
Бу күннэргэ Уус Майа улууһун Элдьикээн бөһүөлэгэр эһэ киирэн, дьахтарга саба түспүт. Нэһилиэнньэлээх пуун баһылыга Александр Бороздунов этэринэн, дьахтар этэ-сиинэ көҕөрбүт, куурката хайдыбыт. Эһэни өлөрбүттэр.
«Тыатааҕы олохтоох дьахтары баппаҕайынан саайбыт. Кырдьаҕас уонна ыалдьыбыт эһэ эбит, тыаттан сатаан аһаабакка, бөһүөлэккэ киирбит быһыылаах», — диир Бороздунов.
Кини бэлиэтииринэн, бөһүөлэккэ оройуоннааҕы айылҕа харыстабылын уонна тулалыыр эйгэ иниспиэксийэтин исписэлиистэрэ суһаллык кэлэн тустаах аакталары толорбуттар.
Хаартыска: sakhahunter телеграм-ханаалтан.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1