«В. Рукавишников» теплоход расписаниета уларыйда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйа саҕаланан, ууһуттар күһүҥҥү расписаниеҕа киирдилэр. Дьокуускай — Аллараа Бэстээх — Дьокуускай хайысхатынан сылдьар «В.Рукавишников» теплоход расписаниетыгар уларыйыылар киирдилэр. Бу туһунан  «Лена-Транс» ХЭУо иһитиннэрдэ.

Ол курдук, теплоход Дьокуускайтан   9:00, 12:00, 14:30, 17:30 уонна Аллараа Бэстээхтэн 10:45, 13:10, 16:00, 18:40 чаастан сылдьар буолла.

Суудуна Дьокуускайтан өрүс пордуттан  үһүс причалтан, оттон Аллараа Бэстээхтэн өрүс вокзалыттан устар.

Билиэт сыаната — 300 солкуобай (чэпчэтиилээх билиэт  250 солк.). Оҕолорго 10 саастарыгар диэри босхо.  10-тан 18-гар диэри  150 солк.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0