Балаҕан ыйа саҕаланан, ууһуттар күһүҥҥү расписаниеҕа киирдилэр. Дьокуускай — Аллараа Бэстээх — Дьокуускай хайысхатынан сылдьар «В.Рукавишников» теплоход расписаниетыгар уларыйыылар киирдилэр. Бу туһунан «Лена-Транс» ХЭУо иһитиннэрдэ.
Ол курдук, теплоход Дьокуускайтан 9:00, 12:00, 14:30, 17:30 уонна Аллараа Бэстээхтэн 10:45, 13:10, 16:00, 18:40 чаастан сылдьар буолла.
Суудуна Дьокуускайтан өрүс пордуттан үһүс причалтан, оттон Аллараа Бэстээхтэн өрүс вокзалыттан устар.
Билиэт сыаната — 300 солкуобай (чэпчэтиилээх билиэт 250 солк.). Оҕолорго 10 саастарыгар диэри босхо. 10-тан 18-гар диэри 150 солк.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1