Бүтүн Арассыыйатааҕы Генетика уонна тыа хаһаайыстыбатын сүөһүтүн ууһатыы научнай-чинчийэр институтун учуонайдара Clean Eggs дэнэр сымыыты биэрэр куурусса боруодатын айан таһаарда.
Clean Eggs сымыыт киһи тумуутун утары вакцинаны оҥорорго туһаныллар итиэннэ Европаҕа, аан дойду атын да дойдуларыгар бэтэринээрийэ салаатыгар инактивированнай вакциналлары оҥорорго туттуллар. Учуонайдар айбыт саҥа боруода кууруссалара өссө Сэбиэскэй Сойуус саҕана киэҥник биллибит маҥан дьүһүннээх, нуучча үрүҥ боруода кууруссатыгар олоҕуран таһаарыллыбытын иһин, «хаар маҥан нуучча кууруссата» диэн ааттанна.
Саҥа боруода куурусса «өбүгэтиттэн» уратыта элбэх, ол курдук, тымныыны тулуйар, лейкозка бэриммэт итиэннэ саамай сүрүнэ – сымыыта. Вакцина сымыыкка олоҕуран оҥоһуллар буолан, сымыыт амниотическай убаҕаһа лаппа улахан — кини сымыыт уоһаҕын бүрүйэр, онно вирус үөскүүр-ууһуур, ону таһынан, сымыыт патогеҥҥа бэриммэт иммунитеттаах.
— Ити иһин биһиги кыра уоһахтаах эрээри, бөдөҥ сымыыты сымыыттыыр кууруссалары талбыппыт, – диэн кэпсиир институт көтөрү иитиигэ салаатын салайааччы Ольга Станишевская. — Тоҕо диэтэххэ, амниотическай убаҕас сымыыт үрүҥэр баар буолан, кини кээмэйин улаатыннарар наада этэ. Бу, бастатан туран, вирус титрын улаатыннарар, ол титр «тахсарыгар» ылыллар уонна препараты оҥорууга улахан экэнэмиичэскэй көдьүүһү биэрэр. Ону таһынан араас вирустары утары антителата суох кууруссалары табыппыт уонна кинилэргэ биир да вакцинаны биэрбэтэхпит.
Учуонайдар хаар маҥан нуучча кууруссаларын сымыыттарын хас да научнай-чинчийэр тэрилтэҕэ бэрэбиэркэлэтэ биэрдилэр. А.А.Смородинцев аатынан Тумууну чинчийэр институт бу сымыыттар тумуу икки штаммын утары вакцинаны оҥорорго барсалларын быһаарда. Бу туһунан «Известия» хаһыат кэлиҥҥи нүөмэригэр суруйда.
Раиса Сибирякова.