Валерий Чиряев хомуурунньуга сүрэхтэннэ

28.12.2019
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 19 күнүгэр А.Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар Сергей Есенин айымньыларын хомуурунньугун сүрэхтэниитэ буолла. Хомуурунньук норуот таптыыр бэйиэтэ Сергей Есенин айымньыларын cаха бэйиэтэ уонна талааннаах тылбаасчыта Валерий Чиряев сахалыы тылбаастаабытын Брайль систиэмэтинэн оҥоһуллубутунан уратылаах.

edersaas.ru

Бэйиэт иитиллээччитэ, көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөр оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолаларын бүтэрбит Пантелеймон Егоров учууталыгар махталын бэлиэтигэр биир сыл устата бу бырайыагар үлэлээн, хомуурунньугу күн сиригэр көрдөрдө. Онуоха Пантелеймон Романович Сергей Есенин поэзиятын барытын хос ааҕан, Валерий Чиряев тылбаастарын көрдөөн, улахан үлэни оҥордо. Валерий Чиряев аймахтарыттан ыйыталаһан, сураһан Брайл систиэмэтинэн, рельефнай-точечнай шириибинэн кинигэни бэлэмнээтэ.

Пантелеймон ЕГОРОВ:
— Валерий Георгиевич 30-тан тахса сыл Саха сирин үгүс оройуоннарыгар учууталлаабыта, ол иһигэр, 1960-с сылларга көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөр оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолаларыгар иитээччинэн үлэлээбитэ. Кини оскуолатыгар куруук үчүгэй настарыанньалаах кэлэрэ, интэриэһинэй түгэннэри кэпсиирэ, көрү-нары көҕүлүттэн тутара. Киэһэ утуйар кэм кэллэҕинэ, бары кэриэтэ интэринээттэргэ буоларын курдук, оҕолор утуйа охсуохтарын баҕарбакка, төттөрү-таары сүүрэкэлэһэллэрэ, мэниктииллэрэ. Оттон Валерий Георгиевич кинилэри кытары сатаан тапсара, оҕолор тута ороннорун булаллара. Учууталбыт: “Дьэ, билигин интэриэһиэй устуоруйаны кэпсиэм”, — диэтэ да, бары чуумпура түһэллэрэ. Кини улуу педагог этэ”.

Кинигэ сүрэхтэниитэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Валерий Чиряев туһунан быыстапка оҥордулар. Национальнай бибилэтиэкэ сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ, СӨ култууратын туйгуна Сардаана Алексеева 3 чаас устата иилээн-саҕалаан ыытта.
Филология наукатын доктора Зоя Башарина А.С.Пушкин, Л.Н. Толстой, С.А.Есенин уо.д.а. нуучча бэйиэттэрин уонна суруйааччыларын Валерий Георгиевич үрдүк хаачыстыбалаахтык тылбаастаабытын бэлиэтээтэ. Филология наукатын доктора Василий Илларионов “Саһыл Сыһыы” пьеса ааптара Валерий Чиряев буоларын, кини пьесата өрөспүүбүлүкэ сүрүн тыйаатырдарыгар уонна нэһилиэктэргэ туруоруллубуттарын ахтан-санаан ааста. Пантелеймон Егоров эппитинэн, бу пьесаны көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр оҕолор оскуолаларын иитиллээччилэрэ эмиэ оонньоон тураллар.


Талааннаах суруйааччы үгүс ахсааннаах аймахтара, Саха сирин үтүөлээх учууталлара истиҥ-иһирэх ахтыылары оҥордулар. Ол иһигэр, сиэн кыыс Елена Робертовна Чиряева оҕо сааһын, аҕатын үтүө майгытын аҕынна.
Суруйааччы Анатолий Старостин-Сиэн Кынат суруйааччы Валерий Чиряев Уус Алдан улууһун Түүлээх оскуолатыгар дириэктэрдээбитин, сэрии сут сылыгар биир дойдулаахтарыгар бурдук бытархайын биэрэн сууттаммыт холкуос бэрэссэдээтэлин куттаммакка көмүскэспитин сөҕө-махтайа кэпсээтэ.
Марха оскуолатын, көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолаларын оҕолоро уонна ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” литературнай куруһуокка сылдьар устудьуоннар Сергей Есенин биллэр хоһооннорун сахалыы ааҕан, бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кэлбит дьону долгуттулар.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0