Бу дьыл кулун тутар 27 күнүгэр Сэбиэскэй Сойуус икки төгүллээх Дьоруойа, аатырбыт космонавт Валерий Быковскай 84 сааһыгар бу Орто дойдуттан барда. Аан дойду үрдүнэн бэһис киһинэн халлаан куйаарыгар көппүт Валерий Федорович 1965 сыллаахха Саха сирин ыччатын үһүс бэстибээлигэр күндү ыалдьыт быһыытынан кэлэ сылдьыбыта.
edersaas.ru, Родион Кривогорницын
Куосумас куйаарыгар Валерий Быковскай 1963 сыл бэс ыйын 14 күнүгэр “Восток-5” хараабылынан көппүтэ. Санатан эттэххэ, икки хонон баран, “Восток-6” диэн хараабылынан дьахталлартан бастакынан Валентина Терешкова Сири эргийэ көппүтэ. Быковскай куйаарга биэс суукка устата көппүтэ, ол эбэтэр сылдьыбыт бириэмэтэ 119 чааска тэҥнэспитэ.
1965 сыл бэс ыйын 26 күнүгэр Дьокуускай куоракка Валерий Быковскай кэлбитэ. Кини сэттэ хонуктаах сырыыта киэҥ этэ. Өрүс суолун, типография үлэһиттэрин, тутааччылары, учуонайдары кытта көрсүбүтэ. Маны таһынан, оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырдарыгар таарыйбыта. Аатырбыт космонавт Мэҥэ Хаҥаласка Ленин аатынан сопхуос ыһыаҕар сылдьыбыта, Мииринэй алмаасчыттарын, Чернышевскайдааҕы уу күүһүнэн үлэлиир уот ыстаансыйатын тутааччыларын, Чараҥ табаһыттарын уонна Тиксии пуордун үлэһиттэрин кытта көрсүбүтэ.
54 сыл анараа өттүгэр «Кыым», «Эдэр коммунист» уонна да атын хаһыаттар бу улахан түгэн туһунан сиһилии суруйбуттарыттан быһа тардан бэчээттиибит.
“… Иһэр! Иһэр!”
Ити тыл аэропорка мустан тулуйбакка-тэһийбэккэ күүтэн олорбут баһаам элбэх дьону улаханнык үөрдүбүтэ. Соҕуруу диэки, үөһэ өндөл халлааҥҥа, Ил-18 сөмөлүөт килбэҥнээн көстөр. Көтөр аал дьоһуннаахтык кэлэн аэропорка түһэр.
Аан аһыллар… Күндү ыалдьыт Саха сирин сылаас-сымнаҕас өҥ буоругар үктэнэр. Валерий Быковскай уонна кинини арыаллыыр дьон тыыннаах сибэккилэринэн, мутукчаларынан симэммит аһаҕас массыыналарга олорон куоракка бараллар.
Силбиктээх, ардахтаах, күнэ суох тымныы күн-дьыл турара. Ол да буоллар, ыраахтан көтөн кэлбит күндү ыалдьыты көрсө куорат олохтоохторо бары тахсыбыт быһыылаахтара.
— Кырдьык кэлбит дуо?
— Доҕоор, кырдьык буолумуна, араадьыйанан субу аҕай иһитиннэрдилэр.
— Оччоҕуна хайдах эмэ гынан эрдэ киирэн үчүгэй миэстэҕэ туран ыалдьыппыт мөссүөнүн уу хараҕынан көрөн, этиитин эт кулгааҕынан истэн кэллэрбит, — диэн ол күн элбэх киһи санаабыта.
Валерий Быковскайы аһаҕас массыынаҕа олордон матасыыкыллаах милииссийэ арыаллаан, куорат устун айаннаабыта. Аэропортан Дзержинскэй, Халтурин, Петр Алексеев, Ленин проспега, Мир уулуссаларынан инньэ, Гимеиҥҥэ тиийэ, быыһа суох, уулуссалары икки өттүлэринэн дьон халҕаһата ыга анньан турара.
Ньиргиэрдээх «Ураа!”, “Айхал!”, “Айхал – Быковскайга!”, “Айхал – куосумас Дьоруойугар!” хаһыы иһиллэрэ. Уулусса икки өттүгэр сэлэлии турбут куорат олохтоохторо сибэкки дьөрбөтүн, кини мэтириэтин уонна эҕэрдэлиир истиҥ тыллаах былакааттары өрө ууммуттар.
Ленин проспегар хаһан да мустубатах элбэх киһи мустубут. Ааһан иһэр массыынаҕа олохтоохтор сибэкки быраҕаллар. Истиҥ эҕэрдэ тыллары этэллэр. Эмиэ “Ураа!” хаһыылар ньиргийэллэр. Итиннэ барытыгар Валерий Федорович истиҥ мичээринэн хардарар.
Олоҥхо дойдутугар — Олоҥхо бухатыыра
1963 сыллаахха Валерий Быковскай уонна Валентина Терешкова көтүүлэрин кэннэ, Софрон Данилов ахтыытынан, саха суруйааччылара истиҥник эҕэрдэлээн, Саха сиригэр ыҥыран тэлэгирээмэ ыыппыттар: «Саха сиригэр биһиги бырааһынньыкпытыгар – ыһыахха кэлэ сылдьыҥ. Эһигини, хоту дойдуга күндү ыалдьыттары көрсөр үгэспитинэн көрсүөхпүт. Уруй-айхал эһиэхэ, куосумас хорсуннарыгар!”
“Ити сурук оччотооҕуга, Москва космонавтары көрсөр күннэригэр, киин хаһыаттарга бэчээттэммитэ. Баҕар, кинилэр ону аахпыттара буолуо…
Саас муус устарга мин Москваҕа космонавтары Павел Беляевы уонна Алексей Леоновы кытта көрсүһүүгэ сылдьыбытым. Онно саха норуотугар анаан аҕыйах эҕэрдэ тылла суруйуҥ диэн көрдөспүппэр, кинилэр “Тыйыс кыраай хоһуун норуотугар улахан кыайыылары уонна бухатыырдыы доруобуйаны баҕарабыт” диэн суруйбуттара. Ону ааҕан баран, мин үөрбүтүм даҕаны, сөхпүтүм даҕаны. Бу кэмэ-кэрдиитэ биллибэт элбэх эҕэрдэттэн, автограф суруйартан салгыбыт, сылайбыт дьон, тылбын быһа гыммакка, мин төрөөбүт норуоппар истиҥ тыллары эппиттэриттэн үөрбүтүм», – диэн Софрон Петрович суруйбут.
“Сахалар эмиэ, хайаан да, куосумаска көтүөхтэрэ…”
Валерий Быковскай аламаҕайа, боростуойа, ылбаҕайа саха дьонун сөхтөрбүтэ. Кини кэлэн баран эппит: “Мин Саха сирин дьонун киинэҕэ устан тиийэн, табаарыстарбар-космонавтарга көрдөрүөм”. Уонна эппит тылын толорон, аппараатынан устан барбыт.
Бэс ыйын 27 күнүгэр суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ кинини тыл кыбытыы (реплика) маастарынан сыаналаабыттар.
—Этэллэринэн, Герман Титов билигин доруобуйата мөлтөх үһү. Ол кырдьык дуо? – диэн Валерий Федоровичтан ыйыппыттар.
— Мээнэ тылы хаһан да итэҕэйбэт буолуҥ! – диэбит Быковскай. – Герман Титов доруобуйата туйгун. Кини өссө Таня диэн кыыстанна. Манна даҕатан эттэххэ, кыракый Таня, хайдах эрэ, сахаҕа олус маарынныыр…
Саала иһигэр көрдөөх сэргэхсийии буола түспүт, дьон күлсүбүт.
— Мин кырдьык этэбин, таҥара баарына, кини сахаҕа олус маарынныыр, — диэн түмүктээбит космонавт.
— Космонавтар этэрээттэригэр саха баар дуо? – диэн космонавтан ыйыппыттар. Онуоха кини: “Куосумаска көтүөхтэрин баҕарааччылартан 400 тыһыынча сайабылыанньа киирбит. Олор истэригэр ССРС араас омуктара бааллар. Билигин биһиги ортобутугар сахалар суохтар. Ол эрээри, бэрт соторунан саха да баар буолуо. Сахалар эмиэ хайаан да куосумаска көтүөхтэрэ”, – диэн эрэллээхтик хардарбыт.
Ыһыах мааны ыалдьыта
Бэс ыйын 26 күнүгэр Ленин аатынан холкуос сиригэр – Хаптаҕайга, бука, космонавт тиийэрин истэн буолуо, онтон-мантан дьон бөҕө тоҕуоруйбут. Хатыҥ чараҥ быыһыгар сахалыы таҥныбыт кыргыттар уонна уолаттар сибэкки тутуурдаах күндү киһи кэлэрин күүппүттэр. Киэҥ ыҥырыылаах саха улахан түһүлгэтигэр – ыһыахха тиийбит космонавт-лүөччүгү олохтоохтор уонна кэлбит дьон улаханнык үөрэ-көтө көрсүбүттэр.
Ытык-мааны ыалдьыттары олоҥхоһут Николай Степанов-Ноорой эҕэрдэлээбит. Ол кэннэ Валерий Быковскай уонна кэргэнэ Валентина Михайловна улахан чорооннортон кымыс испиттэр. Мустубут дьон Валерий Федорович уонна кини кэргэнэ хомуска оонньуу сатаабыттарын көрөн, олус үөрбүттэр. Үөрэтээччи да элбэх эбит. Валентина Михайловна ханнык эрэ дорҕоону таһаарбытыгар дуоһуйан, кэргэнэ күлэ-күлэ саннын таптайбыт. Ол кэнниттэн ыалдьыт улахан оһуохайга кыттыбыт. Сатаабатар даҕаны, норуот истиҥ санаатын толорон, кэргэниниин киирэн оһуохайдаһан барбыттар, үөрүү-көтүү бөҕө буолбут.
Ыраах сиртэн кэлбит мааны ыалдьыттарыгар холкуос дьоно аатырбыт оҕуруоттарын көрдөрбүттэр. Үйэлэргэ өйдөбүнньүк хаалар гына мас олордубут. Итиэннэ космонавт кэргэниниин Социалистическай Үлэ Дьоруойа Гаврил Самсонов дьиэтигэр сылдьыбыт.
Валерий Быковскай аатынан Дьокуускай куоракка уулусса ааттаммыта, Мииринэй куорат Ытык олохтооҕо аат иҥэриллибитэ. Быковскай Саха сиригэр сылдьыытын туһунан «Кыым” хаһыат оччотооҕу сүрүн эрэдээктэрэ Иван Аргунов кинигэ оҥорбут, онтуката 10 тыһыынча ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт.
Родион Кривогорницын, edersaas.ru