Валентина, Давид Трофимовтар: үлэҕэ, дьиэҕэ, сынньалаҥҥа — өрүү бииргэ

Ааптар: 
26.01.2021
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлиги сэлиэнньэтигэр талааннаах ыччат аҕыйаҕа суох.

Биир айар куттаах дьиэ кэргэнинэн Трофимовтар буолаллар. Дьиэ аҕа баһылыга СӨ Култууратын туйгуна Давид Германович С.И.Борисова аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр дириэктэринэн үлэлиир. Ырыа суруйар, сытыы кыһалҕалары таарыйар тэттик киинэлэри устар, тамадалыыр. Ыал далбар хотуна Валентина Устиновна  Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Кэрэли» эбии үөрэхтээһин киинигэр педагогунан үлэлиир.  Ону таһынан С.И.Борисова аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр үлэлээбитэ иккис сыла. Валентина Устиновна  хомуска оонньуур, ол дьоҕурун оскуола оҕолоругар уһуйан, үөрэппит оҕолоро 2018 cыллаахха Крымҥа “Искусство планетата”диэн норуоттар икки ардыларынааҕы күрэскэ кыттан, Гран-при ылан кэлбиттэрэ. 2019 cыллаахха ыытылыбыт “Эдэр дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ Трофимовтар дьиэ кэргэн биир баал кыһыылаахтык тиийбэккэ, иккис миэстэ буолбуттара. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытыллыбыт “Сүрэхпин оҕолорго биэрэбин” үөрэхтээһин уһуйааччыларын күрэхтэһиитигэр Валентина Трофимова кыайыылаах аатын сүкпүтэ.

Сыанаҕа аан бастаан: Тааттаҕа –ламбада,  Мэҥэҕэ — “Оккоолойдуур Оккоолой”

Валентина Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр Устин Семенович уонна Татьяна Григоревна Таппыровтар дьиэ кэргэннэригэр икки уол кэннэ күүтүүлээх кыыс оҕонон күн сирин көрбүт.  Кырачаан Валя оҕо саадын иитиллээччитэ эрдэҕиттэн ыллаан, үҥкүүлээн, хомустаан, тойуктаан, оһуохайдаан ол саҕаттан култуура эйгэтигэр сыстыбыта. Уонна хаһан даҕаны умнуллубат түгэн буолан өйүгэр-сүрэҕэр хаалбыт түгэни маннык ахтар:

 — Урут оҕо саадыгар нэдиэлэни быһа сылдьар этибит. Дьиэбитигэр өрөбүллэргэ эрэ барарбыт. Дьоммутун олус күүскэ ахтар этибит. Уһуйааҥҥа нэдиэлэ устата ырыаҕа,үҥкүүгэ тохтоло суох дьарыктанарбыт. Арааһа, онно аралдьыйан ахтылҕаммытын аһарарбыт буолуо. Арай биирдэ үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит эдэр да эдэр иитээччи кыргыттар үлэлии кэллилэр. Ол саҕана оҕо саадын үбүлүөйүгэр бэлэмнэнэ сылдьарбыт. Саҥа иитээччилэрбит ол саҕана ламбада диэн үҥкүүнү үөрэттилэр. Оҕолор барахсаттар бары сонурҕаан үҥкүүлээн имиллэҥнэттибит. Ийэм наһаа үчүгэй курууһубалаах араас өҥнөөх дьууппа уонна топик тикпитэ. Ити аан маҥнай сыанаҕа тахсыым этэ. Сыанаҕа тахсан баран долгуйбутум ааһан  чэпчээбиппин уонна наһаа астыммыппын өйдөөн хаалбыппын.. 

Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар  куруһуокка, секцияҕа барытыгар сылдьарым. Ордук  күүскэ фольклор жанрдарынан эбии дьарыктаммытым. Бастакы уһуйааччым Екатерина Николаевна Сунхалырова буолар. Тойугу туойарга, хомуһу сөпкө тутарга кини аан бастаан үөрэппитэ. Бэл, алын кылааска үөрэнэ сылдьан бэйэм баҕабынан кыһын  50 кыраадыс тымныыга дэриэбинэ биир уһугуттан биир уһугар диэри уһуйааччым дьиэтигэр дьарыктана, эрчиллэ барар этим. Билигин ону санаатахпына наһаа сөҕөбүн, төрөппүттэрим да боппоттор, куттамматтар эбит. Урут “оҕом этэҥҥэ тиийдэ дуо?” диэн ыйытар төлөпүөн даҕаны суох этэ.  Төрөппүттэрбэр наһаа махтанабын.  90-с сыллар кырыымчык ыарахан кэмнэригэр төрөппүттэрим барахсаттар куруук өйүүллэрэ. Сыл аайы мин бүппэт күрэстэрим, кыттар таҥаһым-сабым аймалҕана буолааччы. Ийэлээх аҕам ”хайаан да баран кыттаҕын” дииллэрэ.

Үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан «Кылыһах» народнай ансамбылга сылдьыбытым. Кэнчээри Ивановна Собакинаҕа уһуйуллубут, бииргэ кэнсиэрдэргэ кыттыбыт дьоллоохпун.

Оттон Давид Герман Семенович уонна Любовь Филипповна Трофимовтар күүтүүлээх уоллара. Ыал улахан оҕото икки балтылаах. Ырыаһыт дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүт уол бэйэтин өйдүөҕүттэн өрүү киҥинэйэн ыллыы сылдьар идэлээх эбит. Оттон ырыаны кытары олоҕун ситимнээбит биир дьикти түгэн туһунан маннык кэпсиир: 

-Үһүскэ үөрэнэ сылдьан, үөрэх чиэппэригэр муусука уруогар “куһаҕан” сыананан бара сыспытым. Учууталым төрөппүттэрбэр “Саҥа ааттар” диэн ырыа куонкуруһа буолар, уолгутун онно булгуччу кытыннарыҥ!” диэбит. Дьонум  түргэн туттунуунан кулууптан “Оккоолойдоон Оккоолой” диэн ырыа фонограмматын көрдөһөн буллулар. Үөрэтэн баран сыанаҕа тахсан ыллаатым. “Саҥа ааттар” күрэс кыайыылааҕа буолбуппуттан наһаа соһуйбутум. Ол күнтэн ыла күн бүгүнүгэр диэри сыанаттан түспэккэ билигин да ыллыыбын.  Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар ырыаҕа уһуйбут учууталым Галина Степановна Свинобоева бэлэмнээн араас таһымнаах күрэстэргэ ситиһиилээхтик кыттарым. Бииргэ үөрэнэр уолаттарбын кытары уолаттар квартеттарыгар ыллыырбыт, «Хотугу сулус» күрэскээ өрүү ситиһиилээхтик кыттар этибит.

Түүлгэ көстүбүт аналлааҕа — Байбал Сэмэнэп курдук ыллыыр уол

Дьокуускай куорат. Киров аатынан уулусса 33 нүөмэрдээх дьиэтэ. Култуура кэллиэһин устудьуоннара саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэнэн  үлэ быраактыкатыгар сылдьаллар. Иккис куурус устудьуоннара бастакы, саҥа үөрэнэ киирбит устудьуоннар иккис мэндиэмэни сууйаллар-тарыыллар, хомуйаллар.  Арай Олеся диэн кыыс сүүрэн кэлэн дьүөгэлэригэр сонунун кэпсиир: “Кыргыттаар, бастакы куурустарга Байбал Сэмэнэп ырыаларын үүт-үкчү, наһаа үчүгэйдик ыллыыр уол кэлбит”. Дьүөгэлиилэр иһиттилэр-истибэтилэр да, иккис этээскэ ырыа истэ сүүрдүлэр. Арай, ханна даҕаны ырыа иһиллибэт, оҕолор үлэлээбиттэрин курдук үлэлии сылдьаллар. Онно баар устудьуоннар истэригэр Байбал Сэмэнэп ырыаларын ыллыыр уол Давид Трофимов эмиэ баар. Уонна өссө кини ырыа истэ кэлбит иккис куурус кыргыттарыттан биирдэстэрин хараҕынан хайгыы, сүрэҕинэн сөбүлүү көрөр. Сөбүлүү көрбүт кэрэ куота ким буоларын сураспытыгар “Валя Таппырова” диэбиттэр.   

Биир киэһэ уопсайга уот баран, кыргыттар хосторугар чүмэчи уматтылар. Киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн хосторун аанын тоҥсуйдулар. Кыргыттар соһуйан бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр. Ааны арыйбыттара биир кыыстарын кытары үөрэнэр бастакы куурус уолаттара “ас астыыр билиитэҕитин баһаалыста уларсыҥ” диэн көрдөһөллөр. Онуоха биир кыыс хап-сабар: “Валя киэнэ, киниттэн ыйытыҥ”, — диэн баран дьүөгэтин диэки көрөр. Давид кыыс диэки хайыспыта, чүмэчи уотун сырдыгар, били, сөбүлүү көрбүт Валята олорор эбит. Эдэр уол сүрэҕэ күүскэ тэбэн, олус долгуйар. Оннук билиитэни уларсан баран, устунан хоһунан доҕордоһон бараллар. 

“Хоһунан наһаа доҕордууларбыт. Бэйэ-бэйэбитигэр сүрдээҕин көмөлөсүһэбит. Биирдэ дьикти түүл түүһүүбүн.  Арай, ыһыахха бэлэмнэнии буола турар. Учууталым  Афанасий Семенович миэхэ кэлэн: “Валя, быйыл ыһыахха эн ат сүүрдэҕин. Кэл, мантан атта тал”,диэтэ. Арай көрдөхпүнэ ат бөҕөтө турар. Ол аттар быыстарыттан биир маҥан  аты таллым уонна олорон сүүрдэн бардым. Уһуктан кэлэн наһаа соһуйдум, тута кыргыттарбар кэпсээтим. Кыргыттарым  “аналгын көрсөр буолбуккун” дэстилэр. Ол кэнниттэн Давидтыын сүрэхпитинэн сөбүлэһэн аал уоту оттунан бу олоробут”, — диир Валентина Трофимова. 

Дьиэ кэргэнинэн бары бииргэ

Үс сыл толору билсэн, өйдөһөн, 2005 cыллаахха ыал буолар биир санааҕа икки өртүттэн халыҥ аймахтарын, чугас дьоннорун, доҕотторун мунньан уруу маанытын тэрийэллэр. Трофимовтар дьиэ кэргэн аал уоту оттунан, алаһа дьиэни тэринэн түөрт уол оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт дьоллоохтор.

Оторой-моторой уолаттары  кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ даҕаны, сынньалаҥҥа даҕаны барытыгар батыһыннара сылдьар үтүө үгэстээхтэр. Сайынын бары тутуспутунан оттоон, тэҥҥэ үлэлээн, сынньалаҥҥа балыктаан, сир астаан бириэмэни туһалаахтык атаараллар.

Ол туһунан Валентина:

 — Тыа ыалын сиэринэн дьыл араас кэмигэр тыҥыыр үлэлэри оҕолорбутун кытары бииргэ кыайабыт. Кыраларбыт барытыгар тэҥҥэ сылдьаллар. Аҕабыт уһанарыгар уолаттарын тэҥинэн батыһыннарар. Дьиэ ис-тас үлэтигэр улахан, кыра диэн арахсыбакка барытын тэҥҥэ саба түһэн оҥороллор.

— Дьиэ кэргэнинэн бары төрөөбүт күннэрбитин бэлиэтиибит. Хас биирдии төрөөбүт күн уратытык өйдөнүмнүө хааларын курдук,  тэрээһинигэр улахан болҕомтону уурабыт.

Айылҕаҕа тахсан сынньанабыт. Уолаттар ордук балыктыылларын сөбүлүүллэр. Ол иһин хас сайын аайы Амма өрүскэ балыктыы барабыт. Тутуспутунан  Тааттаҕа дьоммутугар баран сынньанан кэлэбит”, – диир түөрт уоллаах аҕа Давид Трофимов.

— Маҥнайгы күүтүүлээх оҕобут  Алик  тохсус кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэр. Научнай-практическай ааҕыыларга, олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттар. “Айыллаан” фольклор куруһуогар дьарыктанар. 

Иккис уолбут Айсен сэттис кылаас үөрэнээччитэ, олимпиадаларга кыттар, мастан уһанарын сөбүлүүр. Илиитигэр дьоҕурдаах. Оҥоһуктара быыстапкаларга тураллар. 

Үһүс уолбут Айхал иккис кылааска үөрэнэр. Ыллыырын, үҥкүүлүүрүн сыанаҕа тахсарын олус сөбүлүүр. Сыанаҕа таҕыстаҕына уларыйан хаалар. Хомус куруһуогар быйылгыттан дьарыктанан эрэр. 

Төрдүс уолбут Герман алта саастаах, “Туллукчаана” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ. Бытархай конструкторынан арааһы барытын таҥан таһаарар. Пластилинтан оҥоһуктары оҥорорун сөбүлүүр.  

Күнтэн күн уолаттар улаатан иһэллэр. Аҕабыт уолаттара улаатан хамсанарым да аҕыйаата диэн астынар. Билигин уолаттар бэйэлэрин көрүнэллэриттэн үөрэбин эрэ. Сатаабатахтара диэн суох, барыга бары сыстаҕастар. Араас минньигэс аһы кытары астаан үөрдэллэр, – диир биэс эр киһини көрөр-истэр иһирэх ийэлэрэ Валентина Устиновна.

Салгыы олоҕун аргыһа Давид мындыр толкуйунан, уус илиитинэн оҥорбут оҥоһуктарын туһунан киэн тутта сэһэргиир:

— Уһаайбабыт иһэ барыта аҕабыт илиитинэн оҥоһуллан киэркэйэр.  Уу иһиттэрин, уһуннук умайар оһохтору  толкуйдаан оҥорор. Аҕыйах сыллааҕыта бэйэтэ толкуйдаан уу таһар (водовоз) оҥорбута наһаа туһалаах. Үрэхтэн, күөлтэн тэйиччи олорор дьон наһаа абыранныбыт. Сайын  туттар уубутун бэйэбит дьаһанабыт, оҕуруокка дэлэйдик туттабыт. Ону тэҥэ уолаттар эбэлэрин аахха уу таһан абырыыллар. Аҕалара уһанарыгар уолаттар  илии-атах буолан өрүү көмөлөһөллөр.

“Айыллаан” ансаамбыл

Эдэр ыал 2008 сылтан Давид дойдутугар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлигитигэр көһөллөр. Валентина култуура уонна ускуустуба кэллиэһин кыһыл дипломунан бүтэрэн, СГУ Культурология салаатыгар кэтэхтэн үөрэнэ киирэр. 

Соторутааҕыта саҥа үөрэҕи бүтэрбит эдэр үлэһиттэргэ дойдуларын дьоно көмө-тирэх буолбуттарын кийиит буолан кэлбит Валентина маннык ахтар: 

— Бастаан үлэбин оскуолаҕа фольклор дьарыгын  уһуйааччытынан саҕалаабытым. Кэлэктиибим үлэлииргэ наһаа үчүгэй этэ, миэхэ, саҥа үлэһиккэ өрүү сүбэ-ама биэрэллэрэ, барытыгар өйүүллэрэ. Куруһуокпар элбэх оҕо суруйтарбыта. Фольклорга үөрэниэн баҕалаах оҕолор үөрэн мичилиһэ тураллара харахпар бу баарга дылы. Хас күн аайы саҥаттан саҥа ырыаны, чабырҕах арааһын үөрэтэн саҕалаатыбыт. Куруһуогум  оҕолоругар ансаамбыл тэрийиэххэ диэн сүбэлэстибит. Оҕолор “ай” диэн тылтан сирдэтэн айар-тутар «Айыллаан» диэн ааттаныаххайыҥ диэбиттэрэ. Ити сыллар тухары элбэх оҕону, төрөппүтү кытта алтыстым. Араас таһымнаах күрэстэргэ кыттан кэккэ ситиһиилэрдээхпит. Үлэ таһаарыылаах буоларыгар оҕо,төрөппүт, уһуйааччы биир өйгө санааҕа өйдөһөллөрө улахан оруоллаах эбит. Онон үөрэтэр оҕолорум төрөппүттэригэр өрүү өйүүллэригэр махталбын тиэрдэбин. Оҕону кытта үлэлииртэн атын үчүгэй туох да суох диэххэ сөп. Хас биирдии оҕону кытта  уһуйааччы тэҥҥэ сайдар. Элбэх сыллаах, сыралаах үлэ кэнниттэн үлэ түмүгэ көстөрө   салгыы үлэлииргэ күүскэ кынаттыыр.

Култуура кэрэ эйгэтигэр

Улуустааҕы  “Култуура уонна спорт эстафетатыттан” саҥа кэрчик саҕаламмыта. 2010 с “эстафетаҕа кэргэҥҥинээн Давидтыын хомустуугут” диэтилэр. Давид хомуска фонограмма оҥоро оҕуста.  Туох да улахан бэлэмнэниитэ суох кытынныбыт. Киирээри туран хайдах хомустуурбутун сүбэлэстибит, сүрүннээн бэйэ-бэйэбитин уонна муусуканы истиэхтээхпит диэн буолла. Ити курдук аан маҥнай иккиэн кыттаммыт лауреат аатын сүктүбүт. Ол кэнниттэн оччолорго кулуупка уус-уран салайааччы кэргэним “эстафетаҕа фольклор чааһын барытын аны эн бэлэмниир буолаҕын” диэбитэ.

 Сыыйа «Билбит-көрбүт» чабырҕах бөлөҕүн, аҕам саастаахтарга «Алып», ыччаттарга «Күрүлгэн» фольклорнай ансаамбыллары тэрийэн дьарыктыыбын.

Эйэлээх сыһыан кистэлэҥэ туохха сытарый? 

-Бииргэ үлэлиирбититтэн маҥнай утаа куттана, толло саныыр этим. Ол иһин бастаан оскуолаттан саҕалаабытым. Култуура эйгэтигэр кэлиҥҥи икки сылга үлэлээн эрэбин.

 Биир дьиэ кэргэҥҥэ икки айар үлэлээх киһи ыарахан буолуо дии саныыр дьон бааллар. Ол эрээри оннук буолбатах – биһиги өйдөһөбүт. Үлэ диэн үлэ, дьиэ кэргэн диэн дьиэ кэргэн. Үлэни миэстэтигэр хаалларан, дьиэҕэ киллэримиэххэ наада. Айар идэлээх дьиэ кэргэттэр тугу этэрбин өйдүүр буолуохтаахтар.

Кэргэммин кытта биир сомоҕо буолан «Эдэр дьиэ кэргэн “ диэн күрэскэ бэлэмнэниигэ үлэлээбиппит. Бу күрэс биһиги дьиэ кэргэни өссө чугаһыппыта, өссө элбэххэ үөрэппитэ. Бүтүн дьиэ кэргэн биир тыынынан кыттыбыппытыттан олус астынабын. Күрэскэ кыайбыппытын, ситиһиилээхтик кыттыбыппытын таһынан дьиэ кэргэнинэн бары тутуспутунан үлэлээбиппититтэн ордук дуоһуйбутум.

Ити курдук Трофимовтар дьиэ кэргэн өйөһөн, өйдөһөн оҕолорун улаатыннаран, айар-тутар идэлэрэ кынаттанан өссө да үрдүк ситиһиилэргэ сирдиэхтэрин баҕарабын!

Надежда ИЛЬИНА 

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0