Талаан диэн көмүскэ тэҥнээх. Талааннаах дьону көрүстэхпинэ, кинилэрдиин билистэхпинэ, алтыстахпына, миэхэ кинилэр эниэргийэлэрин сырдык сүүрээнэ бэриллибит курдук буолар.
Оннук талааннаах уонна сырдыгынан сыдьаайар дьонунан мин Евдокия, Алексей Левиннэри ааттыахпын сөп. Бу ыал мастан дьиэҕэ-уокка туттуллар иһити-хомуоһу, эт, килиэп быһар мас арааһын оҥорон дохуот киллэринэллэр. Омук сурунаалыгар көстөр курдук оҥоһуктары социальнай ситимҥэ көрөөт, маны оҥорор дьоннуун билсиэхпин баҕарбытым. Евдокиялаах Алексей икки оҕолоохтор. Евдокия Горнай улууһуттан, оттон ыал аҕа баһылыга Алексей Кэбээйи улууһуттан төрүттээхтэр.
КЫҺАЛҔА КЫАҔЫ ҮӨСКЭТЭР…
Биһиги дьиэ кэргэн икки оҕолоохпут. Уолбут тохсус кылааска үөрэнэр, кыыспыт алтыс кылааска. Ыал буолуохпутуттан Дьокуускайга олоробут. Бастакы идэм химик буолар. Урут ХИФУ-га үлэлиир этим. Онтон кыыспыт истибэтин билэн баран, улахан санааҕа ылларбытым. Оччолорго истибэт оҕолору куоракка дьарыктаабат этилэр. Ол иһин мин сурдопедагог идэтигэр Новосибирскайга үөрэммитим уонна кырачааннары кытта үлэлииргэ быһаарыммытым. Ити сыалтан “Шаг в мир звуков” диэн кохлеарнай импланнаах оҕолору чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөһөр Саха сиринээҕи уопсастыбаннай түмсүү тэрийбитим уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго бөлөх астарбытым. Ол саҕана импланнаах оҕолор тустарынан ким да билбэт этэ, кинилэри хайдах дьарыктыырга, үөрэтэргэ үөрэммитим. Кыһалҕалаах барыта Нерюнгрига эрэ барара. Биэс сыл устата бу түмсүүгэ мин бэрэссэдээтэл этим. Онтон кэлин эдэр ийэлэр салгыы үлэлиир буолбуттара. Билигин муусука нөҥүө сайыннарыы, чөлүгэр түһэрии диэн саҥа хайысханы киллэрдибит.
Бу кэлэр сайын 75 буолан Крымҥа дойдулар икки ардыларынааҕы улахан бэстибээлгэ кытта барыахтаахпыт. Кыыспыт атын оҕолортон уратыта суох, хомустуур, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Оттон аҕабыт ИДьМ үлэһитэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
“БААННЬЫКПЫТЫГАР ДА КЫСТЫАХПЫТ…”
Бастаан ыал буолан баран дьиэ-уот кыһалҕатын көрсөн эрэйдэммиппит. Биэс сыл устата куортамтан куортамҥа олорбуппут. Онтон дьоммут көмөлөһөн, куорат эҥээр сир ылан биир сайын устата дьиэ, баанньык, гараас туттан дьэндэппиппит. Оннук күүскэ бэйэбит туспа бас билэр дьиэлэниэхпитин-уоттаныахпытын баҕарарбыт. Гаас ситимин киллэрбэккэ хааллахпытына, баанньыкпытыгар да кыстыахпыт диэн кытаанахтык быһаарыммыппыт, хата, биһиги үөрүүбүтүгэр алтынньы ортото гаас киирбитэ. Ити сыл кирэдьиит бөҕөтүгэр киирбиппит. Оччолорго баан наһаа үрдүк бырыһыаҥҥа харчыны иэс биэрэрэ. Аны аҕабыт эрэ үлэлиирэ, мин инбэлиит оҕобун көрөн олорорум. Ол эрээри, биир сүбэнэн бары уустуктары этэҥҥэ аһарбыппыт. Дьон сиэринэн оҕолорбутун иитэбит, улаатыннарабыт.
«САЛГЫЫ ТУГУНАН ДЬАРЫКТАНАБЫН ДИЭН ТОЛКУЙГА ТҮСПҮТЭ…”
Биһиги умсугутуулаах айар үлэбит – уһаныы буолар. Ити дьыалаҕа биһиги уһуннук айаннаан кэлбиппит диэн этиэххэ наада. Аҕабыт уруккуттан төһө да уһанар буоллар, үлэтиттэн быыс булан ылсыбат эбит этэ. Былырыын биэнсийэҕэ тахсаары сылдьан, салгыы тугунан дьарыктаныан сөбүн туһунан толкуйдаан көрбүтэ. Кини сатыыра диэн уһаныы, маһы кытта эллэһии буолан, уһаныыга сыһыаннаахтан атыны тобулбатаҕа. Уһанар ыстаныагы сэҥээрбитэ, ону сакаастаан атыылаһан ылбыппыт. Аан бастаан эбии дохуот булунаары, оҕо оонньуурдарын, паннолары оҥорор этэ. Олору наар аймахтарбыт, билэр дьоммут атыылаһаллара.
Ол эрээри киһи саҕалаата да идиэйэ бэйэтэ киирэр эбит. Уруккуттан да мин куукунаҕа туһалаах малы-салы, эт быһар дуоскалары оҥоруохпун баҕарарым. Бастаан тиит мас ордугунан боруобаҕа диэн оҥортообуппут. Онтон дууп мас атыыга баарын көрөн онон оҥорор буоллубут. Дууп сыттыын-сымардыын, бөҕөтүнэн-таҕатынан олох оһуобай этэ. Онтон эр санаа ылынан, социальнай ситимҥэ тарҕатан атыылыырга быһаарыммыппыт. Билигин аҕабыт бэйэ дьарыктаах быһыытынан үлэлиир. Биһиги ханнык даҕаны социальнай хантараагынан, судаарыстыбаттан көмө туһамматахпыт. Сакаас күн ахсын киирэр. Уолбут аҕатыгар маһы ыраастыырга, бытархай-оторхой үлэҕэ көмөлөһөр.
ҮЛЭ УМСУЛҔАНА
Биһиги хааммытыгар икки өттүттэн уус, сатабыллаах дьон бааллар. Ол курдук, аҕам Степан Багинов уонна аҕабыт аҕата Иннокентий Левин сүрдээх уус, барыны-бары сатыыр дьон. Кэргэним аҕата Иннокентий Алексеевич уолбут төрөөтүн кытта бу сиртэн бараахтаабыта. Оттон мин аҕам идэтинэн электрик, билиҥҥээҥҥэ диэри дьон бөҕө киниэхэ кэлэн массыыналарын эҥин оҥортороллор, сүбэлэтэллэр. Онон сатабыллаах дьон оҕолоругар син биир ол талаан, сатабыл бэриллэр эбит дии саныыбын.
«Сакаас элбэх киирдэҕинэ, көмө наада буолсу”, — диэн этэр аҕабыт. Тоҕо диэтэххэ, ити оҥорор мастарбыт, иһиттэрбит улахан үлэттэн тахсаллар. Тоҕо эрэ атын киһини үөрэтэн үлэлэтиэҕи эрэммэт курдукпут. Ол иһин сайын уолбут үөрэнэн бүттэҕинэ, илии-атах буолар ини диэн санаалаахпыт. Оҥорор көрүҥмүт элбэх. Мас тэриэлкэлэри, менажницалары, эт быһар мас арааһын, утах уурар кыракый остуоллары о.д.а. оҥоробут. Бородууксуйабыт барыта анал арыынан уонна буосканан сотуллар. Онон киһи куттаммакка, аска-үөлгэ туттар кыахтаах. Оҥоһуктарбытын лаахтаабаппыт. Барыта айылҕа хайдах биэрбитинэн сылдьар. Баҕа санаабыт диэн, киэҥ мастарыскыай уонна оҥорор бородууксуйабытын кэҥэтии. Билигин чааһынай дьиэбит гарааһыгар үлэлиибит. Үлэ умсулҕана санааны кынаттыыр.
Ульяна Захарова.
Хаартыскалар — дьоруойдар архыыптарыттан.