Вакцинацияҕа бастыҥ көрдөрүүлээх улуустар

Бөлөххө киир:

Ханнык улуустар коронавируһу утары быһыыны биэриигэ бастыҥ көрдөрүүлээхтэрий? Биэс бастыҥ иһигэр киирдилэр – Аллайыаха, Муома, Үөһээ Халыма, Аллараа Халыма, Орто Халыма улуустара.

Аллайыаха улууһун киин балыыһатыгар улахан дьон 74,23%-на, Муомаҕа – 73,14%, Үөһээ Халымаҕа – 68,48%, Аллараа Халымаҕа – 68,32%, Орто Халымаҕа – 66,97%. Көстөрүн курдук, барыта хотугу улуустар эбит.

Оттон намыһах көрдөрүүлээх улуустар: Нам – 41,62%, Чурапчы – 42,51%, Уус Алдан – 43,34%, Нерюнгри – 44,98%, Кэбээйи – 46,01%, Горнай – 47,66%.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ортотунан 52,16%, Дьокуускайга – 53,7% быһыыны ылбыттар. Кэлэктиибинэй иммунитет улахан дьон 80%-ра быһыыны ыллаҕына эрэ, үөскүүр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0