ВАЛЕРИЙ ШАДРИН: “МИН ЭЛБЭҔИ БИЛЭБИН…”

Ааптар: 
22.05.2022
Бөлөххө киир:

Композитор, продюсер, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Валерий ШАДРИНЫ бэйэтин эйгэтигэр – култуураҕа, ускуустубаҕа билбэт, кини аатын истибэтэх киһи, арааһа, аҕыйах да буолуо. Бэйэтин кэмигэр Сахабыт сирин ускуустубатын, култууратын сайдыытыгар, ордук, артыыстарбыт тас дойдулар киэҥ сыаналарыгар тахсан, талааннарын, маастарыстыбаларын билиһиннэрэллэрин, кыахтарын көрдөрөллөрүн, өрөспүүбүлүкэбитин ааттаталларын туһугар отучча сыл тухары үгүһү оҥорбут киһи буоллаҕа…

Бүгүн Валерий Филиппович – биһиги хаһыаппыт ыалдьыта. Этэргэ дылы, “ону-маны уустугурда барбакка”, кэпсэтиибитин кини оҕо сааһыттан саҕалыаҕыҥ.

“АППА УҤУОР” ТӨРӨӨБҮТ УОЛ – СОЧИГА

– Мин 1960 сыллаахха алтынньы 27 күнүгэр Дьокуускайга, оччолорго “Аппа уҥуор” баар роддомҥа күн сирин көрбүппүн. Ол, бэйэтин кэмигэр, аатырбыт роддом эбит этэ, мээнэ киһи төрөөбөт. Пианистка Лариса Донская ийэтэ түөтэ Феня кэпсэтэн, ийэбин онно ылбыттар. Дьиктитэ баар, аны онно миигин аатырбыт балет артыыһа Геннадий Баишев кэргэнэ, балерина Валерия Захарова ийэтэ акушеркалаан, төрөппүт… Дьэ, ити курдук, төрүөхпүттэн, айыллыахпыттан да диэххэ дуу – култуура, ускуустуба дьоно араҥаччылаабыт киһилэрэ буолабын, – диэн кэпсээнин саҕалыыр Валерий Шадрин.
Кини төрөппүттэрэ эдэркээн устудьуон саастарыгар аан бастаан биир дойдулаахтар түмсүүлэригэр көрсүспүттэр, бэ­­йэ-бэйэлэрин сөбүлүү көрсөн, 3 сыл кэриҥэ доҕордоһон, билсэн баран, таптаһар сүрэхтэр холбоһон, ыал буолбуттар. Ийэтэ Мария Касьяновна Никифорова Ньурбаттан төрүттээх, Улан-Удэ куоракка Сельхозинститукка ветврач идэтигэр үөрэнэ сылдьара, оттон аҕата, хоту Эдьигээн Кыстатыамыттан төрүттээх Филипп Егорович Шадрин – ол кэмнэргэ Читатааҕы Мэдиссиинискэй институт устудьуона эбит. Валералара 3 ыйдааҕар эдэр ыал аҕатын Сочи куоракка кардиологияҕа-аспирантураҕа үөрэххэ ыыппыттар. Онон, 3 төгүрүк сыл Сочига олороннор, Валера кыракый оҕо эрдэҕинээҕи хаартыскалара барыта – Сочига, муора кытылыгар, саадка…

ПАХМУТОВАНЫ ТУГУНАН ДЬОЛЛООБУТАЙ?

Төп-төгүрүк, “пыш” курдук иэдэс­тэрдээх, куруутун эйэ­ҕэстик үөрэн мичилийэ сылдьар оҕо ийэтиниин кырылас кумахтаах кытыл устун күүлэйдии сылдьарын көрбүт эрэ барыта олус сэҥээрэрэ, сөбүлүүрэ. Урут, чахчы да, дьон эмоциятын кистээбэт этэ… Аны Валера биир сиргэ турбат үһү: муусуканы истиэх эрэ кэрэх – тута ыстаҥалаан, үҥкүүлээн хоппороҥ­ноон барара, дииллэр эбит дьоно. Ол аата быы­каайыгыттан муусука куттаах эбит. Биллэн турар, Сочига, дьон сынньанар куруортарыгар араадьы­йанан сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри араас кэрэ муусука, Утесов, Шульженко, Магомаев – бары аатырбыт артыыстар ырыалара кутуллара.
Оттон “Летняй саадка”, аһаҕас халлаан анныгар “Күөх ты­­йаатырга” күн аайы кэриэтэ кэнсиэр буолар эбит. Араас бил­­лиилээх дьон кэлэллэрэ. Ол курдук, арай биирдэ композитор Александра Пахмутова айар көрсүһүүтүн тэрийбиттэригэр, оҕотун көтөхпүтүнэн Валера ийэтэ эмиэ тиийбит. Фортепианоҕа олус кэрэ муусука, ыллам ырыа, дьону кытта истиҥ сэһэргэһии кэнниттэн Мария Касьяновна махта­наары, эмиэ атыттар курдук, композиторга чугаһаабыт. Соһуйуон иһин, Александра Николаевна уолчааны көрөөт, мичээрдээт, көтөҕөн ылбыт. Дьэ бу түгэҥҥэ биһиги киһибит, ааттаах-суоллаах композитор да буоллун – дьууппатыгар чырылаччы “дьыалайдаан” кэбиспит! Сахалар, “оҕо түһэххэр ииктээтэҕинэ – үчүгэй бэлиэ, дьол тосхойор!” диэччилэр дии. Онон, арааһа, биһиги Валерийбыт Александра Пахмутова дьоллоох айар үлэтин, олоҕун ити курдук алҕаабыт буолуон эмиэ сөп эбит!
Аны ити түгэн салҕааһын­наах буолбут. Арай, 1982 сыллаахха, Валерий Шадрин П.И.Чайковскай аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай консерватория­ҕа 1-кы кууруска (Валерий үөрэххэ 1980 с. киирэн баран, икки сыл аармыйаҕа сулууспа­лаан кэлбитэ) үөрэнэ сырыттаҕына, ССРС норуодунай артыыһа, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, 400-тэн тахса чулуу ырыа ааптара, аатырбыт композитор, пианистка Александра Пахмутованы (кини бу консерватория выпускницата) кытта көрсүһүү буол­бут. Дьоро киэһэ түмүктэниитигэр Александра Николаевна: “Кимиэхэ өссө туох ыйытыы баарый?” диэбитигэр Валерий Шадрин эмискэччи: “Сочига кэнсиэр кэнниттэн Эн дьууппаҕар чырылаппыт кыракый оҕону, баҕар, өйдүүр буолаайаҕын?” – диирин кытта, композитор үөрбүт харахтарынан көрө түспүт уонна кууһан ылан, иэдэһиттэн сыллаан ылбыт. Дьэ, консерватория барыта үөрүү-көтүү бөҕөтө буол­бут. Манна эбэн эттэххэ, Валерий Шадрин аатырбыт консерваторияҕа киирии бары эксээмэннэрин чаҕылхайдык туттарбыт. Дэлэҕэ даҕаны, бастакы кууруска киирбит устудьуоннар Андаҕардарын кининэн аахтарыахтара дуо! Сахалартан итинник бочуокка тиксибит ким эмэ баара буолуо дуо?..
– Мин олохпор итинник Улуу дьону кытта көрсүбүт үгүс түгэннэрдээхпиттэн олус үөрэбин, – диир Валерий Филиппович.

ААТЫРАР “МАЛАЯ ГРУЗИНСКАЯ” УУЛУССАҔА…

Манна Москватааҕы консерватория устудьуоннара олорор уопсай дьиэлэрэ, аны уун утары “Дом кино” бааллара. Этэргэ дылы, хас хардыыҥ аайы – биллиилээх дьон, ускуустуба, култуура сулус­тара! Бу уопсай дьиэ­ҕэ консерватория устудьуоннара, киэн туттар биир дойдулаахтарбыт Анегина Ильина, Матвей Лобанов, пианист Виктор Климин, вокалист Валентина Колодезникова, биллиилээх музыковедтар Галина Алексеева, Аиза Решетникова, өссө эрдэ композитор Грант Григорян, о.д.а. олорбуттара, үөрэммиттэрэ.
Оттон “Киинэ дьиэтин” таһыгар күн аайы кэриэтэ Никита Михалкову, Людмила Гурченконы, Владимир Высоцкайы көрсүөххэ сөп этэ…
– Москваҕа 1980 сыл Олимпийскай сыл этэ. Биһиги, устудьуоннар, араас төрүөтүнэн ыспыраапка булан, ол сайын Москваҕа хаалбыппыт… Мин хоһум 5-с этээскэ баара. Мээнэ онно-манна ыыппаттар этэ. Хата маҕаһыыннарга ас-үөл дэлэйбитэ – халбаһы диэн, арыы, сыр, банан диэн… Абыраммыппыт. Ол эрээри, ити кэмнэргэ биир олус куруту­йуулаах, хомолтолоох күн тирээбитэ – бары таптыыр артыыспыт Владимир Высоцкай суох буол­бута… Бэһис этээскэ, көҥүллэтэн киирэннэр, телесуруналыыстар, оператордар Владимир Высоцкай бохоруонатын чуо­­лаан мин хоһум түннүгүттэн устубуттара. Таһырдьа милииссийэ, КГБ, ЫБММ бөҕөтө быһыылааҕа. Баҕар, туох эрэ “волнение” буолуо диэн сэрэхэчийии баара буолуо. Итинник түгэн эмиэ умнуллубат, – диир композитор.

ДЬОЛЛООХ ДЬОКУУСКАЙГА: “НАМ НУЖЕН ПРОРЫВ!”

1989 сыллаахха Валерий Шадрин консерваториятын ситиһиилээхтик бүтэрэн, төрөөбүт Дьокуускайыгар эргиллэн кэлэн, Опера уонна балет тыйаатырыгар айымньылаах үлэтэ саҕаламмыта.
– Саамай үтүө кэмнэр үүммүттэрэ. Чахчы да, Гавриил Гаврильевич Местников ди­­риэктэрдиир кэмнэрэ – тыйаатыр­бытыгар, саха опернай ускуус­тубатыгар Кыһыл көмүс кэмнэр этилэр! Михаил Ефимович Николаев, Вячеслав Анатольевич Штыров, Евгения Исаевна Михайлова,.. тус бэйэлэринэн тыйаатыры эппиэкэлээбиттэрэ! Егор Афанасьевич Борисов эмиэ өйөөбүтэ. Арай биирдэ дириэктэр Гавриил Местниковы уонна миигин Михаил Ефимович ыҥыр­таран ылла уонна кэпсэтэ олорон: “Хайдах гынан, лау­реаттары иитэн таһаарабытый…” – диэтэ. Онуоха мин хоруйдаатым: “Михаил Ефимович, нам нужен прорыв!”

– Харса суох тоҕо анньан тахсыахха наада, диибин, – Валерий Филиппович барытын бэҕэһээ курдук санаан кэллэ быһыы­лаах… Оттон Михаил Ефимовиһы, араа­һа, кини диэки кыл түгэнэ уун-­утары тонолуппакка көрөн ылбыта буолуо дии саныыбын, тоҕо эрэ… Тоҕо диэтэххэ, сонно, тугу эрэ толкуйдуу түһээт, “Кимнээҕий?” – дии түспүт этэ.

Оччолорго, 90-с сыллар саҕаланыыларыгар, национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ, тыйаатырдарга, Норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар лауреаттара, биллэн турар, бааллара эрээри, аҕыйах этилэр. Биһиэхэ эмиэ.

Дьэ, сити кэпсэтии кэнниттэн, этэргэ дылы, “прорыв” оҥоһуллан, биһиги аатырбыт Иван Степановпыт Арассыыйа бас куоластаах ырыаһыттарын Ф.И.Шаляпин аатынан куонкурустарын I бириэмийэтин лауреата үрдүк ааты, Айталина Адамова П.И.Чайковскай аатынан куонкурус Кыһыл көмүс мэтээлин ылары ситиспиттэрэ дии! Бу сүдү улахан суолталаах, Норуоттар икки ардыларынааҕы кыайыылар этэ. Александр Емельянов, Альбина Борисова, Григорий Петров, Людмила Кузьмина, Анна Дьячковская араас сылларга вокалистар Бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарын лауреаттарынан буолбуттара. Аартык арыллыбыта…

“МАХТАНАР УОННА СҮГҮРҮЙЭР ААТТАРЫМ”

– Эппитим курдук, өрөспүүбүлүкэбит салайааччылара Михаил Ефимович, Вячеслав Штыров уонна Евгения Исаевна, ордук ити сылларга ускуустубаны, култуураны олус өйөөбүттэрэ. Өйдүүбүн ээ, Вячеслав Анатольевич ты­­йаатырга кэллэҕинэ, кэпсэтии быыһыгар кини биһиги “курилкаҕа” тахсан бииргэ табахтыыр этибит. Биир сигаретанан бүппэт этэ – сиэбиттэн саҥаттан саҥаны таһааран иһэрэ…

Араас, саҥа идиэйэлэр киирэл­лэрэ. Холобур, мин дьикти талааннаах эдэр ырыаһыт Людмила Кузьминаҕа кэмигэр көмөлөспүтүм диибин. Билигин кини аан дойдуну биир гына гостуруоллуур, ыҥырыыга сылдьар. Уопсайынан, ол кэмнэргэ култуура бары эйгэтигэр хамсаа­һын тахсыбыта. Биһиги артыыстарбыт Арассыыйа киин куораттарыгар, тас дойдуларга да тиийэн араас куонкурустарга кыттыылара далааһыннаммыта уонна, саамай кылаабынайа, бу барыта үтүө түмүктэрдээх буолан иһэрэ… Дьэ ол иһин, оччотооҕу салалтабытыгар олус махтанабын!

Мин билигин Нина Чигирева туһунан аҕыйах тылы этиэхпин баҕарабын. Өрөспүүбүлүкэбит салалтата өйөөн, биһиги артыыс­тарбыт дойду киин куораттарыгар, тас дойдуларга да стажировкаланан кэлэллэрэ. Холобур, Нина Чигирева уонна мин оччолорго Америкаҕа үөрэнэн кэлбиппит – Роза Понсель пуондатын нөҥүө. Бу пуонда соругунан куонкурус­тары ыытыы уонна эдэр талааннаах ырыаһыттары куонкуруска бэлэмнээһин буолар. Роза Понсель пуондатын мусукаалынай дириэктэрэ Арассыыйаттан төрүттээх маэстро, бастыҥ аккомпаниатор Игорь Чичагов (Иркутскайга төрөөбүт, 1940 с. дьонун кытта Америкаҕа көспүт) этэ. Кинини 1998 сыллаахха П.И.Чайковскай аатынан куонкурус вокальнай салаатын дьүүллүүр сүбэтин чилиэнинэн ылбыттара. Дьэ бу стажировка кэмигэр биһиги Нина Чигиревабыт куолаһын Мария Каллас курдук улуу ырыаһыт куолаһыгар тэҥнээбиттэрэ! Норуот таптыыр ырыаһыта Нина Николаевна Чигирева түөрт төгүл ХНТ кэнсиэртээбитэ. Киниэхэ Аиза Решетникова уонна балтым Наталья аккомпаниатордаабыттара. Эбэн эттэхпинэ, Нина Николаевна ыллаатаҕына, Эдьиий Марыына-Марина Константиновна Попова уонна Матвей Лобанов олус уйадыйаннар, харахтарыттан уу тахсара… Сити курдук. Мин кинилэр ааттарыгар сүгүрүйэбин.

Сөҕөбүн, сүгүрүйэбин Аиза Решетниковаҕа! Кини Чайковскай “Времена года”, 1 №-дээх фортепианнай кэнсиэрин оонньуур! Москватааҕы консерватория иһинэн Киин мусукаалынай оскуоланы, Москватааҕы консерваторияны, Москватааҕы консерватория аспирантуратын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Олоҕо бүтүннүү – муусука! Аиза Петровна Муусука уонна фольклор мусуойун төрүттээтэ. Быыкаайык мас дьиэттэн му­­суой таас дыбарыаска көһөрүн ситистэ! Бу дьиҥнээх хорсун быһыы!

Наталья Посельская сырдык аатыгар сүгүрүйэбин. Кини улуу дьыаланы оҥорон барда. Балет оскуолатын аста. Саха оҕолорун үрдүк үҥкүүгэ уһуйда. Кини миигин: “Слава богу, ты – коммунист!” – диирэ. Кырдьыгы малтаччы этэрим иһин буолуо… Билигин Дария Дмитриева хореографическай кэллиэһи дьоһуннаахтык сала­йан үлэлэтэр. Кэргэнэ Дмитрий Дмитриевтиин олохторо – балет! Чулуу выпускниктар­даахтар. Саха кыргыттара-уолаттара хайдах курдук сайыннылар – ­илиилэрэ-атахтара уһаан, чочуллан, уҥуохтуун-иҥиэхтиин тубустулар. Холобур, мин Юлия Мяринаны, кини хайдах курдук, кута-сүрэ муусуканы кытта букатын бииргэ ыллыырын-үҥкүүлүүрүн хайгыы көрөбүн. Бу мин, аан дойду балетын үгүһү көрбүт киһи этэбин.

Дьэ уонна, уһулуччу­лаах ырыаһыппыт, сахалар бары киэн туттуубут – Анегина Ильина-Дмитриева. Сүгүрүйэр ааппыт. ССРС норуодунай артыыската. Нина Львовна Дорлиак үөрэнээччитэ. Мин бүгүн, норуот бүттүүнэ талбыт Ил Дархана Айсен Николаевка туһаайан, Анегина Егоровна Ильина-Дмитриеваны РФ Үлэ дьоруойугар түһэрэригэр көрдөһөбүн. Култуура, ускуустуба эйгэтиттэн Үлэ дьоруойдара бааллар – Галина Уланова, Майя Плисецкая, Махмуд Эсамбаев, Клавдия Шульженко, Юрий Башмет, уо.д.а. Анегина Егоровна бу үрдүк аакка чахчы дьоһуннаах киһи! Сити курдук.

Эдэр көлүөнэ ырыаһыттартан Прасковья Герасимованы, Григорий Петрову, Александр Емельяновы, Людмила Кузь­минаны бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кинилэр кыахтара улахан. Өрөспүүбүлүкэни аатырдыахтара!

ЧАЙКОВСКАЙЫ ООННЬУОХХА!

Быйыл муус устарга Украина Култууратын министиэрис­тибэтэ Украина артыыстарыгар, П.И.Чайковскай “Лебединое озеро” балетын үҥкүүлүүрү боппут, диэн сурах иһилиннэ.

–Сааҥсыйанан, сорох арҕаа дойдуларга Чайковскай муусукатын оонньууру боптулар дии… Мин санаабар, билигин биһиги Чайковскайы хаһааҥ­ҥытааҕар даҕаны элбэхтик уонна күүскэ оонньуохтаах­пыт. Аиза Решетниковаттан, Виктор Климинтэн ураты, билигин балтым Наталья Шадрина П.И.Чайковскай 3 чаастаах кэн­сиэрин уһулуччулаахтык оонньуур. Наталья Филипповна Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар 35 сыл усталаах-туоратыгар кылаабынай концертмейстерынан үлэлээбитэ. Аат-суол сэмэй – кини СӨ Култууратын туйгуна,.. – Валерий Филиппович кэпсээнин салгыыр.

– Юрий Григоровиһы, ХХ үйэ улуу хореограбын, хайдах тылгытын ылыннаран, Саха сиригэр ыҥыран аҕаллыгыт этэй?

– 90-с сылларга этэ. Аатырбыт Плисецкая өссө баарыгар. Манна диэн эттэхпинэ, Москваҕа Майя Плисецкаяҕа дьиэтигэр сылдьан турардаахпын – Саха сиригэр кэлэ сырыт диэн көрдөһүү бөҕөтүн көрдөспүтүм. Ону сөбү­лэспитэ… да, кинини Большой тыйаатыры кытта ыраах гостуруол­га ыытан кэбиспиттэрэ. Оттон Юрий Григоровиһы ыҥырар идиэ­йэ эрдэттэн баара диэхпин сөп. Элбэхтик сүбэлэспиппит – мин, Маргарита Васильева уонна Гавриил Местников. Бу үтүө дьыалаҕа кылаабынай сала­йааччыбыт – Гавриил Гаврильевич. Өйдүүгүт дии, “Стерх” классическай балет бэстибээлин? Мин онно Арассыыйа биллиилээх театральнай диэйэтэлин, балетовед Наталья Садовскаяны ыҥыран аҕалбытым. Юрий Николаевич төлөпүөнүн нүөмэрин чуо­лаан Наталья Михайловнаттан көрдөһөн ылан баран, аан бас­таан Маргарита Владимировна биһикки Григоровичка төлөпүөннээбиппит… Билсиһиибит онтон саҕаламмыта.

Түмүгүн билэҕит. Саха көрөөччүтүгэр Юрий Григорович аан дойду ускуустубатын ус­­туоруйатыгар киирбит бэйэтин шедеврдэрин туруоран, бэлэхтээбитэ – Чайковскай муусукатыгар “Лебединое озеро” балеты, Хачатурян “Спартак”, Прокофьев “Ромео и Джульетта”… Күн бүгүн тыйаатыр репертуарыгар бааллар.

МИН ДЬОНУМ

– Мин ийэбэр Мария Касья­новнаҕа, аҕабар Филипп Егоровичка, биллэн турар, олус махтана саныыбын. Бырааппар Виталийга, балыспар Натальяҕа эмиэ. Кинилэр мусукаан буолбут дьылҕабар улахан оруоллаахтар. Мин аҕабынан эбээммин ээ. Аҕам Филипп Егорович Шадрин Эдьигээнтэн төрүттээх диэбитим. Үчүгэй быраас этэ. 3 N-дээх спецполиклиника диэн баара дии, онно кылаабынай быраастаабыта, туох баар салалтаны – ССКП обкомун, бырабыыталыстыба чилиэннэрин барыларын эмтээбитэ. Улахан дьон тус быраастара этэ. Онон, биһиги дьиэ кэргэн үйэбит тухары куорат хабыллар хаба ортотугар, Аммосов аатынан уулуссаҕа олорбуппут. Бу билигин мин ыалга кыбыллан олоробун. Кыбартыырабын, балтым кыыһын үөрэттэрээри, атыылаабытым…

КИНИ БАҔА САНААТА

СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, “Сыл бастыҥ продюсера” номинация кыайыылааҕа, композитор Валерий Шадрин, кинини өрөспүүбүлүкэ билиҥҥи салалтатыгар, Култуура министиэ­ристибэтигэр приемҥа ыҥыраллара буоллар, диэн биир баҕа санаалаах:

– Култуураҕа хайдах “прорыв” оҥорору сүбэлиэм этэ. Мин элбэҕи билэбин,.. – диир кини.

“Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр” дииллэрэ дуу. Бэйэтин кэмигэр үлэ-хамнас оройугар сылдьан, биллибит-көстүбүт, аакка-суол­га да тиксэн, ситиһии өрөгө­йүн амтаһыйбыт, култуура, ускуустуба киһитэ, биирдэ эмэтэ баарын биллэриэн, аатын ааттатыан баҕарара ама баа буолуо дуо?! Бука диэн өйдөөҥ, өйөөҥ эрэ, кинини.

Композитор Валерий Шадрин, муусука ааптара, СӨ Үҥкүү тыйаатырыгар туруорбут испэктээктэрэ: 1997 с. «Лолита» (В.В. Набоков), 1999 с. “Саха дьахтарын сэттэ мэтириэтэ» (Өксөкүлээх Өлөксөй), 2003 с. «Каштанка» (А.П. Чехов кэпсээнинэн),  «Сэвэки» (эбээн фольклорунан). Мантан да атын үлэтэ үгүс.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0