Валериан Николаев: «Сарсыҥҥылаах буолаары»

10.12.2021
Бөлөххө киир:

Дьокуускайдааҕы «Дани-Алмас» хампаанньа  типографиятыгар суруналыыс, суруйааччы Валериан Николаев «Сарсыҥҥылаах буолаары …» кинигэтэ бэчээттэнэн таҕыста.

«Сарсыҥҥылаах буолаары…» кинигэ икки түһүмэхтэн турар. «Бэйэм — бэйэм туспунан» түһүмэххэ быраас, наука үлэһитэ, мэдиссиинискэй наука дуоктара В.П. Николаев кылгас-кылгас кэрчиктэринэн оҕо сааһын, оскуолатааҕы сылларын, устудьуоннаабыт кэмин, быраас, наука үлэһитэ, доруобуйа харыстабылын уонна науканы тэрийээччи буолан үлэлээбитин-хамсаабытын туһунан суруйар.

«Суруллубут суоруллубат» түһүмэххэ РФ суруналыыстарын сойууһун, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Валериан Николаев хаһыаттарга, сурунаалларга суруйбут ыстатыйалара, дыраамаҕа айымньылара, хоһоонноро, тылбаастара хомуллан киирдилэр.

Ааптар кинигэтин аан тылыгар маннык суруйар:

«Мин сэбиэскэй кэмҥэ, аан дойдуга бастакы социалистическай дойдуга төрөөбүтүм, оскуолаҕа үөрэммитим, салгыы үрдүк үөрэҕи бүтэрбитим, үлэһит буолбутум.

«Сүүрбэһис үйэ киһитэбин» —
Киэн туттар эбиппин.
Онтон силистээхпин
Дьолум эбит диибин!»

Уулларбыт 70 хаарбыттан сэттэтэ пиэримэ олохтооҕун көҥүл босхо көччүйбүт, сырдык, сылаас, киирбэт күннээх, дьоллоох оҕо сааһа, уон аҕыһа  —  ойор күннээх, билии-көрүү сүгэһэрдээх, үөрүү-көтүү үктэллээх оскуолатааҕы уонна элэстэнэр, эрчимнээх эдэр саас, устудьуоннуур сыллар, ордуга – биирдэ талан ылбыт идэбинэн дьоммор, дойдубар туһалаары үлэ-хамнас этэ…

Бу «Сарсыҥҥылаах буолаары … » кинигэ олоҕум, үлэм иккис кэрчигэ буолбут аралдьытар, үөрдэр, санаабар кыра да буоллар туһалаах суруйуунан дьарыгырыым түбүгүн биир түмүгэ. Маныаха Саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов: «Суруйар этим, атын дьарык суоҕа…», — диэбиттээҕин санаан кэлэбин …».

Бу орто дойдуга киһи сарсыҥҥылаах буолаары түбүгүрэр буоллаҕа. Бүгүҥҥү бүтүө, сарсын саҥа күн үүнүө турдаҕа. Бүгүҥҥү, урукку-хойукку олоҕуҥ, үлэҥ-хамнаһыҥ сарсыҥҥыҥ сырдык, ыраас буоларыгар ананнахтара. Сарсыҥҥыны кэтэһэбит, кэлэр кэмтэн кэрэни күүтэбит. Дьэ, ол иһин, үлэ үөһүгэр сырыттахпыт. Улуу тойуксут С.А. Зверев-Кыыл Уола мээнэҕэ: «Сарсын, сарсын сарсыарда …», — диэн туойбатах буолуохтаах».

Кинигэ ааптар олоҕун, айар үлэтин биир бэлиэ кэрдиис кэмигэр ананан тахсар. Айымньы итиитигэр ааҕыллыа, сэргэниэ, «Суруллубут суоруллубат» диэн өс хоһоонун бигэргэтэн, хойутун даҕаны биһирэниэ диэн эрэниэҕи баҕарыллар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0