Уус Маайа — Элдьикээн хайысхатынан социальнай паром сылдьар

Бөлөххө киир:

«Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходствота» ПАУо социальнай суолталаах бырайыагы саҕалаата. Ол курдук Уус Маайа — Элдьикээн — Уус Маайа хайысхатынан парому сырытыннаран эрэр.

edersaas.ru

Алдан нөҥүө кытылыгар олорооччулар айанныылларыгар ордук эрэйи көрөллөр. Элдьикээҥҥэ уонна да атын бөһүөлэктэргэ сайыҥҥы өттүгэр айан уустуктардаах. Онон Уус Маайа улууһун баһылыга Александр Антипин көрдөһүүтүнэн, пароходство баржалаах «БТВ-314» буксиры биэрдэ. Билигин суудуна Уус Маайа — Элдьикээн, Элдьикээн — Уус Маайа хайысхатынан сылдьар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0