Быйыл Саха хомсомуолун 100 сыла, саха судаарыстыбаннай хаһыатын 100 сыла! Оттон хомсомуол обкомун бойобуой уоргана – “Эдэр коммунист” ыччат хаһыатын айар үлэһиттэрин туһунан “Эдэргэ” эдэр да этибит…” диэн саҥа кинигэ эмиэ бу соторутааҕыта күн сирин көрдө. Бүгүн мин саҥа кинигэ ааптара – биллиилээх суруналыыс, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо, ыччат хаһыатыгар өр бииргэ үлэлээбит ытыктыыр, күндү кэллиэгэбин Варвара Николаевна УГАРОВАНЫ аҕыйах ыйытыыбар хоруйдууругар көрдөстүм.
— Варвара Николаевна, «Эдэр коммунист» хаһыат сахалыы тыллаах бэчээт сайдыытыгар оруолун Эн хайдах сыаналыыгын?
— “Эдэр коммунист” хаһыат ыччат олоҕор саамай улахан оруолу ылара. Ыччакка аналлаах олох тыын боппуруостара – инники олоҕо, үөрэҕэ, үлэтэ барыта манна тиһиллэрэ. Оскуоланы бүтэрбит оҕо инники дьылҕатын бу хаһыаттан быһааттарара. ЫБСЛКС обкомун уоргана буолан, араас саҥа тэрээһиннэри саҕалааччы, өй угааччы, тэрийээччи эмиэ “Эдэр коммунист” этэ. Онон, хаһыат өрөспүүбүлүкэ хас да көлүөнэ ыччатыгар суолдьут сулус буолбута эбээт. Бэчээт сайдыытыгар хаһыат, мин санаабар, мүччүрүйбэт тирэх буолбута. Ону биир эрэ чахчы туоһулуур эбээт. Ыччат хаһыатыгар “Эдэр коммунистка” үлэлээн тириппит-хоруппут хаһыатчыттар өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ киэн туттар чулуу суруналыыстара, суруйааччылара буола үүнэн, сайдан тахсыбыттара: Савва Тарасов, Семен Руфов, Николай Босиков, Айталын, Сүгэһэрдээх, Анастасия Сыромятникова, Наталья Харлампьева, Сэмэн Тумат, Егор Неймохов, Вениамин Миронов, Георгий Борисов, Варвара Потапова, уонна да атыттар.
— Сахалыы тыллаах кумааҕы хаһыат инникитэ уустугурбутун бары билэбит. Тугу гыныахха сөбүй?
— 46 сыл устата ыччат уонна оҕо бэчээтин туһа диэн үлэлээбит киһини хаһыат инники дьылҕата хайдах да долгуппат буолуон сатаммат. Эн биһиги үлэлиир кэммитигэр “Эдэр коммунист” отуттан тахса тыһыынчаҕа тиийэ ааҕааччылаах этэ буолбаат?! Оттон кылаабынай эрэдээктэри солбуйааччынан ананан үйэ чиэппэрэ үлэлээбит “Кэскилим” (“Бэлэм буол”) сүүрбэ биэс тыһыынчаттан тахса сурутааччыланара. Ол “Кэскилбит” бүгүн “Чуораанчыгыныын” холбоон, үс тыһыынча эрэ сурутааччылаах.
Сахалыы оҕо бэчээтин үгүс уопуттаах, кыахтаах үлэһиттэрин, сааһыраары гынныгыт диэн ааттаан, дэлби сарбыйталаатылар. Ону сөп диэбэппин. Бээ, оҕолоруҥ — оҕолуу тылынан, киниэхэ тиийэр гына суруйдаххына эрэ ылынан ааҕар, сэҥээрэр ураты дьоннор эбээт. Хомойуох иһин, ол учуоттаммат, кими да улаханнык долгуппат буолла. Электроннай барыйааҥҥа көһөрөн оҕолору аахтарыах буолаллар. Оҕолор ону ааҕыахтара дии санаабаппын. Хата, күнү быһа аралдьыйар сэптэрэ бу эрэ буолла, уруок ааҕыыта умнулла быһыытыйда, оннооҕор таһырдьаны да өҥөйөллөрө аҕыйаата. Ютубтаһан, батсааптаһан сахалыы саҥарыахтааҕар, тылларын да билэллэрэ уустугурда. Мин быйыл сайын дойдубар тиийдим. Дьонум таһынааҕы ыалларыгар оҕо бөҕөтө мустубут – кыра дьон, күлүү-үөрүү, ньуу-ньаа бөҕөтө. Арай, өйдөөн-дьүүллээн истибитим баара, бары нууччалыы саҥараллар. Дьиктиргээммин, кэккэлэһэ олбуорга куорат оҕолоро кэлбиттэр дуо диэн, дьоммуттан ыйытааччы буоллум. Онуоха: “Эчикийэ суох, бэйэлэрин оҕолоро дии. Төлөпүөн үөрэтэн, оҕолорбут сахалыы да саҥарбат буолан эрэллэр”, — диэтилэр. Дьэ, итинник…
Киһи туохтан да тутуллубакка, санаатын хаһыакка эрэ сайа этэр. Оннук суруллубут суоруллубат, үйэттэн үйэҕэ тиийэр эбээт.
— Бэчээккэ үлэҥ умнуллубат сылларын чаҕылхай түгэннэриттэн санаан ылыах эрэ…
— Хаһыаччыты ааҕааччы сэҥээриитэ үөрдэр, санаатын көтөҕөр, инникигэ кынаттыыр. “Эдэргэ” үксүн үөрэнээччи ыччат отделын салайбытым. Онон, суруйар дьонум устудьуоннар, үөрэнээччилэр этэ буоллаҕа. Хаһыат ордук оҕо иитиитигэр улахан болҕомтону уурара. “Төрөппүт кулууба” диэн рубриканы аспыппыт. Оччолорго психологическай наука кандидата Анастасия Оконешниковалыын “Ким буруйдааҕый?” диэн ыстатыйанан саҕалаабыппыт. Онно иккиэйэҕин эрэ, үксүн үлэ кэнниттэн, куорат устун “аһыыр-сиир” ыалларынан сылдьан, хаһыаттан хаһыакка салҕанар ыстатыйалары оҕо иитиитигэр анаабыппыт. Онон, хаһыаппыт оҕону иитии боппуруоһун, өрөспүүбүлүкэни бүтүннүү хабан, киэҥ дьүүлгэ таһаарбыта. Ити, иккиэйэҕин эрэ сырыыбытын, Анастасия биһикки оччолорго эдэр буолан, хорсуннаабыт эбиппит диэн, билигин салла саныыбын.
Урут хаһыат туруорсуута чахчы “ыйааһыннааҕа”. Командировкаларга сылдьан, сыыһаны-халтыны, кыаллыбаты көрөн суруйууга, хайаан да хаһыакка эппиэт кэлэрэ. “Сэттэ сиринэн сиэлэн” диэн Күөрэлээх (Горнай), “Тирээбиллээх оскуола” Чычымах (Таатта) уо.д.а. суруйууларым хаһыат туруорсуутунан, ити дойдуларга оскуола тутулларыгар тирэх буолбуттара.
—Бүгүҥҥү суруналыыстыка туһунан туох санаалар баалларый?
— Суруналыыстыка олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсарынан сыаналаатахха, бу ааспыт сыл, хамсыгынан сибээстээн, барыы-кэлии харгыстаннаҕа дии. Урукку курдук улуустарынан кэрийэ сылдьан, олоҕу-дьаһаҕы кытта тэҥҥэ хардыылаан, ааҕаччылары кытта сирэй көрсөн, атах тэпсэн олорон кэпсэтии мөлтөөтөҕө диэн сабаҕалыыбын.
Аныгы үйэҕэ, мин саныахпар, хаһыаттар рекламаттан улахан тутулуктанар буоллулар. Тоҕо диэтэххэ, реклама эмиэ электроннайга, интэриниэккэ көһөн эрэр. Оччотугар бүддьүөттэн үбүлэммэт хаһыаттар, сурунааллар хантан харчыланыахтарай, оччоҕо эмиэ тохтуурга күһэллиэхтэрин сөп. Өссө почта өҥөтүн сыаната үрдүүрэ, кумааҕы сыаната күн-түүн улаатара, о.д.а. моһуок элбээтэ. Роскомнадзор биллэрэринэн, бу кэнники 10 сылга Арассыыйа үрдүнэн бэчээт уорганнарын 40 %-на сабыллыбыт. Ол аата онтон сиэттэрэн, айар тутар төһөлөөх элбэх киһи үлэтэ суох хааларый?! Бүгүҥҥү суруналыыстыка улахан моһуога, уратыта ити диибин.
— Эйигин бу кэмҥэ өссө туох долгутар?
— Үйэм тухары ыччат, оҕо хаһыатын туһа диэн үлэлээбит киһи долгуйарым элбэх. Ордук, сахалыы оҕо бэчээтэ эстэр дьылҕаланан эрэр диэн дьиксинэбин. Саха сирин суруналыыстара үксүлэрэ бу хаһыаттары ааҕан, онтон бэйэлэрэ суруйарга холонуулара эмиэ оҕо хаһыатыттан саҕаланара. Ол аата билиҥҥи суруналыыстар баһыйар аҥардара бу хаһыаттартан силис-мутук тардыһан, үүнэн, силигилээн тахсыбыттара эбээт. Билиҥҥи суруналыыстартан сураһыҥ эрэ, үксүлэрэ оҕо хаһыатыгар суруйан саҕалаабыппыт диэхтэрэ. Ити биирэ. Аны оҕолорбут сахалыы билбэттэр диэн аймаммыппыт ыраатта. Хаһыат төрөөбүт төрүт тылы сайыннарарга эҥин араас тургутуһууну, күрэхтэһии арааһын, куонкурус бөҕөтүн бу сыллар тухары ыытан кэллэҕэ. Хайдах да буолбутун иһин, оҕо хаһыатын турууластахпытына эрэ сатанабыт. Оҕоттон саҕаланар эбээт, төрөөбүт төрүт тылбыт төлкөтө, дьылҕата, инники кэскилэ.
Мин ыра санаам — хаһыаттарбыт, сурунаалларбыт симэлийбэккэ, олох хаамыытын үйэлэргэ тиһэр аналларын төлө туппакка, толоро турдаллар, диэн.
— Санааҕын аһаҕастык үллэстибитиҥ иһин, Варвара Николаевна, махтал!
Суруналыыс дьиэ кэргэнэ
Угаровтар 54-с сылын иллээхтик-эйэлээхтик олороллор. Үс оҕо, биэс сиэн, хос сиэн — дьоллоох ыал кэрэһитэ буоланнар, күннэтэ үөрүүлэрин үксэтэллэр. Ыал аҕата, эһээтэ Иннокентий Спиридонович Угаров ССРС НА СС бочуоттаах бэтэрээнэ, Арассыыйа естествознаниеҕа академиятын наукаҕа уонна үөрэҕириигэ үтүөлээх үлэһитэ, наука уонна техника үтүөлээх деятелэ, Хотугу форум академиятын академига, Арассыыйа естествознаниеҕа академиятын бочуоттаах дуоктара, профессора, доцент, география наукатын кандидата, бочуоттаах бэтэрээн, өрөспүүбүлүкэ Ытык киһитэ, Үөһээ-Бүлүү улууһун Сургуулук нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Кыыстара Ньургуйаана ийэтин суолун батыһан, суруналыыс. Биһиги эйгэҕэ Яна Угарова диэн аатынан биллэр. «Журфикс» глянцевай сурунаал таһаарааччыта уонна кылаабынай эрэдээктэрэ. Ону таһынан ырыаһыт, ырыа айааччы. Бүтүн Арассыыйатааҕы романсиада лауреата, хаста да сольнай кэнсиэртээбитэ. Уопсастыбанньык. Госдума дьокутаата В.Н. Басыгысов уопсастыбаннай көмөлөһөөччүтүнэн, Ил Дархан Е.А. Борисов итэҕэллээх киһитинэн үлэлээбитэ. Билигин Дьокуускай куорат Ис дьыалатын уопсастыбаннай сүбэтин бэрэссэдээтэлэ. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Улахан уол Спиридон Полярнай авиалинияҕа авиаинженер-диагностигынан үлэлиир. Сөмөлүөт макеттарын оҥоруунан үлүһүйэр. Үс сөмөлүөтүн макета аэровокзал саалатын киэргэтэр. В.И. Кузьмин бириэмийэтин лауреата, авиация бэтэрээнэ. Олоҕун аргыһа Лена Иннокентьевна 31-с оскуола начаалынай кылааһын учуутала.
Кыра уол Николай инженер-компьютерщик, ООО «Саха Свет Сервис» дириэктэрин солбуйааччытынан үлэлиир. Кэргэнэ Валерия Юрьевна куораттааҕы мировой судьуйа көмөлөһөөччүтэ.
Варвара Николаевна суруналыыстар династияларын төрүттээччи буолар. Яна кыыһа Апполлинария “Синет” компания уопсастыбаны кытта сибээһигэр үлэлээбитэ, ону таһынан “Журфикс” сурунаалга копьютернай дизайнер уонна режиссер. Кини дьиэ кэргэҥҥэ үһүс көлүөнэ суруналыыс. Кэргэнэ Андрей Дегтяревтыын Серафим диэн хос сиэни бэлэхтээбиттэрэ.
Спиридон кыыһа Анастасия устудьуон, институт профкомун бэрэссэдээтэлэ. Уола Иннокентий ХI кылааска үөрэнэр. Николай кыыһа Варвара Х кылаас, уола Демид 4-с кылаас үөрэнээччилэрэ.
Татьяна МАРКОВА.