Уус Маайа Эдьээнин «уоланнара» ситиһии кынаттаахтар

Ааптар: 
15.04.2019
Бөлөххө киир:

Уус Маайа улууһун Эдьээн орто оскуолатын уолаттар тутан олороллор диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо.

edersaas.ru

Бу оскуолаҕа уол оҕону иитиигэ ураты болҕомто ууруллар. Тэрээһиннэргэ барытыгар уолаттар баһылыыр-көһүлүүр оруоллаахтар

Ол, биллэн турар, учууталлартан саҕыллар. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, саха тылын учуутала Ирина Винокурова «уоланнары» дьарыктаабыта уонча сыл буолла. «Уоланнар» бөлөхтөрө ханна тиийэн кытталлар да, өрүү ситиһии көтөллөөхтөр.

Бэтэрээн-учуутал бэйэтин күннүгэр ситиһиилэрин суруна сылдьар эбит. Ол онтон манныгы ааҕан биллим: «Быйылгы «Уоланнар ааҕыыларыгар» биһиги 5-­с сылбытын кыттан кэллибит. Туһугар, бэйэтэ эмиэ кыракый үбүлүөй диэххэ сөп. Уолаттарга маннык тэрээһиннэргэ кытталлара үөрүүлээх уонна… кэтэһиилээх. Кэтэһиилээх да, оччонон күндү эбит дии саныыгын. Биһиги уолаттарбыт А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Оттоку олук алгыһа» айымньытынан «Саҥа үйэ киһитэбин» диэн тиэмэнэн кыттан, быйыл да ааттарын түһэн биэрбэтилэр, лауреат үрдүк аатын ыллылар уонна «Кэскил» лааҕырга атырдьах ыйыгар сынньанан кэлэргэ путевканан наҕараадаланнылар» (2015 сыл).

«Уолаттар бары суруйааччы да буолбаталлар, улуу поэттар хоһооннорун ааҕаллара ис иэйиилэрин уһугуннарара саарбаҕа суох. Оскуоланы бүтэрэн устудьуоннуу сылдьар уолаттарбыт салгыы уран ааҕыынан дьарыктаналларын истэн үөрэбит. Ол аата бу бырайыак оҕо сайдыытыгар туһалаах эбит. Куонкурус туһунан аҕыннахха, быйыл биһиги бөлөхпүтүгэр түөрт саҥа уол киирдэ. Саҥа киирбит оҕолор долгуйаллара ханна барыай, ол да буоллар I истиэпэннээх дипломант, «Сонун дьүһүйүү» бэлиэнэн Андрей Трофимов I (11 кылаас) «Хомоҕой ааҕааччы» мэтээлинэн уонна «Кэскил» лааҕырга путевканан наҕараадаланан үөрүүм улахан» (2016 сыл).

«Быйылгыттан «Уол күнэ» баар буолара олус үөрүүлээх. Саха былыр-­былыргыттан уол оҕону, эр киһини наһаа үрдүктүк тутара. «Уол төрөөтөҕүнэ, хара тыаҕа суор үөрэр», — диэн уос номоҕо баар. Кырдьык даҕаны, уол оҕо барахсан санаатын эрэ уурдаҕына, тугу барытын кыайарын өбүгэлэрбит сөпкө да өйдүүллэрэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ норуоппут итэҕэлгэ сүгүрүйэр буолан, үтүө үгэстэрбитин тутуһарбыт олоххо көстөр буолла. Уол оҕо иитиитэ бу уустук кэмҥэ, кырдьык да, ыарахаттардаах диэххэ сөп. Урукку курдук оҕону тыа сиригэр үлэнэн ииппэт, булдунан дьарыктаабат буоллубут. Хата спордунан дьарыктаналлар да, онно да уол барыта хабыллар буолбатах. Ол инниттэн уол оҕону уопсастыбаҕа дьоһуннаахтык тутта-­хапта, саҥара­-иҥэрэ сылдьар үөрүйэхтэригэр уһуйабыт.

Ол сыалтан биһиги оскуолабыт уолаттара «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» диэн бөлөҕүнэн ааҕыы бырайыагар кыттыһан, сэттис сылбытын «Уоланнар ааҕыыларыгар» кыттан кэллибит. Бырайыагы «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» төрүттээбит Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай интернат-оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала Акулина Кузьмина тэрийбитэ. Саха сирин үрдүнэн тэнийэн, бу бырайыак сыллата сайдан, тэтимирэн иһэригэр  биһиги, бу  ааҕыыларга оҕолорбутун кытыннарар   салайааччылар истиҥ махталбытын тириэрдэбит. Уоланнар саха суруйааччыларын хоһооннорун ааҕан, кэрэни кэрэхсиир, бэйэлэрин омук быһыытынан киэн тутта улааталларыгар иитэр сүдү суолталаах бырайыак». (2017 сыл). 

Быйыл кулун тутар 23 күнүгэр Дьокуускайга Роман Дмитриев аатынан Олимпийскай резервэ училищетыгар ыытыллыбыт  бөлөҕүнэн ааҕыы күрэҕэр  Эдьээн «уоланнара» үгэс быһыытынан кыттыыны ыллылар.

Бу туһунан РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ Ирина Винокурова бу курдук кэпсиир:

Барыта 169 кыттааччы, сүүрбэччэ бөлөх икки группанан хоһоон ааҕан доргуттулар. Биһиги ааҕыыларбытыгар үс сыл кыттыбыт бастыҥ ааҕааччыбыт  Василий Кондаков дьүүллүүр сүбэҕэ баарын көрөн олус үөрдүбүт. Суруйааччы Николай Винокуров-Урсунтан, СӨ үтүөлээх артыыһа, уус-уран ааҕыы маастара Зоя Багынановаттан саҕалаан,  учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт преподавателлэриттэн, аҕалар, ийэлэр лигаларын чилиэннэригэр тиийэ уонча  киһи дьүүллээтэ. «Уоланнар ааҕыылара» сыл аайы таһыма  үрдээн иһэрэ киһини үөрдэр.

     Быйылгы ааҕыыларга, өрүү да буоларын курдук, Нам улууһуттан саха-французскай лицей  уолаттара иннилэрин биэрбэтилэр. Гран-При аатын, лауреаттар — ити лицей иккис бөлөҕө уонна Хатыҥ Арыы оскуолатын уолаттара буоллулар. Биһиги бөлөхпүт «III cт. дипломант» бочуоттаах ааты ылла.  Биһиги биир дойдулаахпыт, эбэҥки талааннаах бэйиэтэ Дмитрий Апросимов хоһооннорун улахан тэрээһиҥҥэ аахпыппытыттан үөрүүбүт икки бүк улахан. «Кэскилээх ааҕааччы» аатын 8 кылаас үөрэнээччитэ Костя Скрыбыкин ылан, аны күһүн Москва-Санкт-Петербург куораттарынан күүлэйдиир босхо путевканан, мэтээлинэн наҕараадаламмыта барыбытын астыннарда. Онон Костябытын үрдүк ситиһиитинэн бөлөхпүт аатыттан өссө төгүл эҕэрдэлиибит, ситиһиини, доруобуйаны баҕарабыт.

Өрөспүүбүлүкэ ааттаах-суоллаах оскуолаларыттан хаалсыбакка,   Ким Абрамовка (11кыл.),  Игорь Хартасовка (11кыл.),  Стас Атласовка (10 кыл.), Ян Винокуровка (10 кыл.), Рустам Бачьевка (9 кыл.),  Костя Скрыбыкиҥҥа (8 кыл.),  Артем Афанасьевка (7 кыл.) дьоһуннаахтык, ситиһиилээхтик кыттыбыттарыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Бу курдук, төрөөбүт Уус Маайаларын, тапталлаах Эдьээннэрин аатын дорҕоонноохтук ааттата турдуннар! 

Кырдьык, уолаттар сыл аайы маннык суолталаах ааҕыыларга кыттар буолан, өрөспүүбүлүкэҕэ кинилэри номнуо: «Эдьээн уоланнара» дуо?» — диэн билэр буоллулар. Бу олус улахан сыанабыл. Кытаатыҥ, Эдьээн уоланнара, бүгүҥҥүгүт курдук, ханна да тиийдэргит, айар аартыккыт аһыллан истин, төрөөбүт Уус Маайаҕытын инники күөҥҥэ тута сылдьыҥ!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ уонна учуутал Ирина Винокурова архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0