«Вахтовиктарга» сүгэлээх кэлбиттэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүүгэ 5 тыһыынча солкуобай туһуттан хас да эдэр киһи олоҕун алдьатта. 

edersaas.ru


Полицияҕа баахтаҕа үлэлиир оробуочайтан сайабылыанньа киирбит. Түүн кинилэргэ хас да уол түннүгү алдьатан киирэн, сүгэнэн куттаан туран, харчы былдьаабыттарын туһунан.

Үөһээ Бүлүү полициятын оперативниктара саба түһэн талааһыҥҥа уорбаланааччылары туппуттар — икки 19 саастаах, икки 20 уонна биир 23 саастаах уолаттар.

Барыллаан быһаарыынан, бу уолаттар арыгылаан баран, тутууга үлэлиир «вахтовиктарга» барарга санаммыттар. Онно тиийэн, ааны аспатахтарын иһин, түннүгү алдьатан, иһирдьэ көтөн түспүттэр.

Уонна сүгэнэн куттаан туран, оробуочайдартан биирдэстэриттэн харчы түүрэйдээбиттэр. Ол эрэйдээх 5 тыһ. солк. баарын биэрбит, ону ылаат, талабырдьыттар куоппуттар.

Бу чахчынан РФ Холуобунай кодексатын 162-с ыст. 3-с чааһынан, ол эбэтэр, дьиэҕэ сокуоннайа суохтук киирэн талааһын бэлиэтэ баарынан, холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу ыстатыйанан накаастабыл миэрэ — 7-тэн 10 сылга диэри болдьоххо көҥүлү быһыы.

Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0