Миэхэ урут оҕо эрдэхпинэ ийэм сурунаал ааҕа олорон «Уля, саҥа үүнэр үйэ талааннаах дьон үйэтэ буолар үһү, киһи илиитинэн оҥорбута сыанаҕа туруо үһү» диэбитин истэн итэҕэйбэтэҕим. Тоҕо диэтэххэ, оччолорго тулалыыр дьонум бары уһаналлар, уруһуйдууллар, барыны бары сатыыллар этэ да, барыта дьоҥҥо босхо эрэ барар быһыылааҕа. Билиҥҥи курдук дьон илиитинэн оҥорбутун умсугуйан атыылаһаары сакаастыылларын өйдөөбөппүн. Оттон билигин чахчы атын үйэ кэлбитин, ол урут ийэм эппитин санаан, дьэ итэҕэйдим. Бүгүн билиһиннэрэр киһим оннук талааннаах дьоннортон биирдэстэрэ.
Хаҥалас улууһун Уулаах Ааныттан төрүттээх Алена Терешкина оҥоһуктарын киһи эрэ умсугуйа уонна хайҕыы көрөр. Лобзигынан мандардаан быһыллыбыт араас кэрэ араамалар, мэтээл ыйыыр тэриллэр, долбуурдар, онтон да атын эгэлгэ оҥоһуктар Алена инстаграмын сирэйигэр толорулар. Кини идэтинэн фотограф. Үс оҕолоох, икки сиэннээх. Покровскай куоракка олохсуйбута 28 сыл буолбут.
ЫМСЫЫРА САНААММЫН ТАЛААНЫМ АРЫЛЛЫБЫТА
Үс сыллааҕыттан бэттэх айар, уһанар дьоҕур арыллыбыта. Оччолорго дьон үксэ фанераттан сахалыы оһуору быһан оҥорор буолбуттарын көрөн, испэр наһаа ымсыыра санаабытым. Ол ордук санаан буолбакка, хайдах эрэ ыраас ымсыы, үтүктүөх баҕа баһыйбыта. Төһө да хаһан да уһанан көрбөтөх буолларбын, бэйэм кыралаан уруһуйдуур буоламмын, ютуб ханаалга көрөн, үөрэнэн барбытым. Үлэлиир тэрилбин атыыласпытым. Хаһан баҕарар буоларын курдук, аан бастаан аймахтарым, доҕотторум сакаастаабыттара. Кэлин арай төрүт билбэт дьонум сакаастаан барбыттарыгар, бастаан наһаа долгуйбутум. Дьон дьонтон истиһэр эбит. Кэлин сакаас син киирэн, оҥоһуктарбын атын улуустарга тиийэ сакаастыыр буолбуттара. Онон киһи туохха эрэ ымсыыра эбэтэр тугу эмит сэҥээрэ көрдөҕүнэ, бэйэтин тургутан көрөрө сөп эбит.
Сүрүн уустуга, билигин Покровскайга фанера матырыйаалы аҕалбаттар, ол иһин барытын Дьокуускайтан атыылаһабын. Элбэх сакаас киирдэҕинэ, дьиэ кэргэним көмөлөһөр. Уруһуйдааһыны уонна уһаныыны дьүөрэлии тутан, оһуор быһан таһаарар саҕа үөрүүлээх суох курдук буолар. Онуоха дьон сөҕө үөрэрэ, махтанара туспа үөрүү. Өссө тугу эрэ саҥаны, үчүгэйи айыах санаа киирэр.
МААЛТААНЫТТАН ТӨРҮТТЭЭХ МАҺЫ ЫЛЛАТАР УДЬУОР УУСТАР
Хас биирдии киһи төрүттээх-уустаах. Өбүгэлэрбититтэн кэлбит, кинилэртэн бэриллибит талаан кыырпаҕа хайаан да бэриллэр эбит. Биһиги төрдүбүтүгэр хос эһээм Егор Семенович Тапыев уус этэ. Маалтааныттан төрүттээх биэс бырааттыы уолаттар маһы ыллатар удьуор уустар эбитэ үһү. Баҕар ол да иһин буолуо, бу талаан кэмэ кэлэн арыллыбыта дуу…
Инбэлиит буоламмын наһаа элбэҕэ суох сакаас ылабын, эбии дохуот буолан көмөлөһөр. Покровскайга чааһынай дьиэҕэ олоробут, онон гарааска анал уһанар сирдээхпин.
Кэлин дьон социальнай хантараак нөҥүө судаарыстыбаттан көмө туһанарын истэбин. Үчүгэйдик сиһилии билэн баран, баҕар, киирсэн көрүөм.
ХАРЫСХАЛЛАР – КӨМҮСКЭЛЛЭР
Төһөнөн сайдыылаах олоххо үктэнэн иһэбит да, дьон дьиҥ сахалыы тыыҥҥа дьулуһара үөрдэр. Ыччат, эдэр ыал үксүн сахалыы харысхаллары сэҥээрэр буолла. Мин хаһан да баһа соҕус сыананы эппэппин. Элбэх оҕолоохторго, инбэлииттэргэ, аҕам саастаахтарга улахан чэпчэтиилэри оҥоробун.
Бэйэм курдук ымсыыран үөрэниэн баҕалаахтар да бааллар. Мин көҥөммөппүн, баҕалаах дьону үөрэтэбин. Чааһынай тэрилтэ буолбатах буоламмын, сакаас ардыгар баар, ардыгар суох. Ыксаабакка, төһөнү кыайарбын ылсан оҥоробун. Августина диэн уһанар дьахтарга ымсыыран үөрэниэхпин баҕарбытым, ол эрэн, бэйэм үөрэнэргэ санаммытым. Сүрүнэ диэн ис сүрэххиттэн оҥордоххо, барыта табыллар эбит диэн санааҕа кэллим.
Саҥа саҕалаан эрэр киһибин дэнэбин. Билбэтим-көрбөтүм өссө да элбэх. Ол да буоллар, дьон сэҥээрэрэ, хайгыыра үөрдэр. Уопсайынан, бу олоххо киһи сүрэҕин баҕатынан тугу сатыырынан дьарыктаныахтаах дии саныыбын. Сүрэҕиҥ, дууһаҥ сытар дьарыга син биир хаһан эрэ ситиһиигэ тиэрдэр. Мин биир да быыстапкаҕа билиҥҥитэ кытта иликпин. Ол эрээри кыттыахтаах кэмим дьэ кэлэн эрэр диэн сэрэйэбин.
Ульяна Захарова, edersaas.ru