Валерий Фальков: “Абитуриеннар докумуоннарын онлайнынан киирэн туттарыахтара”
Коронавируһунан сибээстээн, быйыл абитуриеннар докумуоннарын интэриниэтинэн туттарар кыахтаахтар. Ити туһунан бэҕэһээ РФ наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ миниистирэ Валерий Фальков брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.
Бэҕэһээ дойду наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ миниистирэ Валерий Фальков суруналыыстарга брифинг биэрдэ. Тэрээһин кэмигэр: “Коронавирус төһө уһуон туһунан оннооҕор эспиэртэр санаалара хайдыһар. Оттон сотору, үрдүк үөрэх кыһалара абиртуриеннартан докумуоннарын тутан саҕалыахтара. Кинилэри кытта хайдах эрэ кэпсэтэр ирдэнэр. Электроннай ньыманан өрүү кыаллар буолбатах. Айар (творческай) үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр Арассыыйа бары муннугуттан абитуриеннар бэйэлэринэн кэлэн айар дьоҕурдарын көрдөрөн тургутууну ааһаллар. Докумуону тутар хамыыһыйа, уопсайынан, абитуриеннары кытта үлэ хайдах барыаҕай?”, — диэн суруналыыстар ыйыттылар.
— Бастакытынан, абитуриеннар биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүнэн туттарсар үрдүк үөрэхтэрин көрүөххэ. Мин санаабар, манна улахан уустугу көрсүөхпүт суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, ааспыт сылларга даҕаны докумуону ыраахтан олорон тутар уопуттаахпыт. Итини таһынан, Наука уонна үрдүк үөрэх мнистиэристибэтэ “Поступи в вуз онлайн” саҥа сервиһи пилотнай эрэсиим быһыытынан үлэлэтэн көрө сылдьар. Бу аата тугуй? Докумуоннары судаарыстыбаннай өҥө (Госуслуги) порталын туһанан ыытыахха уонна үөрэххэ киириэххэ сөп. Мин санаабар, бириэмэ өссө баар. Пилотнай эрэсиимҥэ төһө даҕаны 50 үрдүк үөрэх тэрилтэтэ кыттыбытын иһин, үрдүк үөрэххэ туттарсыы судургу уонна быһаччы тутар хамыыһыйаҕа (приемная комиссия) кэлбэккэ докумуону ыытар туһугар бу ньыма хайдах туһанылларын үөрэтэбит.
Иккиһинэн, айар дьоҕуру көрөр уонна эбии тургутуулары үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ от ыйыгар ыытааччылар. Онон балаһыанньаны ыараҥнатан көрөргө уонна сөптөөх быһаарыныыны ылынарга бириэмэ баар. Үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин уонна эсспиэртэри кытта билиҥҥиттэн туһаныллар ньымалары үөрэтэбит, — диэн миниистир Валерий Фальков хоруйдаата.
Людмила ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтин саайтыттан