэһиигэ кыттыаҥ. Онон, ийэҥ репертуарыттан “Дьиэрэй, дьиэрэй, хомуһум” диэн ырыаны үөрэт диэн, оскуола спордун саалатыгар аан бастаан ыллаабытым.
“Алаас кыыһа” диэн ырыаны аан бастаан көрөөччүгэ бэлэх уунарбар, биллэн турар, кэлин “Алаас кыыһа” диэн аат иҥиэ диэн толкуйдаан да көрбөт этим. Юрий Платонов айар мастарыскыайыгар бииргэ үөрэммит уолум Гриша Дунаев айбыт бу ырыатын истээт да, тута сөбүлээбитим. Санаабар, мин турукпар, мин уобараспар чугас курдуга. “Бу ырыаны миэхэ биэрбэккин дуо?” диэн ыйыппыппар тута сөбүлэспитэ. “Иэхэй-чуохай” ансаамбылга сылдьар кэмим этэ, ол эрээри бу ырыаны соҕотоҕун толорон, “Дьокуускай-97” ырыа куонкуруһугар кыттыбытым.
Игорь Тараховскай “Ийэбэр” диэн ырыатын тэлэбиисэргэ истэн баран, сүрэхпинэн курдаттыы ылыммытым. “Ырыаһыт буолан айыллыбыт буоллахпына, саамай күндү киһибэр ырыабын анаабатахпына, ама, кимиэхэ?” — дии санаабытым. Саҥа ырыаны мелодист, ырыаһыт Сергей Попов үөрэппитэ, чочуйбута. Бу ырыаны Тандаҕа ыытыллыбыт бастакы айар кэнсиэрбэр ийэбэр анаабытым. Онтон 1997 сыллаахха Дьокуускайга “Алаас ырыалара” диэн хомуур-кэнсиэркэ аан бастаан баян доҕуһуолунан иһитиннэрбитим. Онно саала барыта иһийэн ылбыта, тэҥҥэ ыллаһар да, ытыы олорор да көрөөччүлэр баалларын билбитим, долгуйбутум. Бу кэнсиэри Бороҕоҥҥо Клим Федоров иилээн-саҕалаан ыыппыта. Онно аллараа саалаҕа олорор ийэбин үҥкүүгэ ыҥырбыта. Ийэм барахсан долгуйан сап-салыбырас буолбут, хараҕын уута кэлбит этэ. Онтон сылтаан, бэл, Клим Федоров кэнсиэрин салгыы кыайан ыыппакка, бобуллан ылбыттаах. Дьолго, уус-уран салайааччыбыт Иван Бурцев тахсан саҥаран-иҥэрэн “абыраабыта”. Дьэ, үчүгэй ырыа оннук дьайар күүстээх эбээт.
“МИННЬИГЭС САКАЛААТТАН МАППАТАҔЫМ”
“Кэргэн тахсан, оҕо-уруу төрөтөн, айар үлэҕэр элбэҕи мүччү туттаҕыҥ?” – диэн ыйытар дьон баар буолааччылар. Мин хаһан да оннук санамматаҕым. Төттөрүтүн, 11 сыл анараа өттүгэр, ырыаһыт быһыытынан норуоппар биэриэхтээхпин биэрдим диэн сананан, ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөргө бэлэм сылдьар кэмим этэ. Доҕорбун, олоҕум аргыһын көрсөн, 33 сааспар ыал буолбутум. Онон, дьиэҕэ олорон хаалан, туох эрэ минньигэс сакалааттан маппыт курдук санамматаҕым. Тоҕо диэтэххэ, оҕом 1 ыйын да туола илигинэ тыйаатырбар үлэлии тахсыбытым (уопсайынан, 25 сыл анараа өттүгэр Эстрада тыйаатырыгар үлэҕэ киириэхпиттэн, хаһан да тохтоон көрбөтөҕүм). Арай бу кэмҥэ, атыттар курдук, тэлэбиисэргэ элбэхтик көстүбэтэҕим, араас килииптэри оҥотторботоҕум, биир ырыаны айаат да, араадыйаҕа эргитэ сылдьан ыллаппатаҕым, социальнай ситимнэргэ тахсыынан үлүһүйбэтэҕим. Ол гынан баран, мин баарым тухары ырыам аттыбар баар, тыйаатырым ыытар дьаһалларыгар барытыгар актыыбынайдык кытта, ыҥырылла сылдьыбытым. Репертуарым да тиийэр буолан, 5 альбому таһаарбытым. Дьиэ кэргэммин, оҕолорбун харыстыыр этим. Кэргэним артыыс олоҕун урут билбэт этэ буоллаҕа. Эмиийдээх оҕолоох олорон, гостуруолларга бар да бар, түүҥҥү бардарга, эрэстэрээннэргэ ыллыы сылдьыбытым буоллар, бигэ тирэхтээх алаһа дьиэни тэринэргэ, бэйэ-бэйэни өйдөһөргө күчүмэҕэйдэрдээх буолуо этэ”, — диэн Варя бу кэмнэрин туһунан ис-иһиттэн сырдаан олорон сэһэргиир. Аманатовтар билигин аймахтарын, доҕотторун түмэр саха ыалдьытымсах ыала.
Варя кырдьыга да, таптыыр дьиэ кэргэнин, үлэтин тэҥҥэ дьүөрэлээн, олох үөһүгэр сылдьар киһи. “Ай-ыллаа” диэн лааҕырыгар үөрэппит, уһуйбут оҕолоро араас таһымнаах дьаһалларга уонна бэйэтэ тэрийбит эмиэ итинник ааттаах куонкуруһугар кыттан, артыыс үлэтин эттэринэн-хааннарынан билэн, билигин ырыаһыт буолбут эбэтэр ырыа эйгэтигэр үөрэнэ, салайааччы да буола сылдьар ыччаттар аҕыйаҕа суохтар. “Ай-ыллаа” бырайыак ааптара Варвара Аркадьевна бу куонкуруһун ыытыан иннинэ 8 улууһу кэрийэн, дьоҕурдаах оҕолору сүүмэрдээн, Дьокуускайга түмүк куонкуруска ыҥырбыта. Бу бырайыагар 3 тыһыынча курдук киһи кыттыбыта элбэҕи этэр. Варя Аманатова билигин өссө оҕолору үөрэтэр, иитэр киһи буоларынан, Москваҕа култуура уонна искусство университетыгар “муусуканан иитиигэ” аспирантураҕа киирдэ.
* * *
Муус устар 27 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр, Эстрада тыйаатыра “Өбүгэ тыына” бырайыагынан ыытар Варя Аманатова кэнсиэригэр, саханы саха дэтэр кэрэ матыыптары, ырыалары, төрүт саха доҕуһуолун истэ, сэргии, дуоһуйа сынньана кэлэргитигэр ыҥырар.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru