Варвара Потапова төрөөбүтэ 75 сылыгар

13.05.2021
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Күөх Ньурба бэйэтин талааннаах кыыһын сырдык аатын ахтан-санаан ааһар…

Бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, биир дойдулаахпыт, саха бастакы поэтессата Варвара Потапова  төрөөбүтэ 75 сыла бэлиэтэнэр. Саха дьахталларыттан бастакы чуор куоластаах поэт Варвара Потапова бу орто дойдуга төһө да кылгас уонна уустук олоҕу олорон аастар, бэйэтэ эппитинии, “кэлэр кэмнэргэ кэриэс кэһии, үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыс” буолар ураты уонна бэлиэ суолу хаалларан барбыта.

edersaas.ru


Варвара Николаевна бэйэтин биир хоһоонугар суруйбутунуу, кыргыс дуораана сүтүүтэ, 1946 сыллаахха ыам ыйын 13 күнүгэр Ньурба Сүлэтигэр Үҥкүүлүүр диэн кэрэ ааттаах алааска төрөөбүтэ. Төрөппүт ийэтэ Елена Егоровна дьиэтин көрөн, оҕолорун иитэн олорбута. Эрдэттэн ыарыһах буолан, кылгас үйэлэммит, онон Варвара баара-суоҕа 6 саастааҕар тулаайах хаалбыта. Аҕата Николай Николаевич байанайдаах булчут эбит.
Варя эдэр эрдэҕиттэн хоһоонньут талааннааҕа биллибитэ. Ол талаана Саха судаарыстыбаннай университетын саха салаатыгар үөрэнэр сылларыгар ордук чаҕылыйбыта. Кини 70-с сылларга аан-бастаан лиирик-поэт быһыытынан киирбитэ. Варвара Потапова оччотооҕу уустук үйэ ыччата буолан уонна бэйэтин кэмин сүрэҕин ортотунан аһарбыт буолан, санаа оонньооһуннаах, дириҥ иэйиилээх лиирикэни арыйбыта. Саха дьахтарын ис дууһатын, иэйиитин, тапталын поэзия нөҥүө аһаҕастык этэн көрдөрбүтэ, хомуһуннаах тылын-өһүн иһитиннэрбитэ. Оччолорго бу барыта сонун уонна ураты этэ. 1972 сыллаахха Варвара Потапова  “Күннээх халлаан” диэн бастакы хомуурунньуга тахсыбытынан эдэр кыыс олус үөрэн дуолгуйан
«Билбэт уолан киһим,
                             Көрсө түһээт, мичээрдиир,
                           “ Күннээх халлаан” иһин
                   Сибэккини бэлэхтиир... – диэн суруйбута

1989 сыллаахха философия наукатын хандьыдаата Борис Попов “Үчүгэйиэн бу сиргэ” диэн поэтесса кинигэтин таһаартарбыта. Кинигэ аата даҕаны кэрэҕэ угуйар, поэт дууһата ырааһын, санаата сырдыгын, олоххо улахан тапталын туоһулуур, дьоҕус эрээри, дириҥ ис хоһоонноох хомуурунньук.
«Мин тыыннаах киһибин,
Дьоннор, миигин таптааҥ», – .диэбиттээх
Бүгүн, кырдьык, саха дьахталларыттан бастакы поэт Варвара Потапова тыыннаах киһи курдук биһиги аттыбытыгар баар. Кини үйэлээх поэзията үгүс дьону долгутар, умсугутар, дьон таптала, сүгүрүйүүтэ сыллар аасталлар да, уҕараабат. Күн бүгүн кини хоһоонноро үгүс саҥа суруйан эрэр эдэр кыргыттары, хоһоон куттаах далбар хотуттары абылыыр, айар үлэҕэ кынаттыыр. Кини  тэлбит ыллыгынан саха норуодунай суруйааччыта Наталья Харлампьева, Наталья Михалева-Сайа, Амма сирин биллэр поэта Саргылана Гольдерова-Саргы Куо уо.д.а аартыктара аһыллан, билигин дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэнэр улахан поэт буоллулар.
СӨ  Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйэтэ эмиэ ураты куоластаах биир дойдулаахпыт Галина Томская-Айыына Варвара Потапова айар үлэтин туһунан “Миигин поэт гыммыт Киһи” диэн туран, саҥаттан саҥа, аахпыт эрэ киһи сэргиэх, долгуйуох ыстатыйаларын таһаарар. Ньурба биир талааннаах суруналыыһа Фекла Гурьевна Петрова уһун сылларга поэтесса сырдык аатын үйэтитэн, элбэх матырыйааллары уонунан сылларга хомуйан, ааҕааччыга тиэрдибитэ. Сыл ахсын Ньурба сирин айар талааннахтарын түмэр “Ньурба уоттара” түмсүү ыам ыйын 13 күнүгэр поэт олорбут мусуой-уһаайбатыгар тахсан сэргэхситэн, поэт кыыстарын үрдүк аатыгар сүгүрүйэн мустан ааһаллар.


Варвара Потапова  айбыт айымньыларынан, Сахабыт сиригэр тыйаатыр араас туруоруулара үгүс дьон сэҥээриитин ылаллар. Санатар буоллахха, 2006 сыллаахха ыам ыйыгар поэт Варвара Потапова 60 сааһын бүтүн оройуон, уопсастыбаннас киэҥник бэлиэтээбитэ. Ыраах Убайааҥҥа Варвара Потапова мусуой-уһаайбатыгар олохтоох маастар Василий Петров оҥорбут мемориальнай дуоската ыйаммыта. Ньурбатааҕы дыраама тыйаатыра режиссер Юрий Макаров “Мин кистэлэҥим” испэктээкилин туруорбута. Бу тэрээһиҥҥэ күндү ыалдьыт буолан кэлбит, СӨ норуодунай артыыһа Зоя Багынанова хомуйан оҥорбут “Мин сырдык санньыарым”, суруналыыс Фекла Петрова бэлэмнээбит “Кэлэр кэмнэргэ кэриэһим” кинигэлэр сүрэхтэниилэрэ үрдүк таһымҥа барбыта. Түмүк киэһэҕэ поэт хоһооннорун биллиилээх артыыска Зоя  Багынанова моноспектакль туруоран. иэйиилээхтик ааҕан көрөөччүгэ тиэрдэн, уйан дууһаларын туппута. Кини ааҕыытыгар Варвара поэзията кэрэхсэбиллээх сэһэн буолан кутуллубута. Уопсайынан Зоя Петровна поэтесса  Варвара Потапова аатын үйэтитиигэ киһи хараҕар биллэр-көстөр үтүө суолу хаалларда, онон биһиги, ньурбалар, махталбыт муҥура суох.
Биир дойдулаахпыт, саха дьахталларыттан бастакынан поэзияҕа суолу арыйбыт Варвара Потапова аата. аныгы кыыс, дьахтар ис дууһатын кистэлэҥин соһута иһитиннэрбит бастыҥ хоһоонньут быһыытынан саха поэзиятыгар үйэлэргэ хаалыаҕа.

Үчүгэйиэн, бу Сиргэ
Үөрэ-көтө сылдьар
Үгүс дьоннуун сэргэ
Олох дьолун сырсар!» 

Варвара Потапова   бу олоххо ыҥырыы кэриэтэ тыллардаах хоһоону суруйбута күн бүгүҥҥэ диэри араас көлүөнэ дьоҥҥо уостан түспэт бэргэн этии буола сылдьар.
Кырдьыга даҕаны, бу сиргэ үөрэ-көтө, үлэ-үөрэх аргыстаах олох үөһүгэр сылдьарбыт хайдахтаах күндүтүн билиҥҥи олохпутугар буола турар хамсык кэмэ өссө төгүл чуолкайдаан көрдөрдө.

«Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан Мария НИКОЛАЕВА, Ньурба

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0