Уус Маайа кийииттэринэн баай

Ааптар: 
15.04.2019
Бөлөххө киир:

Эдьээн национальнай нэһилиэккэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кийииттэр кэлэннэр, эбэҥки норуотун кэлэр кэскилин кэҥэтэн, кэнчээри ыччатын үксэтэн, бэрт дьоллоохтук олороллор.

edersaas.ru

Ол курдук, Абыйтан, Өлүөхүмэттэн, Өймөкөөнтөн, Чурапчыттан, Амматтан, Кэбээйиттэн уо.д.а. араас улуустартан үөрэхтэрин бүтэрэн ананан кэлбит эдэркээн кыргыттары эбэҥки эр хоһууннара дойдуларыгар олохсутан хаалларбыттар. Кэлиҥҥи кийииттэри ыччаттар үөрэх кыһаларыгар билсэн, олохсута аҕалтаабыттар.

Онон манна 38 ыал олохсуйан, нэһилиэк сис ыалларын аатын ылан эрэллэрэ – хайҕаллаах суол.

Соторутааҕыта олохтоох этнокултуурунай киин көҕүлээһининэн, Уус Маайа улууһугар Ийэ сылын чэрчитинэн «Күндү кийииттэр» диэн тэрээһин ыытыллыбыт. Онно сорохтор биир дойдулаахтарын көрөн, соһуйуу бөҕө буолбуттар: «Хайа, бу кини биһиэхэ кийиит дуо?» — диэн. Көр, оннук биир дьиэ кэргэн буолан хаалбыттар, кийииттэр барахсаттар. Бу күн ырыа мааныта ылламмыт, хоһоон бастыҥа ааҕыллыбыт, сэргэх үҥкүү үҥкүүлэммит.

«Ийэ сылаас илиитинэн» быыстапкаҕа араас дьэрэкээн оҥоһук, Алдан Эбэ таастарынан сувенир, көрүөхтэн кэрэ оҕуруонан үлэ, иис­, баайыы, таҥас эгэлгэтэ тэлгэммит.

Эдьээн кийииттэрэ дуо дэтэр, үтүө мааны дьахталлар – нэһилиэк киэн туттуулара.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0