Роман Дмитриев кэриэстэбил күнүгэр, кини аатын сүгэр Олимпийскай эрэл училищетыгар өйдөбүнньүк тэрээһин ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ училище дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Алексей Филиппов, СӨ Спорка миниистирин бастакы солбуйааччы Семен Чердонов, олимпиец Александр Иванов, өрөспүүбүлүкэҕэ спорт салайааччытынан үлэлии сылдьыбыт Афанасий Алексеев, спорт үтүөлээх маастара Василий Гоголев, Дмитриевтэр дьиэ кэргэн доҕордоро Родион Федоров, Москваттан кэргэнэ Антонина Софроновна уонна чугас доҕоро Иннокентий Корякин кытыннылар уонна ахтыылары оҥордулар.
Олимпиец Александр Иванов: «Роман туһунан төһө кыалларынан элбэхтик кэпсиэххэ, суруйуохха, сырдатыахха наада. Ол билигин кыаллыбакка турар. Оҕолор, ыччаттар, училище үөрэнээччилэрэ, хас биирдии тустуук кини туһунан үчүгэйдик билиэхтээхтэр. Биһиги дьиҥнээҕи киэҥник тарҕатыахтаахпыт», — диэтэ.
Оттон Василий Гоголев: «Роман Михайлович — саханы саха дэппитэ. Кини улуу тустуугун таһынан, улуу тренер. Тренер быһыытынан үчүгэйдик үлэлэппиттэрэ эбитэ буоллар, көрдөрүү-ситиһии өссө улахан буолуо этэ. Роман Михайлович кырдьык, норуот киһитэ«, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Роман Михайлович чугас доҕоро Родион Федоров: «Роман Дмитриев пааматынньыга куорат баһылыга А.С.Николаев өйөбүлүнэн атырдьах ыйыгар туруохтаах. Ону үс скульптор кыттыһан оҥоро сылдьар. Ону тэҥэ тустууга уһулуччулаах көрдөрүүнү ситиспит дьоммутугар анаан, Роман Михайлович аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни олохтуохха. Ол буолуо, кини аатын өр илдьэ сылдьарга үйэлээх өйдөбүл. Оҕолор кини туһунан эндэппэккэ билиэхтээхтэр. Ол түмүгэ олимпийскай мэтээл буолуохтаах«, — диэн, итийэн-кутуйан этиитэ дьон болҕомтотун тарта. Родион Иннокентьевич маннык этиини киллэрбитэ хаһыс да сыла, кырдьык, бу этиини туһааннаах салайааччылар толкуйуохтарын, олоххо киллэриэхтэрин сөп этэ.
Оттон мин, биһиги бастакы олимпийскай чөмпүйүөммүт Роман Михайлович Дмитриевкэ биир сүгүрүйээччи буолан туран, кини аатын Тустуу аан дойдутааҕы түмсүүтүн (UWW) Албан аатын саалатыгар туруорсан киллэриэххэ, диэн этии киллэрэбин. Олимпиада кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс мэтээллэрин хаһаайына, аан дойду, Европа, ССРС чөмпүйүөнэ, аан дойду кубогын хас да төгүллээх кыайыылааҕа маннык өйдөбүнньүккэ киирэрэ саамай тоҕоостоох уонна сөптөөх. Маны өрөспүүбүлүкэ салалтата, спорка министиэристибэтэ, тустуу федерацията – Россия спортивнай тустууга федерациятын нөҥүө Тустуу аан дойдутааҕы түмсүүтүгэр туруорсуохтарын наада.
PS: Тустуу аан дойдутааҕы федерациятын быһаарыытынан, спорт бу көрүҥэ сайдыытыгар улахан өҥөлөөх дьону (судьуйалары, тренердэри, номоххо киирбит бөҕөстөрү, тустууну көҕүлүүр салайааччылары) сыллата Албан аат саалатыгар киллэрэллэр. Холобур, былырыын Россияттан, классическай тустууга үс төгүллээх олимпийскай чөмпүйүөн Александр Карелин тренерэ Виктор Кузнецов уонна эмиэ классическай тустууга олимпийскай чөмпүйүөн, аан дойду чөмпүйэнээтин үс төгүллээх кыайыылааҕа Анатолий Колесов ааттара Тустуу аан дойдутааҕы түмсүүтүн (UWW) иһинэн Албан аат саалатыгар киллэриллибитэ. Оттон көҥүл тустууга олимпийскай чөмпүйүөн, аан дойду үс төгүллээх кыайыылааҕа Павел Пинигин аата 2014 сыллаахха маннык өйдөбүнньүккэ киллэриллэн турар.
Петр ПАВЛОВ, “Саха сирэ”, http//edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.