Кыайыы күнүгэр Уус Ньара олохтоохторо дьикти көстүүнү бэлиэтии көрдүлэр

Ааптар: 
09.05.2018
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын аҕыс күнүгэр Өймөкөөн улууһун киинигэр «Өйдөбүнньүк чүмэчитин ууруу» кэмигэр Уус Ньара олохтоохторо дьикти көстүүнү бэлиэтии көрдүлэр.

edersaas.ru

Улуус киинин олохтоохторо чүмэчилэри умата ууран баран, дьиэлэригэр тарҕаспакка ким кэпсэтэ, ким хаартыскаҕа түһэ турбуттара.

Онтон ким эрэ: «Көрүҥ, Үрбэ хайатыттан сүүнэ улахан Эйэ Холууба көтөн таҕыста!» — диэн хаһытаабытыттан халлаан диэки көрө түспүттэрэ, кырдьык, этиэхтэн дьикти көстүү тахсан турара.  Айылҕа бэйэтэ былыттан чочуйан таһааран, Эйэ Холуубун пааматынньыгын оҥорбут курдуга. Онтон «Поиск золото» АУо үлэһитэ Надежда Ширяева түһэрбит  хаартыската сонно тута ватсаабынан тарҕана охсубута.

Дьэ, кырдьык, 60-тан тахса араас омук дьоно олорор Өймөкөөн улууһун киинигэр Уус Ньараҕа тутуллубут Арассыыйаҕа үһүс миэстэлээх Кыайыы болуоссатын саамай көстүүлээх пааматынньыгын үрдүнэн дьиктилээхэй көстүү буолла.

Дьон-сэргэ бу көстүүнү  Эйэ Холууба: «Эйэлээхтик олоруҥ. Хаһан да сэрии буолбатын!» — диэбиттии, алгыһын тиэрпитин курдук ылынна.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0