Муус устар 22 күнүгэр Төрүт сокуоҥҥа киирэр уларытыылары бигэргэтэргэ Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын ыытыллыа. Быһаарыылаах күҥҥэ дьон-сэргэ туох санаалаахтарын истиэҕиҥ.
РФ Үлэ Дьоруойа Варвара Устинова:
—Төрүт сокуон 27 сыл анараа өртүгэр, 1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр ылыллыбыта. Бу сыллар тухары олох-дьаһах лаппа уларыйда уонна өссө да уларыйан иһиэ турдаҕа. Тэтим өссө күүһүрэн, салгыы сайдыы өссө кэҥээн иһиэхтээҕэ өйдөнөр. Онон сүрүннүүр Сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии — олох ирдэбилэ диэни сөптөөҕүнэн ааҕабын уонна өйүүбүн.
Бу уларытыылар киһи бырааба бөҕөргүүрүгэр, дьиэ кэргэни, оҕону-урууну араҥаччылааһыҥҥа, хамнас, биэнсийэ боппуруостарыгар, норуоттар култуураларын, тылларын-өстөрүн харыстааһыҥҥа, историяны билиигэ, дойдуга тапталы, бэриниилээх буолууну иҥэрэргэ туһуланаллара санааны көтөҕөр, бөҕөргөтөр. Дойду бэрэсидьиэнэ дьонун-сэргэтин, норуотун санаатын ылынан, үрдүкү салалтаҕа олорор дуоһунастаах салайааччыларга сөптөөх ирдэбили туруортарбытын сэҥээрэбин. Бу дойдубут Төрүт Сокуона норуоту олорор эрэгийиэниттэн, политическай көрүүтүттэн, кини итэҕэлиттэн тутулуктаммакка, чахчы да түмэ тардар сүрүн суолталаах.