Өймөкөөн улууһун Уус-Ньара киинин сүрүн кыһалҕата — өссө сэбиэскэй кэмтэн ханаабаларга уу мустан, киртийэн сытыйыыта буолар.
edersaas.ru
Былырыын улуус киинигэр улахан уйуктаах көлөнөн ханаабаҕа мунньуллубут кирдээх ууну ыраастааһыҥҥа тэрээһиннээх үлэ ыытыллыбыта.
«Уус-Ньара» МТ баһылыга Александр Роданич иһитиннэрбитинэн, бу күннэргэ сайыҥҥы кураан күннэри баттаһан, экскаватор, бульдозер, самосвал көлөлөр уулуссаларынан сылдьан, уу мустубут ханаабаларын ыраастаан эрэллэр.
Маны таһынан оробуочайдар, улахан уйуктаах көлө көстүбүччэ, кыһыны быһа мунньуллубут бөдөҥ тэриллэрдээх бөхтөрү оройуон киинин уулуссаларыттан эмиэ ыраастаан эрэллэр.
Улуус кииннэригэр кэлиҥҥи кэмҥэ бөҕү хомуйууга араас кэккэ ыарахаттар көстөллөр.
Онон кылгас сайыны баттаһа улахан бөҕү ыарахан уйуктаах көлө кыайдаҕына эрэ кыайар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1