Варвара Потапова: «Мин үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыспын»

13.05.2022
Бөлөххө киир:

2021 сыллаахха ХИФУ бэрэпиэссэрдэрэ Евдокия Михайловна Поликарпова уонна Варвара Борисовна Окорокова бырайыактарынан уонна эрэдээксийэлэринэн саха бастакы поэтессата Варвара Потапова туһунан икки кинигэ күн сирин көрөн, ааҕааччылар улахан сэҥээриилэрин уонна махталларын ылбыттара.

«Варвара Потапова. Мин үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыспын» кинигэҕэ Варвара Потапова саха ааҕааччытын долгутар хоһоонноро, нууччалыы тылбаастара уонна нууччалыыттан сахалыыга бэйэтин тылбаастара киирбиттэрэ. Ону сэргэ, кини таайтарыылаах поэзиятын чинчийэр араас сылларга суруллубут ыстатыйалар бэчээттэммиттэрэ.
«Варвара Потапова. Мин кэлэр үйэлэргэ кэриэс киһибин…» иккис кинигэҕэ поэтесса төрөөбүтэ 75 сылыгар саха биллиилээх суруйааччыларын уонна аныгы дьахтар бэйиэттэр киниэхэ анаабыт хоһооннорун ааҕааччыларга билиһиннэрбиттэрэ,  Варвара туһунан ахтыылар, санаалар кинигэ ис хоһоонун ситэрэн-хоторон биэрбиттэрэ.
Бүгүн, уран тыл ууһун баһылаабыт, үөһэттэн айдарыылаах Варвара Потапова төрөөбүт күнүгэр  кини биир дойдулааҕа. бэйиэт  Галина Томская-Айыына 2006 с. суруйбут ыстатыйатын билиһиннэрэбит.

Поэт дууһата

«Варвара Потапова төрөөбүтэ 60 сылын бэлиэтээтибит. 60 сааһа туолбутунан диир кыах баара эбитэ буоллар…
Варя хоһооннорун сценаттан маастардар ааҕаннар, утуйар уум көттө, уйулҕам хамсаата. Миигин поэт гыммыт киһи хоһооннорун бэйэбэр эмиэ саҥалыы арыйдым.
«Мин тыыннаах киһибин,
Дьонноор, миигин таптааҥ!
Өлө иликпинэ алҕааҥ,
Өллөхпүнэ өрүкүтүмэҥ!»
диэбитэ эбээт кини. Ол эрэн «отчут-масчыт дьоно» кинини хойутаабыт билинии үтүө тылларынан ахталларын буруйдаабатыгар эрэллээхпин.
Кини тыыннааҕар билиниини кэтэспитэ. Ханнык баҕарар дьиҥ талааннаах, ураты толкуйдаах киһи, төһө да сэмэйин иһин, дьоҕурдааҕын син билинэр. Варя кини бэйэтин курдук уоскулаҥы билбэт, олоххо тус бэйэ дьонун сырсыбат дьон баалларын билэр этэ. Ол аата кини «ураты киһи» эбитин билинэрэ. Дэлэҕэ даҕаны бэйэтин улуу ойууттары кытта тэҥҥэ тутуо дуо? Эдэркээн Варя орто дойдуттан арахсыбытын кэннэ кинини өйдүөхтэрин, өйүөхтэрин билэрэ. Ол өйөбүл, бастатан туран, моральнай өйөбүл, киниэхэ тыыннааҕар салгын кэриэтэ наада этэ. Саха народнай поэта Савва Тарасов сэбиэскэй былаас кинини туораппатаҕа диэн сөпкө этэр. Варвара Потапованы, дьиҥ талааннаах киһини, өйүүр, бэйэлэрин санааларыгар өйдүүр талааннаах үтүө сүрэхтээх дьон ол да кэмҥэ бааллара… Ол эрэн Варя туһугар ол барыта атын этэ. Аһынар диэни ахсарбат поэт кыыска биирдэ эмиэ суолугар кинини өйдүүр, үтүө баҕатын итэҕэйэр киһини көрсүһүннэрэн, кэлэр кэскили ыралаан, ирэ-хоро сэһэргэһиннэрдэҕэ:
«Үчүгэйиэн бу сиргэ
Үөрэ-көтө сылдьар,
Үгүс дьоннуун сэргэ
Олох дьолун сырсар…»
— диэн киһиэхэ тыын киллэрэр, эрэли үөскэтэр кытаанах тыллар киниттэн төрүүллэр. Билигин кинини өйдүүр, «үтүө санааларын» өйүүр дьоно-сэргэтэ сыл ахсын элбээн иһэр.
Варя барахсан Поэт буолан бэйэтин кэмин куоһаран испитэ. Ону бэйэтэ да өйдөөбөтө уонна ону ол саҕана атын ким даҕаны, аһаҕастык билинэр курдук, өйдөөбөккө хаалбыта…
Кинини хаартыскаларга эрэ көрөбүн… Ол көрдөхпүнэ, кини «ураты киһи буоларын, уустук олоҕу олорорун» бэлиэтэ дьүһүнүгэр баар, харахтарыгар көстөр. Кини төһө да үөрэн-көтөн мичилийэн турдар, кырдьыксыт харахтарыгар санааны уонна санньыар күлүгүн сатаан саһыарбат. Дьиҥнээх Поэт, Варя, тулатыгар буолар араас түбэлтэни, бары түгэннэрин, дьол тосхойон ааһарын, хомолто хаарыйарын көннөрү киһитээҕэр 10-100 төгүл күүскэ ылынара. Онтон олус эрэйдэнэрэ, дууһата ыалдьара:

«Ким итэҕэйиэй…
Алҕаспын, алдьархайбын умнубаккабын
Арылы күннэрбин атаҕастыыр абаккабын!..»

Кини «өрүү соҕотох буолара чараас, ыраас дууһатыгар буурҕа ытыллар түүнүгэр. Төһөлөөх муҥтан «Абырааҥ тыыннаахпына!» диэн тыллар төлө көтөн тахсыбыттара буолуой? «Хаста-хаста бэйэтин хараҕын баанан» баар олоҕу кытары эйэлэһэ сатаабытай:

«Ыйытымаҥ…
Сөпсүү көрбүппэр бука барыгытыгар
Сүгүрүйэ сатаабыт айыылаахпар
Ханнык да сэмэни тоҕо ылыммаппын!»

«Суоҕу баар дии саныырын» кэриэтэ, баар олоҕу баарынааҕар тупсара көрөн, дьиҥи кытта иллэһэ сатыыра. Ону кини поэт дууһата ылыммакка эрэйдиирэ.
Саха поэзиятын байҕалыгар мин сүгүрүйэр поэттарым Алампа уонна Варя майгыннаһар дьылҕалаахтар. Кинилэр кылгас олохторугар кинилэри дьиҥ таптыыр киһини, хомойуох иһин, көрсүбэтэхтэрэ. Оттон ким баҕарар таптыан уонна таптатыан баҕарар. Ол иһин киһи -– киһи буолар…
Алампа уонна Варвара Потапова поэзиялара -– Улуу Кырдьык Поэзията. Бу Поэттар олох үтүөтүн эрэ туойбатахтара, олох кырдьыгын эмиэ тумнубатахтара. Албын ыраны кинилэр этигэн сүрэхтэрэ, Поэт дууһалара ылыммата. Ол иһин кинилэр айымньыларыгар «санаа түһүүлээх» диэн дьаралык ыйаммыта. Кинилэр «толук буолбуттара дьол ситэрин туһугар», ол биһиги өйбүт-санаабыт аһылларын, дууһабыт уһуктарын туһугар киһиэхэ бэриллэр саамай күндүнү -– олохторун анаабыттара. Дьон-сэргэ сайдыы үрдүк кирилиэһин дабайан өрө тахсар күннэригэр бу икки Поэт дьолломмуттарын билиниэхтэрэ уонна «мичийэн ылыахтара» диэн уоскутуна саныыбын.
Аар Айылҕа маанылаах далбар олохтон көҥөөн, поэт уйан, уран дууһатын уган ыытар оҕолордоох эбит. Бу оҕолоругар кини поэт буолбатах киһиэхэ анаммат дьоҕуру, уустук олоҕу биэрэн холоон көрөр. Улахан үөрэхтээхтэр, искусство деятеллэрэ Варяны удаҕаҥҥа тэҥнииллэр. Ону кини хоһооннорун таһынан, бу күннэргэ ыытыллыбыт поэзия түһүлгэтигэр чугас аймахтара: «Варя эмтиир этэ, буолуохтааҕы курдары сэрэйэрэ», -– диэн бигэргэттилэр…


Дьон кинини түһэн биэрбиттэрин да иһин Варя кинилэри син биир таптыыра, кинини өйдөөбөт, сэмэлиир, оннооҕор баһааҕырдар да дьону таптыыра. Ол иһин кинилэр эттэрэ бүтэйиттэн, өйдөрө-санаалара сабыылааҕыттьан санааргыыра. Кинилэр сүрэхтэригэр тиийэ сатаан хас «ыйдаҥа түүнү» бараабыта биллибэт… Ол иһин кини Поэт буоллаҕа.
Варя аньыылаах-харалаах бу орто дойдуттан эрдэ барыаҕын сэрэйэрэ хоһоонноругар көстөр. Кини, удаҕан тэҥэ, уонунан сыллары курдаттыы хоһоонноро уһун тыыннаныахтарын, үтүө аата тиллиэҕин уонна «хараҕар субу баардыы» онно барытыгар олук ууруохтаах «үрүҥ санаа курдук… дьахтары» өтө көрбүтэ. Ол дьахтар тойугар кини истибитэ «киэҥ холку халлаан муудараһын… күн сирин көрбүт эрэ дьолго аналлааҕын», атыннык эттэххэ, бэйэтин хоһооннорун куолаһын. Эмиэ да «Ол ырыа тылларын өйдөөбөппүн» диир. Ол -– бэйэтин айылла илик хоһоонноро уоскуйбат дууһатын түгэҕэр эмиэ да баар, эмиэ да суох курдук иһийэн, иитиллэ сыталларын: «Мин баҕарабын ол минньигэс ырыанан ыалдьыахпын», -– диир ону сэмээр сэрэйэр Поэт кыыс. Сороҕор хоһоон, тапталлаах оҕоҥ кэриэтэ, ыарыылаахтык төрүүр уонна уон оччонон дьоллуур. Варя Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыскатын Зоя Багынанованы чопчу да ааттаабатар, «Ол дьахтар -– мин умсугуйар улуу доҕорум», -– диир. Зоя Петровна Варвара Потапова хоһооннорун дьон-сэргэ иннигэр аан бастакынан ааҕыаҕыттан ыла мин ити хоһоону кинини кытары ситимниибин. Барҕа махтал Эйиэхэ, Зоя Петровна, саха чулуу Поэтын «умсугуйар улуу доҕоро»!
Театрга уонна «Кыталыкка» Варя хоһооннорун дьон тыыммакка да олорон истибиттэриттэн мин олус долгуйдум, үөрдүм. Ити аата Варя бары тууйуллуута, муунтуйуута, иэйиитэ, үөрүүтэ «сырдык санньыар» буолан «сылытта дьон дууһатын»! Кини хоһоонноругар «тапталы дьон көрдөҕө», ол аата Варябыт барахсан баҕарбыт баҕата туолан эрдэҕэ! Махтал буоллун, эһиэхэ, поэзияны таптыыр бар дьонум! «Үчүгэйиэн бу сиргэ үөрэ-көтө сылдьар» диэн саҥа аллайа, дьоллоох олохтонуҥ!»

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0