Алексей Уваров: «Муай-тай сахаларга барсар көрүҥ»

Ааптар: 
15.01.2018
Бөлөххө киир:

90-с сыллартан саҕалаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин спортсменнара кикбоксаҕа уонна Муай-Тайга улахан ситиһиилэрдэнэн барбыттара. 2016 сылга муай-тай олимпийскай көрүҥүнэн биллэриллибитэ. Саха сиригэр бу көрүҥ сайдыытын, саха спортсменнара Аан дойдутааҕы таһымҥа тахсар кыахтарын туһунан “Мохсоҕол” кулууп салайааччытын кытта Алексей Уваровтыын кэпсэттибит.

— Муай-тай туһунан билиһиннэриэн дуо?

— Муай-тай былыр Таилаҥҥа муай-боран диэн көрүҥтэн үөскээбитэ. 1927 сыллаахха муай-боран быраабылатыгар бокса бэрчээккэтин уонна риингэ киллэрэн биэрэн муай-тай диэн ааттаабыттара. Арассыыйаҕа 90-с сылларга сайдыбыта. Оттон сахалар 1991 сыллаахтан кикбоксанан дьарыктанан барбыппыт. Ситиһии бөҕөлөммүппүт. Мин 1993 сыллаахха Японияҕа тиийэн Таилааннары кытта муай-тайга киирсэн бараммын, сахаларга олус барсар көрүҥ эбит диэн санаабытым. Саха сиригэр кэлээт, 1994 сыллаахха муай-тайы уонна кикбоксаны дьарыктыыр “Мохсоҕол” кулууп арыйбытым. Бу сылтан ыла Саха сиригэр Муай-Тайы сайыннаран киирэн барбытым.

— Саха сиригэр өссө ханнык кулууптар үлэлииллэрий?

— 1992 сыллаахха Андрей Артамонов салалталаах “Саха Боотур” кулууп тэриллибитэ. Кини иитиллээччилэрэ Иннокентий Макаров, Виталий Шадрин 1993 сыллаахха Тайлаҥҥа тиийэннэр чөмпүйүөн үрдүк аатын сүгэн кэлбиттэрэ. Билигин Саха сиригэр “Мохсоҕол” уонна “Сарыал” кулууп дьаныардаахтык үлэлииллэр. Маны таһынан, Горнай, Ньурба уонна Уус Майа улуустара муай-майынан дьарыктаналлар.

— Муай-тайы спорт ханнык көрүҥүгэр майгыннатаҕын?

— Муай-тай охсуулаах уонна тэбиилээх эрэ буолбакка өссө бырахсыылаах көрүҥ буолар. Ол иһин, муай-тайы хапсаҕайга олус майгыннатабын. Тас дойдуларга муай-тайы “аҕыс илиилээх бокса” диэн ааттыыллар. Тоҕо диэтэххэ сутуруккунан, тоҥолоххунан, тобуккунан, атаххынан тэбэҕин уонна охсоҕун. Ол иһин муай-майы тустубут уонна боксанан эрчиллэ сылдьыбыт дьон түргэнник ылынар.

—  Муай-тай олимпиада көрүҥнэрин испииһэгэр киирбитэ.

—  2016 сыл ахсынньытыгар норуоттар икки ардыларынааҕы Олимпиада кэмитиэтэ муай-тайы уонна черлидины олимпийскай көрүҥүнэн билиммитэ. 2024 сылга Парижка ыытыллар олимпиада былааныгар суруллубуттара. Саха спортсменнара Олимпиадаҕа кыттар чинчилэннилэр. 90-с сыллартан аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиибит муҥура суох. Холобура, Дмитрий Ушканов үс төгүллээх аан дойду чөмпүйүөнэ, Арассыыйаттан соҕотох Тайланд королевствотын сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, кикбоксаҕа уонна муай-тайга Арассыыйа, Канада сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ. Григорий Попов муай-тайга аан дойду, Азия, Арассыыйа чөмпүйүөнэ. Урут Иннокентий Макаров, Виталий Шадрин, Александр Иванов кикбоксаҕа бастыҥнар этэ. Маннык ситиһиилээх сылдьан хайдах киирсиэхпит суоҕай? Билиҥҥэттэн үчүгэйдик үлэлээн, оҕолорбутун Парижка ыытыллар олимпиадаҕа анаан бэлэмнээтэхпитинэ үрдүк ситиһиилэнэр кыахтаахпыт. 

— Саха сиригэр муай-тайы сайыннарарга туох кыһалҕалар баалларый?

— “Мохсоҕол” кулууппун тэрийиэхпиттэн ыла эрчиллэр саала кыһалҕата турар. Бастаан игин-араас сирдэргэ эрчиллэр этибит. Урут дедсадка, СГУ-га, ЯГСХА-ҕа, “Самородок” бассейнҥа дьарыктана сылдьыбыппыт. Бэлиэтээн эттэххэ, “Самородок” бассейнҥа эрчиллэрбит олус үчүгэй этэ. Спорт саала баара. Ол саҕана ситиһии да элбэҕэ. Билигин үөрэппит оҕом “Happy Fit” фитнес кулуубугар миэстэ биэрэн онно дьарыктанабыт. Эрээри маннык эрчиллэн улахан сайдыы тахсыбат. Муай-тай аан дойдуга күүскэ сайынна, үрдүк таһымҥа таҕыста. Арассыыйа атын регионнарыгар муай-тайынан дьарыктанар дьону өйүүллэр. Урут 90-с сылларга Кемерово куораты кытта биһиги кик-боксинынан дьарыктаныыны бииргэ саҕалаабыппыт. Онуоха күрэхтэһиилэргэ кинилэр куруук биһиэхэ хоттороллоро уонна биирдэ аны дьарыктаммат эбиппит дии сылдьыбыттара. Аны билигин кинилэр спорт кэмитиэттэриттэн өйөбүл ылан, туспа дьиэлэнэн-уоттанан, тренердэрэ хамнастананнар, күрэхтэһии бөҕөтүн кэрийдилэр, үрдүк көрдөрүүлэри аҕаллылар. Ол иһин билигин Арассыыйа үрдүнэн Кемеровскай уобалас Дагестаанныын бастыҥнар. Урут сахалар кик-боксиҥҥа күннүү сылдьыбыппыт, билигин оннук хатыланыан баҕарабын. Тайланд, Благовещенскай, Хабаровскай курдук куораттартан уолаттар саха спортсменнарын кытта анаан эрчиллэ кэлэллэр этэ. Дмитрий Ушканов, Григорий Попов миэхэ эрчиллибиттэрэ. Билигин кинилэр аан дойду чөмпүйүөннэрэ, үрдүк таһымнаах спортсменнар. Маннык чулуу уолаттардаах региоҥҥа анал рингалаах, боксерскай грушалаах муай-тай саалата суоҕа олус хомотор. Ол иһин спорт кэмитиэти кытта бииргэ үлэлээн, пэдэрээссийэбитин сөргүтэн эрэбит.  Тренер штатын арыйан, оҕо спорт оскуолаларыгар отделение киллэрэн, улуустарга сайыннаран, оҕо спордун сайыннарарга болҕомто ууран үлэлиирбит буоллар ситиһиибит муҥура суох буолуо этэ.

— Ханнык күрэхтэһиилэри тэрийэҕитий?

— “Рингэ боотурдара” диэн күрэхтэһии тэрийэ сылдьыбытым. Биһиги кулууппутугар дьарыктана кэлбит дьон төрүттэрбитин, өбүгэлэрбитин, сахалар историябытын билэр буолалларыгар кыһаллабын. Билигин күүскэ сайдыбыт булкаастаах киирсиини Саха сиригэр эмиэ биһиги киллэрбиппит. 2001 сыллаахха “Туймаада” стадиоҥҥа Арассыыйа үрдүнэн бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы матчевай көрсүһүү тэрийэ сылдьыбыппыт. Онно аан дойдутааҕы муай-тай пэдэрээссийэтин вице-бэрэсэдьиэнэ Стефон Фокс ыалдьыттаабыта. Ааспыт сыл сэтинньитигэр Белогорскай куоратка Уһук Илин кубогар ситиһиилээхтик кыттан кэллибит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин хамаандатыттан сэттэ оҕо кыттыбытыттан түөрт уол миэстэлэспиттэрэ.

— Муай-тай сайдарыгар туох баҕа санааҕын этэҕиний?

— Спорт саалаҕа маҥнайгыбытын үктэниэхпиттэн ыла баччааҥҥы диэри ситиһиилээхтик үлэлээн кэллибит. Түһүүлэр да, тахсыылар да бааллара. Ол эрээри туох баар ыарахаттары ааһан, элбэх оҕону дьарыктаан таһаардыбыт. Муай-тай сахаларга олус барсар көрүҥ диэн өссө биирдэ тоһоҕолуубун. Элбэх дьоҕурдаах оҕолор билигин эрчиллэ сылдьаллар. Кинилэри өйөөн, дьоҕурдаах көрүҥмүтүгэр үрдүк чыпчааллары дабайыахха. Үлэлээбитим тухары миигин өйөөбүт, муай-тай сайдарыгар сыраларын уурбут дьоҥҥо барылагар махталбын тиэрдэбин.

ЫСПЫРААПКА:

—1969 сыллаахха Дьокуускай куоракка төрөөбүтэ.

— 1994 сыллаахха Саха Государственнай университетын физкультура салаатын бүтэрбитэ.

— 1996 сыллаахтан Арассыыйа муай-тайга пэдэрээссийэтин СӨ-гэр бэрэстэбиитэлэ.

— Кикбоксаҕа СССР спордун маастара, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах РФ спордун маастара, СӨ физическэй култууратын уонна спордун туйгуна, Венгрияҕа ыытыллыбыт кик–боксаҕа аан дойду чөмпүйэнээтин призера, Азия чөмпүйүөнэ, сахалартан профессионалларга бастакы Арассыыйа чөмпүйүөнэ.

—СӨ муай-тай көрүҥү төрүттээччи, “Мохсоҕол” кулууп салайааччыта.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0