Уус Ньаралар дойду былааҕын Афродита хайаҕа таһаарыахтара

10.06.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн Өймөкөөн улууһунааҕы дьахталлар сэбиэттэриттэн, хаалыктаах хаамыы түмсүүттэн уонна ыччат дьонтон 14 киһи  Арассыыйа күнүн көрсө, 2060 м үрдүктээх Афродита хайаҕа Арассыыйа уонна Саха сирин былаахтарын таһаара бардылар.

Александр ТАРАСОВ, https://edersaas.ru

Афродита диэн геологтар ааттаабыттар. Таптал уонна Таҥара хайата диэн сыаналыыллар, онно тахсыбыт дьон ыра санаалара хайаан даҕаны туолар эбит.
Мария Винокурова, Өймөкөөн улууһунааҕы  «Северная заря» хаһыат кэрэспэдьиэнэ, былаахтары таһаарыы кыттыылааҕа:
— Дьиҥэр, хайаҕа сарсын ыттабыт. Бүгүн хайа тэллэҕэр баар быраҕыллан турар хайыһар базатыгар тиийэн хонобут. Сарсыарда эрдэттэн тахсыыны саҕалыахпыт. Дьахталлар атын сиринэн, ол эбэтэр налыы соҕус сиринэн тахсабыт.

Бу тахсыы биир сүрүн сыала-соруга туризмы сайыннарыыга уонна ол быраҕыллан турар хайа базатын сөргүтүүгэ туһуланар. Хайыһар базатын чөлүгэр түһэрии туһунан ыра санаа оҥостубуппут син балачча буолла.
Ыччат дьоммут «Саха сирэ ыччат хараҕынан» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттаары ити тахсыыны устан киинэ оҥоруохтара. Онон, истибиккит курдук, сыал-сорук элбэх.
Түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Арассыыйа күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит.

Александр ТАРАСОВ, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0