Кылыһахтаах Очиров

18.02.2017
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи кэмҥэ эстрада ырыаһыттарын ортотугар сахалыы дэгэрэҥ ырыаны кыайа тутааччылар элбээтилэр. Кылыһахтаах куоластарынан дьиэрэһитэн ыллаатахтарына, саха дьоно бары сэргии түһэбит, санаабыт көнньүөрэр, ураты турукка киирэбит. Сахалыы матыыптаах ырыаны ыллыыр Виталий Очиров — бүгүҥҥү «Итии чэйбит» ыалдьыта.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Кулгааҕар эһэ үктээбит

Үксүгэр ырыаһыттартан «Оҕо сылдьан ыллыыр этиҥ дуо?» – диэн ыйыттахха, бары ыллыыр этибит диэн эппиэттииллэр. Виталийга итинник ыйытыыны биэрэн баран, олус соһуйуом, сөҕүөм иһин, «суох» диэн эппиэти иһиттим. Ийэтэ, Светлана Очирова, олус үчүгэйдик ыллыырын иһин, улууска Таатта Күөрэгэйинэн ааттыыллар. Ийэтэ кэпсииринэн, Виталий кыра сылдьан ыллаан көрөр эбит даҕаны, биирдэ да ырыа матыыбын табан ыллаабат эбит. «Чэ, хайдах да ыллыа суох», – диэн ийэтэ сапсыйан кэбиспит.

Бульдозерист

– Виталий, хантан хааннааххын, ким­тэн кииннээххин кылгастык билиһиннэр эрэ. Хаһааҥҥыттан ыллыыр буолбуккунуй? Хайдах үөрэнниҥ?
– Күн сирин Таатта улууһун Харбалааҕар көрбүтүм. 1999 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн, СГУ физкультураҕа салаатыгар туттарсыбытым, хомойуох иһин, кыайан киирбэтэҕим. Дьиҥэр, атахпар кыанар этим. Атах оонньууларын олус сөбүлүүрүм.
Үөрэххэ киирбэккэ төннөн кэлэн, Харбалаахтааҕы 18 №-дээх орто анал кыһаҕа бульдозерист идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Сыл курдук «түөрт», «биэс» сыаналарга үөрэнэн бүтэрбитим. Үөрэнэр кэмнэрбэр быраактыкабар Харбалаахтааҕы таас чоҕу хостуур карьерга слесарь көмөлөһөөччүтүнэн сылдьыбытым. Билигин санаатахха, үчүгэй да кэмнэр ааспыттар. Улахан тиэхиньикэлэри өрөмүөннээн, арыыга, сэлээркэҕэ ньаҕайданарбыт, гараас ураты чааннаах сытын олус сөбүлүүрүм. Аны күҥҥэ үстэ буор-босхо аһаталлар.  Этэҥҥэ үөрэнэн бүтэрэн, СПТУ хочуолунайыгар хачыгаарынан ананан үлэлээтим. Салгыы тырахтарыыс үөрэхтээх киһи диэн, тимир тиһиликтээх ДТ-75 көлөҕө олортулар. Тырахтарыыстар иккиэбит, мин иккис сменаҕа сылдьан от тиэйэбин, мас соһобун. Күнү быһа тыраахтар кэбиинэтин иһигэр олоробун, тыас-уус мааны, онно эбии тимир тиһиликтэрин тыаһа эбиллэр. Дьэ, бу тыаһы-ууһу баһыйаары, күнү быһа билэр-билбэт ырыаларбын ыллыыбын. Оччолорго биллибит Айыы Уолун «Айылҕа чочуйбут оҕото буоламмын…» диэн ырыатыттан саҕалаан, кини толорор ырыаларын бука барыларын нойосуус билэбин. Гарааска өрөмүөн кэмигэр эмиэ ыллаан киҥинэйэбин. Бииргэ үлэлиир уолаттарым кэлэ-бара истэ сатаан баран, үөс сиргэ баран ыллаан көр диэн быһааран кэбистилэр. Өс киирбэх ону ылынан, 2001 сыллаахха Дьокуускайга кэллим уонна култуура колледжыгар туттарсан, этно-айар салааҕа киирэн хааллым. Бу иннинэ дьиэбэр күнү быһа олорон ыллаан тахсарым. Холобур, Айыы Уолун биир ырыатын магнитофоҥҥа эргитэ сылдьан, күҥҥэ 700-чэтэ истэрим уонна тэҥҥэ ыллаһарым. Итинник уһун-унньуктаах эрчиллии түмүгэр, миэхэ ритм уонна муусуканы истэр «кулгааҕым» аһыллан барбыта. Ити кэмҥэ ийэм ыллыырбын истэн олус соһуйбута уонна сөхпүтэ. Онон оҕону муусуканы истэргэ уонна ритми тутуһарга үөрэтиэххэ сөп диэн этиини кытта сөбүлэһэбин.

Кылыһах өрүһүйбүтэ

– Колледжка бииргэ үөрэнэр оҕолорум үксүлэрэ муусука оскуолатын бүтэрбит буолан, олус талааннаахтар. Ону ааһан ­оһуохайдыыллар, тойуктууллар, олоҥхолууллар. Тугу да сатаабат эбиппин, үөрэхпин быраҕыыһыбын диэн санаа кииртэлиир буолан барда.
Биир күн ороммор сытан эрэ кылыһахтаан көрдүм, арай, онтум сатанна. «Баар эбит!» – диэн саҥа аллайан ойон турдум. Үөрдүм аҕай. Уһуйааччым Михаил Винокуровка кылыһахтыырбын иһитиннэрдим, кини тута чочуйан, сүбэ-ама биэрэн көмөлөстө. Дьэ, ити кэмтэн талааным суола аһыллыбат дуо? Тута олоҥхолоон, оһуохайдаан, тойуктаан бардым. Бу үс көрүҥҥэ эттиин-хаанныын, өйдүүн-санаалыын ылларан күүскэ дьарыктаммытым.
2002 сыллаахха Дьокуускай куоракка Кулаковскай аатынан Култуура дьиэтигэр «Көмүс иҥэһэ» диэн дэгэрэҥ ырыа бэстибээлигэр кыттан, аан маҥнай киэҥ сценаҕа тахсыбытым. Онно Тумус Мэхээлэ миигин кытта анаан-минээн илии тутуспута уонна «Инниҥ диэки баран ис, тыыппалааххын», – диэн эппитэ миэхэ алгыс курдук иһиллибитэ. Дьэ ити кэмтэн култуура колледжын тэрээһиннэригэр, кэнсиэртэригэр кыттар буолбутум.

«Кыталык» үҥкүү бөлөҕөр

– 2004 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн, Мэҥэ Хаҥалас Харатыгар Култуура дьиэтигэр исписэлииһинэн анаммытым. Ол сырыттахпына, «Кыталык» үҥкүү бөлөҕүн салайааччыта Василий Винокуров ыҥырбыта. Бөлөххө алгысчытынан, оһуохайдьытынан, тойуксутунан сылдьыбытым. Манна сылдьыым талааным аһылларыгар, чочулларыгар эмиэ туспа кэрдиис кэмим буолар. Бөлөҕү кытта элбэхтик гостуруоллаабытым.

«Айыыларым арчылааҥ» ырыа

— Анаан-минээн уһултаран араадьыйаҕа биэрбит ырыаларым биирдэ-иккитэ иһиллэн баран сүтэн иһэллэрэ. Ыкса табаарыһым Андриан Павлов бэйэтин тылыгар уонна матыыбыгар «Айыыларым арчылааҥ» диэн ырыаны бэлэхтээтэ. Бу ырыаны 2011 сыллаахха киэҥ эйгэҕэ таһаарааппын кытта, тута дьон сэҥээрбитэ, олус сөбүлээбитэ. Бу ырыа кэнниттэн утуу-субуу атын ырыаларым биллэн-көстөн барбыттара. Киһи олоҕор туох эрэ итинник эмискэ кэлэр, оҥоһуллар интэриэһинэй түгэннэр бааллар быһыылаах. Холобур, үөрэхпиттэн бараары сырыттахпына, эмискэ кылыһах баар буолар. Ырыаларым сэҥээриллибэккэ сырыттахтарына, эмискэ ити ырыам сатанан, этэргэ дылы, күөх халлааҥҥа уһулу көтөн тахсар.

Кэргэним – музыкальнай кириитигим

– Кэргэним Вероника төһө даҕаны музыкальнай үөрэҕэ суоҕун иһин, ырыа матыыбын истэр ураты дьоҕурдаах. Иһит сууйа туран ыллыырбын истэр уонна: «Виталий, сыыһа бардыҥ, туоҥҥун сыыһа ыллыҥ», – диэн эттэҕинэ, бастаан утаа: «Чэ-чэ, бүт», – диэн аахайбаттыы туттарым. Онтон кэлин толкуйдаан көрдөххө, барытын уот харахха эппит буолар. Ол иһин, билигин бастакы ырыаларбын киниэхэ хайаан да иһитиннэрэбин. «Манан уһатан биэр, итинэн кылгатан биэр», – диэн хайаан даҕаны сүбэлиир-амалыыр. «Этэҥҥэ буолбут» диэтэҕинэ эрэ ырыаны киэҥ эйгэҕэ таһаарабын. Вероникам сахалыы дэгэрэҥ ырыаны истэр ураты идэлээҕэ сөхтөрөр. Дьиҥэр, экэнэмиис үөрэхтээх.

Идэбин олус сөбүлүүбүн

— Ыллыырбын олус сөбүлүүбүн. Бу мин олоҕум, мин дьолум. Гостуруолларга ордук саас уонна күһүн сылдьабын. Саха сирин улуустарыттан Усуйаанаҕа, Үөһээ, Аллараа Халымаларга сылдьа иликпин. Билигин айар үлэбэр барыта этэҥҥэ. Уопсайынан, кыратык бөлүһүөктүүр буоллахха, дьону кытта этиспэккэ, мөкүнү оҥорбокко, күн аайы үчүгэйи ыралана, үлэҕэ-хамнаска эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан сырыттахха, барыта саас-сааһынан бэйэтэ кэлэн иһэр эбит.

Тардыаһым мэһэйдээбэт

— Виталий, олус үчүгэйдик алгыыгын. Аны туран, тардыаскын. Алгыстыыргар мэһэйдээбэт дуо?
– Адьас мэһэйдээбэт, ураты турукка киирэбин. Алгыстаабытым номнуо 12-с сылыгар барбыт. Алгысчыт буолуум эмиэ олус интэриэһинэй. Атаһым дьиэтин малааһыныгар ыҥырда уонна култуура колледжын бүтэрбит киһи алгыс сиэрин-туомун оҥор диэтэ. Мин майгыбынан ээҕи кытта сылдьар киһибин, ол иһин уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, өссө эбиитин алаадьыгын, уот оттор чыыппаан маһы бэлэмнээр диэн сөбүлэһэн кэбистим. Дьэ уонна ууга-уокка түспэтим дуо? Адьас утуйар уум көппүтэ. Мин дьолбор. кэниспиэктэрбиттэн малааһын алгыһын булан, ону үөрэттим. Хас даҕаны күнү быһа хайдах алгыырбыттан саҕалаан, хайдах туттан-хаптан киирэрбин өйбөр оҥорон көрө-көрө кумааҕыга сценарий оҥордум. Ити сценарийбынан дьарыктанным, эрчилинним. Малааһын бырааһынньыгар айгыстан аҕай кэллим уонна, киһи соһуйуох, олус үчүгэйдик алгыстаатым, эбиитин тойугунан ситэрэн-хоторон биэрдим. Кэлбит дьон олус астыммыттара. Хара нэһилиэгэр бэртээхэй алгысчыт уол баар эбит диэн сурах, сонун этэрбэс араадьыйатынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун үрдүнэн тилийэ көтөн кэбиһэр. Итинтэн ыла улууска буолар тэрээһиннэргэ, сыбаайбаларга, үбүлүөйдэргэ ыҥырыкка сылдьар алгысчыт аатын сүгэбин уонна күн бүгүнүгэр диэри алгыстыыбын.
Бу идэбин олус сөбүлүүбүн. Алгыска ыҥырдахтарына, ис-испиттэн оҕолуу үөрэбин, астынабын, сүргэм олус көтөҕүллэр.

Эстрада тыйаатыра

– Эстрада тыйаатырын үлэһитэ буолбатах эбиккин. Онно үлэлиэххин баҕарбаккын дуо? Кэлиҥҥи кэмҥэ саҥа хайысханы тутуһан, испэктээктэри туруораллара олус үчүгэй. Сахалыы дэгэрэҥ ырыалаах туруорууларга кыттыһыаххын сөп буолуо.
– Өркөн миигин Эстрада тыйаатырыгар үлэлии кэл диэн ыҥыра сылдьыбыта. Онуоха ити кэмҥэ Бүлүү улууһугар ый кэриҥэ гостуруоллуу бараары сылдьар буолан, аккаастаабытым. Салгыы умнуллан хаалбыта. Кырдьык, кэлиҥҥи кэмҥэ ырыалаах испэктээктэри туруораллара олус бэрт, дьон-сэргэ сэргээтэ, сөбүлээтэ.

Инники былаан

– Сахалыы дэгэрэҥ ырыаны сэргээччи элбээбитинэн, баҕалаах оҕолору уонна улахан дьону тойуктуурга, оһуохайдыырга үөрэтиэхпин баҕарабын. Бэйэм олоҕум уопутуттан да ылан көрдөххө, кими баҕарар тойуктуурга, оһуохайдыырга үөрэтиэххэ сөп. Саамай сүрүнэ, киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах, баҕарар буоллаҕына, сатанар кыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, саха киһитин этигэр-хааныгар кылыһах уонна дэгэрэҥ ырыа баар. Сөҥөн, уостан сылдьары арыйыахха, уһугуннарыахха сөп.

«Көтөр кынаттарым» айар кэнсиэрим

– Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө кэнсиэртээри сылдьабын. Тоҕо «Көтөр кынаттарым» диэтим? Хас биирдии киһи көтөр кынаттаах. Ол кини төрөппүттэрэ, кэргэнэ, оҕолоро, аймахтара, доҕотторо. Олоххо эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан үчүгэйдик үлэлээн, дьон сыанабылын ылан истэххэ, киһи кыната аһыллан иһэр. Ол аайы киһи саҥаттан саҥаны дабайар. Ону дабатааччыларынан төрөппүттэр, кэргэн, оҕолор, аймахтар, доҕоттор буолаллар.
Кэнсиэрпэр күн күбэй ийэм Светлана Очирова, бииргэ төрөөбүт быраатым Кеша Васильев уонна кини аҕата Владислав Васильев – Кылыһах Уола кыттыахтара, бары ырыаны өрө туппут ымыылаах ырыаһыттар. Быраатым Кеша «ОДьКХ» ГУП-ка отдел начаалынньыгынан үлэлиир. Кэнсиэр режиссера – Наталья Кралина. Сахалыы дэгэрэҥ ырыаны таптааччылары долгуйа күүтэбин.

Олоҕун олуктара

— 1981 сыллаахха Таатта улууһун Харбалааҕар төрөөбүт;
— 1999 сыллаахха Харбалаахтааҕы орто оскуоланы үөрэнэн бүтэрбит;
— 2000 сыллаахха Харбалаахтааҕы 18 №-дээх орто анал үөрэҕи бүтэрэн, бульдозерист идэтин баһылаабыт;
— Кэргэнэ Вероника (экэнэмиис), икки уол оҕолоохтор.

Сэмсэ тыл

Афанасий Федоров, үөрэппит учуутала, алгысчыт:

– Үөрэппит, такайбыт оҕом талаана арыллан, этэҥҥэ үлэлии сылдьарыттан олус үөрэбин. Икки омуктан удьуордаах. Хаан уларыйыыта күүстээх буолар.
Виталий айылҕаттан сырдык тыыннаах, ыраас санаалаах, үтүө майгылаах киһи. Киһи буолан кэскиллэннин, саха буолан сандаардын диэн алгыспын аныыбын.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0